Мои разработки
Олоҥхону Юнеско организацията саха норуотун баайынан, шедевр диэн билиммитэ. Биьиэхэ, саха норуотугар Олоҥхобут - тылбыт баайа, төрүт култуурабыт, олохпут төрдө, өйбүт-санаабыт олоҕо буоллаҕа. Олоҥхо сүрүн өйдөбүлэ, тыла өһө биһиги хааммытыгар, геммытыгар түҥ былыргыттан иҥэ сылдьар дии саныыбын. Атын омуктардааҕар олоҥхо өйбүтүгэр чэпчэкитик киирэр. Чинчийээччилэр норуот тылынан уус-уран айымньыта, чуолаан олоҥхо киһиэхэ эргиччи дьайар, айылҕаттан бэриллибит ис кыаҕы уһугуннарар, сайыннарар кыахтааҕын бэлиэтииллэр. Бэйэм оҕо иитиитигэр үлэлиирим быһыытынан ити боппуруос улаханнык интэриэһиргэппитэ. Ол курдук олоҥхону биһирээччилэр үлэлэрин ааҕан, үөрэтэн көрөн, тус үлэбэр туһанан оҕо сааһыгар сөп, тиийимтиэ тылынан бэриллибит оҕолорго анаммыт олоҥхолор улахан иитэр-үөрэтэр күүстээхтэр диэн санааҕа кэллим. Олоҥхо өй-санаа, тыл-өс сайдыытыгар эрэ дьайар буолбатах. Олоҥхо оҕо, киһи эт-хаан өттүнэн сайдарыгар эмиэ улахан оруоллааҕа саарбаҕа суох. Холобур, кыталык кынталдьыйан хамсаныытын, дьөһөгөй оҕотун – сылгы барахсан эрчимнээх хаамыытын-сүүрүүтүн, төрүт омукпут хамсаныылаах оонньууларын, күүстээх бухатыырдар, сымса кыыллар буола оонньоон оҕо этэ – хаана эрчиллэр, доруобуйата чэбдигирэр. Олоҥхо хамсаныыларын, хамсаныылаах оонньууларын көмөтүнэн оҕоҕо олоҥхону билиһиннэриэххэ сөп, олоҥхоҕо оҕо интэриэһин үөскэтэн, этин - сиинин бөҕөргөтөргө, тылын саппааһын байытарга олус туһалаах. Хайа баҕарар киһи аахпытын, истибитин, үөрэппитин оҥорон, тутан хабан көрдөҕүнэ чиҥник өйүгэр хатанар. Итини этэн туран билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ биһиги төрүттэрбит оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарар үгэстэрин физкультура үлэһиттэрэ эмиэ туһаныахпытын сөп.
Оҕолор олоҥхону кыра эрдэхтэриттэн сэҥээрэн истэн кини дьоруойдарыгар майгынныы, күүстээх-уохтаах, сымса, тулуурдаах, булугас өйдөөх бухатыыр, нарым-намчы кыыс буолар баҕаларын оонньууларын нөҥүө көрдөрөллөр. Хас биирдии норуокка омугун төрүт оонньуурдара уонна оонньуулара бааллар. Сахаларга мас, туос куукулалар, сылгы сиэлинэн, балык, көтөр, кыыл уҥуохтарыттан оҥоһуллубут оонньуурдаахтар. В.Л.Серошевскай «Якуты» диэн үлэтигэр үчүгэйдик сырдатан турар. Уолаттар ох саанан ыта, ураһа, сохсо оҥоро үөрэнэллэр, күрэхтэһэн эт-хаан өттүнэн сайдаллар. Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн ити оонньуурдарынан оонньоон айылҕаларын кытта алтыһан, айылҕаларын өйдүү, убаастыы, кинини кытта быстыбат сибээстээхтэрин, доруобуйаларыгар улахан оруоллааҕын өйдүү-сыаналыы улааталлар.
Истибит олоҥхолорун дьоруойдарын быһыыларын, хамсаныыларын үтүктэ оонньууллар. Хайдахтаах курдук булугас өйдөөх, күүстээх-уохтаах, эр санаалаах бухатыырдар (Ньургун Боотур, Эрчимэн Бэргэн…), кинилэр курдук буола сатыыллар, куһаҕаны, мөкүнү араара үөрэнэллэр. Баҕаларын сөпкө туһанан, кэмигэр ыйан биэрэн саха оҕолорун түҥ былыргы төрүттэрин кытта сибээстэрин сөргүтэн, олохсутан үтүө дьон буоларга иитэр биһиги төрөппүт, иитээччи быһыытынан сүрүн сыалбыт-сорукпут.
Ити сыалтан маннык хамсаныылаах оонньуулары толкуйдаан үлэбэр туһанабын
Оҕолор эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар маннык хамсаныылаах оонньуулар олус туһалаахтар. Оҕо оонньуу сылдьан бары өттүнэн сайдар.
- Аллараа дойду олохтооҕо уонна дьөһөгөй оҕолоро – илиини сиртэн араарбакка түөрт атах буолан эбэтэр аттыы сылдьан бэйэ бэйэҕэ кэтиллибэккэ сүүрэргэ, сымсатык туттар дьоҕуру. Сис, илии былчыҥнарын сайыннарыы.
- Кутуйахтар уонна кырынаас (орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор олоҥхоттон) – кэтиллибэккэ сүүрэргэ, хамсанарга үөрэтии, түргэн-сымса буоларга эрчийии.
- Быыра Баадьай бухатыыр уонна тигээйилэр – түргэнник сүүрэргэ эрчийии, сымсатык хамсанар дьоҕуру сайыннарыы. Икки варианнаах. Ол курдук бастакы – Тигээйилэр, тоҕо иһийэн сытаҕыт, ооннььуу –күлэ таарыйа күүстэ холоһуоҕуҥ диэн баран тигээйилэри эккирэтэр. Иккис- киэҥ зааллаахтарга барсар – Тигээйилэр Быыра Баадьайы эккирэтэллэр.
- Тоҕус былас суһуохтаах Туйаарыма Куону быыһаа – бастакы вариант – ким түргэнник, маныы сылдьар абааһыга туттарбакка Туйаарыма Куоҕа сүүрэн тиийэр эбитий диэн. Иккис – араас моһоллору туораан быыһыыллар. Түргэнник сүүрэр дьоҕуру сайыннарыы, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы, дьулуурдаах буоларга иитии.
- Боотурдар (бухатыырдар) күрэхтэрэ - оҕолор саастарыгар, кыахтарыгар сөп түбэһэр сорудахтары толоруу.
- Кыталыктар уонна элиэ. Ориентировка в пространстве, түргэн сымса буоларга эрчийии.
- Дьөһөгөй оҕото – болҕомтоҕо оонньооһун. Толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы. Сүүрдэ, эбэтэр сиэллэ – сүүрэллэр, аһыыр – атахтарынан хаары хаһар, ойдо – ойор, атаралыыр – ойуокалаан сүүрэр, хаамта – атаҕын өрө көтөҕөн хаамар.
- Күүстээхтэр күрэхтэрэ- мас тардыһыыта
- Бэргэн булчут – табыгас, сымса буол