Конспекты занятий и сценарии

Константинова Ульяна Юрьевна

сценарии и занятии

Скачать:


Предварительный просмотр:

Боро уонна сэттэ козел о5олоро- остуоруйа

ОстуоруйаҺыт:  ыккый ойуур аттыгар

Хатың – чараң быыҺыгар көмүс үрүйэ биэрэгэр

Солко алаас са5атыгар

Олорбуттара эбитэ үҺү

Кылбаа маңан ньыл5аа түүлээх,

Кыңкыр – лыңкыр куоластаах,

Намыын,хоҺуун бэйэлээх,

Кэрэ –үтүө майгылаах

Коза – Ийэ барахсан,

Куннэ кордорбут комустэрин,

Сэттэ коза о5олорун

Олус куускэ таптыыра,

кунун ахсын аьатара,

солко оту ургуурэ,

ыраас ууну иьэрэ

ыанар ууту а5алара

коза: (музыканнан ункуулуур)

о5олорум барахсаттар

олус сэрэнэн олорун,

оонньуу мээнэ суурумэн,

орой мэник буолуман

аара суолга боро туокун

аалынныыра иьиллэр

анны манна онойуо

ааны хаты сылдьаарын.

1 коьуол:  ийээ эн баран аьаа

Куттаныма долгуйан

Улахаммын, куустээхпин,

Бырааттарбын комускуом.

2 коьуол:  биьи бары эйэлээх

Коза о5олоро буолан

Эппит тылы толорон

Ийэбитин куутуохпут

3 коьуол:  эн куоласкын билэбит,

Туйах тыаьын истэммит

Сур боро5о ааммытын

Олох – олох аспаппыт

Ийэ: о5олорум барахсаттар,

Улааппыккыт эбит дии

Кунум уоьээ ойон эрэр

Куох алааспар бардым мин (тахсар)

4 коьуол:  чэй о5олор оонньуо5ун

Куобах куобах курдук ойуо5ун

Харах симсэн ылыа5ын,

Сырсыалаьа сууруо5ун

5 коьуол:  ааны аьан таьырдьа

Токунуьэн ылыа5ын

Кун уотугар таалалаан

Куох окко сытыа5ын.

6 коьуол:  кутас куобах уьубуон

 сур бороттон куттанар

коза уола буолабын

муостаахпын да туйахтаахпын.

7 коьуол:  тохтоон – тохтоон о5олоор,

оонньообуппут о5ус буолуо,

ийэбит эппит кэс тылын

Толоруо5ун, до5оттоор!

(ааны тонсуйаллар)

Боро:  чэйин, эрэ, о5олоор!

Ааны аьа охсун даа,

Элбэх ууту а5аллым

Аччыктаатым олуьун!

О5олор:  суох – суох, аспаппыт.

Биьиги ийэбит ити курдук ыллаабат уонна куолаьын олох атын.

Остуоруйаьыт:  о5олор ааны аспаттар

Боро онтон кыьыйар

Мас анныгар хор5ойор

Ийэлэрин кэтэьэр.

  Ийэ – коза тыаттан кэлэр уонна ыллыыр.

Ийэ:  О5олорум барахсаттар!

Ааны аьа охсун даа

Солко оту сиэн кэллим,

Ыраас ууну иьэн кэллим

Ыанар ууту а5аллым.

Музыка тыаьыыр о5олор ааны аьаллар, ийэлэрэ о5олорун аьатар, уонна эмиэ аьыы тыа5а барар. Боро сыбдыйан кэлэн ийэлэрин куолаьынан ыллыыр, ааны тонсуйар.

Боро:  О5олорум барахсаттар!

Ааны аьа охсун даа

Солко оту сиэн кэллим,

Ыраас ууну иьэн кэллим

Ыанар ууту а5аллым.

Кыра козленок  аан аннын корор.

Остуоруйаьыт:

Боро дьиэ5э котон туьэр

О5олору тутан ылар

Ытаабакка ыйыстар

Топпут бор утуйар,

Муннун тыаьа муора5а,

Кохсун тыаьа куйаарга,

Арай кыра коза уола

Оьох диэкки ыстанна

Олус куускэ куттанна

Онно туьэн быыьанна.

Ийэ коза тыаттан кэлэр .

Остуоруйаьыт: коза ийэ уорэн котон

Солко оту тото сиэн

Ыраас ууну ыймахтаан

Ыанар ууту а5алар

О5олорун олус ахтан

Ырыа ыллаан ынырар,

Ийэ: О5олорум барахсаттар!

Ааны аьа охсун даа

Солко оту сиэн кэллим,

Ыраас ууну иьэн кэллим

Ыанар ууту а5аллым.

Осуоруйаьыт:  аана аьа5аьын короот да

Алдьархайга тубэстэ

Дьиэ5э киирэн олорон

Ытаан соноон айманна,

Кыра уола оьохтон

Суурэн кэлэн кэпсээтэ.

1 коьуол:  ийээ- ийээ боро албыннаан

Эн куоласкын албыннаан

Убайдарбын бобо тутан

Сиэн кэбистэ ыйыстан

Музыка тыаьыыр. О5олоох ийэ иккиэн ытаьаллар. Музыеа уларыйар лыахтан котон кэлэллэр. Ункуулууллэр.

Лыах:  истиий истиий до5оруом!

Коза ийэ ытыыр дии

Боро туокун албыннаан

Ийэ буолан кубулунан

Ийэ тылын истибэтэх

Орой мэник о5олору

Сиэбит быьылаах

Лыах: манна чугас улэлиир

Масс кэрдээччи дьоннору

Ынырыахха, быыьыахха

Коза – Ийэни уордуоххэ ( бараллар)

Музыка тыаьыыр . масс кэрдээччилэр киирэллэр, ункуулууллэр.

1 Мас кэрдээччи: коза ийээ ытаама,

О5олоргун быыьыахпыт

Эмиэ бары бииргэ буолан эйэлээхтик олоруоххут.

2 Мас кэрдээччи: боро туокуну кыйдаан

ыраах ыраах ууруохпут

Анны манна олох – олох

Кэлбэт гына ыытыахпыт.

Быыс кэнниттэн бары тахсаллар. Борону уурэллэр.

Ийэ: махтал буоллун эьиэхэ

О5олорбун быыьаабыт дьонно

Оруу маееа сылдьаарын

Кунду ыалдьыт буолаарын.

О5олор бары ыллыыллар.

Кун кубэй ийэбин

Олус куускэ таптыыбыт

Эн сылаас мичээрин

Кун курдук сыдьаайдын

Эн эппит тылларгын

Бол5ойон истиэпит

Хомотор хоргутар

Тыллары умнуохпут.

Остуоруйаьыт:  ити курдук, о5олор,

Остуоруйа манан бутэр,

Дьоллоох коза о5олорунаан

Эйэлээхтик олороллор,

Утуо – кэрэ майгылаах,

О5олоро улааталлар,

Бол5омто5утугар махтанабыт.



Предварительный просмотр:

                                                       Дьарыктаныы конспега

                                            Бэлэмнэнии болох о5олоругар

                                             «Эьэлээх боро иирсээннэрэ»

Темата: Николай Якутскай остуоруйатыгар оло5уран о5о айар дьо5урун сайыннарыы

Сыала: Николай Якутскай  остуоруйаларын билиьиннэрии, оло5ун – айар улэлэрин кэпсээьин, о5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы.

Тэрээьин чаас: слайд оноруута, инсценировка5а бэлэмнээьин , айымньыларын уорэтии.

Сурун чаас: - Н. Якутскай оло5о – айар улэтэ. (слайд кордорооьунэ).

                       - боппуруоска эппиэттэр.

Чинэтии

 Тумук.

Туттуллар тэриллэр:  интерактивнай дуоска, музыка, маскалар, кинигэлэр, суруйааччы портрета, инсценировка5а туттуллар тэриллэр.

О5олору бэлэмнээн олордуу.

Музыка тыаьыыр (айылза фона). Озолоор, аны билигин биьиги айыл5а5а сынньана тахсыа5ын. Ойуурга ханнык кыыллар олороллоруй? (о5олор эппиэттэрэ). Бары туруоххайын уонна кыыллар курдук сыбдыйан хаамабыт, торо5он боро курдук тургэнник суурэбит, тот эьэ курдук утуйан тахсабыт.

(Александра Анатольевнаны корсо туьэллэр) – Хайа о5олоор утуо кунунэн, манна о5олор ыалдьыттыы кэллигит дуо? (о5олор эппиэттэрэ)

                          Ульяна Юрьевна -  Дорооболорун о5олор!

Бугунну дьарыкпытын са5алыыбыт. Николай Гаврильевич Золоторев – Николай Якутскай (фото) Сахабыт сирин биир бодон суруйааччыта. Кини 1908 с. Уоьээ булуу Харбалаа5ар сэтинньи 22 кунугэр торообутэ. Айымньылара олус умсугутуулаахтар, интэриэьинэйдэр.

Н. Якутскай о5олорго аналлаах остуоруйаларлаах (кинигэ кордоруу) . ол курдук бугун «Эьэлээх боро иирсээннэрэ»  диэн остуоруйатыгар оло5уран  о5олорбут исценировка кордоруохтэрэ.

Боппуруос. 1. О5олоор остуорйа диэн тугуй?

Эппиэт: норуот бэйэтин ба5атынан , эрэлин , оло5ун – дьаьа5ын туьунан этэр кэрэхсээн иитиллэр, дьикти дьиибэ фантастическай кэпсээннэрэ ааттанар.

2. остуоруйа хас коруннээ5ий?

- дьиктилээх алыптаах,

- олох – дьаьах

- хамсыыр харамай.

3. Н. Якутскай оссо ханнык остуоруйалардаах эбитий?  (куобах кутуруга, куоьахтаа5ар куттас  уо. Д. а)

        

«Эьэлээх боро иирсээннэрэ»

    Автор: - «Муот минньигэс уьу»- диэн кэпсээн эьэ кулгаа5ар тиийбит. Ону истээт, эьэ, муот булан сиэри, тыаны кэрийэ испит. Ол иьэн, сур борону корсо туспут.

Боро: - Убайым эьэкээн, бу ханна бардын?

Эьэ: муот минньигэс дэьэллэр ээ, ону булан амсайдарбын диэн, ойууру кэрийэ сылдьабын.

Боро: - минньигэстэн миигин батарыми.

- косторо буоллар, эмиэ то5о м атардахпыный. Хата, барыах, ба5ар, булуохпут.

Автор: муот булан сиэри, иккиэ буолан баран испиттэр. Арай ол истэхтэрин, уоьэ муоттээх ынырыалар санарбааллараллара дыыгынаан иьиллибит. Чуор мунутаан, ону эьэ иннинэ сур боро истибит.

Боро: тохтоо  эрэ, ханна эрэ чугас муоттээх ынырыалар бааллар ээ, бада5а, - боро до5орун эьэни тохтотор.

Эьэ: иьиллиэх … ханна санарсаллар эбитий?

Автор :  Иккиэн иьиллээн хороьон олорбуттар

Боро: истэ5ин дуо?.. ити мунур тоболоох маска санарсаллар дии.

Эьэ: мин тахсан коруум эрэ

Автор: ол тахсан корбутэ, тиит кондойугэр туох эрэ буруоран турар эбит. Эьэ ону кынастаьа – кынастаьа одуулаьа турдазына, боро алларааттан ыйытар.

Боро: - Убайыккаамам, муот костор дуо?

Эьэ: - быьыыта, баар.

Боро: тоьо улаханый?

Эьэ: эн тобон са5а борооххой тогурук баар дии.

Боро: муот буолуо ыла о5ус!

Автор: эьэ мас кондойугэр илин баппа5айын батаран анньар да, тигээйилэр уйаларын иьиттэн ыьыллантахсаллар да, эьэ сирэйин – хара5ын сытыы иннэлэринэн тигэн, кутаа уотунан куталлар.

Боро: - миигин матарыма! Бэйэн со5ото5ун эрэ сиэн эрэ5ин!

Автор: ол тарбачыьа сытта5ына эьэ муччу туттан, уоьэттэн сууллан туьэр. Ол туьэригэр борону илин баппа5айынан кэтэххэбиэрэр.

Боро Айаккаа!... со5ото5ун мин булбут муоппун сиэн баран , аны бэйэбин кырбыырын хаалбыт дии,

Эьэ: бу туох буоллун? Тохтоо!

Автор: эьэ до5орун борону буойа сатыыр да, хата, боро истибэт

Боро: муоппун уоран сиэн бараннын. – дии дии эьэни тырыта тыытан барар.

Эьэ : муот суох, тигээйи уйата эбит… тохтоо!

Автор:  эьэ ойдото сатыыр да, хата, боро истибэт. Эьэ, онтон ыксаан, биир титиригин булгу тардан ылар уонна борону курбуулаабытынан барар. Дьэ онтон ыла ити боролоох эьэ олор остоохтуу буолбуттара уьу.

Остуоруйаны уруьуйдаа?

Тугу ордук ойдоон хааллыгыт?

Манан дьарыктаныыбыт тумуктэнэр.

Чинэтии: дбарык ханнык тугэннэрин интэриэьиргээтигит?

Тумук: ити курдук биьиги суруйааччыларбыт олус учугэй остуоруйалардаах, айымньылардаах эбиттэр. Ол курдук Н. Якутскай остуоруйаларыгар киьи элбэххэ уорэниэн соп.



Предварительный просмотр:

Ийэттэн торууллэр генийдэр, геройдар.

Араас талба талааннар .

Инник диэн туран,кэрэчээн кыргыттарбыт талааннарын коруо5ун, сэргиэ5ин. Дохсун ытыс тыаьынан круо5уц.

Кустуктана котоллор кыра мааны кыргыттар. Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах кустуктанар котор кыргыттары истиэ5ин, сэргиэ5ин. Бастакы туьумэхпитин са5алыа5ын.

Саха мындыр, тобуллазас ойдоо5унэн биллэр аатырар. Биьи кыргыттарбытда5аны онтон хаалсыбаттар, араас ыйытыыларга толлубакка эппиэттиэхтэрэ.

Сирбитин уоппутун киртиппт туьуттан, кризистэн кохтоохтук тахсарга ыныраллар биьиги иэлэрбит.

Коруо5ун эрэ бука бары, араас матырыйаалтан оноьуллубут, тигиллибит кыргыттарга анаан  ийэлэр тикпит муодаларын. Дохсун ытыс тыаьынан корсуо5ун.