Олунньу 20 кунугэр «Туллук» орто болох оголоругар А5а дойдуну комускээччилэр куннэрин бэлиэтээтибит. Пестряков Герман хамандыырдаах военно-патриотическай хаамыыны кордубут.
Таабырыннары таайыстыбыт, хоьоон эттибит, ырыа ыллаатыбыт, «Хартыынаны ким тургэнник таьаарар» курэх буолла.
Уолаттарбыт 2 хамаандага арахсан военно-спортивнай оонньуулары ооонньоотулар.
Кыыс о5о – олох сибэккитэ, олохпут кэлэр кэскилэ, айыл5абыт киэргэлэ. Кулун тутар 3 кунугэр «Туллук» орто болоххо кыргыттар куннэрин корсо «Ньургуьун ыьыага» диэн бырааьынньык олус учугэйдик ааста.
"Баай Байанай нэдиэлэтэ»
Баай Байанай – тыа иччитэ, тыа кыылын-сүөлүн барытын бас билэр, ол иһин наһаа баай, үөрүнньэҥ, сайаҕас майгылаах, өлгөм-дэлэй биэриилээх. Баай Байанайга булчут киһи үҥэр–сүктэр. Баай Байанай сиэри-туому тутуһар дьоҥҥо өрүүтүн көмөлөһөр.
Сэтинньи ый 24 күнүгэр «Туллук» болоххо Баай Байанай» бырааhынньыга буолан ааста. Нэдиэлэ устата араас тэрээһиннэр ыытылыннылар: быыстапкалар, хамсаныылаах, оҕону сайыннарар оонньуулар, бэсиэдэлэр, дьарыктар.
Баай Байанай лэпбук оноьулунна- мас холбуйа онордубут.