Умсулҕан

Ырыа-үҥкүү аргыстаах "Умсулҕан" ансаамбыл кинигэтигэр киирии тыл.

Онлайн-тренажёры музыкального слуха
Музыкальная академия

Теория музыки и у Упражнения на развитие музыкального слуха для учащихся музыкальных школ и колледжей

Современно, удобно, эффективно

Посмотреть >


Предварительный просмотр:

Умсулҕан – кэрэҕэ тардыһыы, үтүөнү үксэтии

        Киһи Орто дойду олоҕун киэргэтэн, симээн, айан-тутан, ыһыах добун оһуохайын курдук кэрэ, күргүөмнээх, мааны олоҕу олороро дьол. Хас биирдиибитигэр оннук кыах бэриллэр эбээт...

        Ааҕааччы! Бүгүн илиигэр тутан олорор кинигэҥ чэпчэкитэ суох үлэ, оҕо-сиэн, дьиэ-уот күннээҕи түбүгүттэн ордон, ырыа, үҥкүү долгураҥар ылларбыт, кэрэни кэрэхсиир, “Умсулҕан” бөлөх Далбар Хотуттарын, (Эр Хоһууттарын) туһунан.

        Хайдах саҕаламмытай, бу түмсүү? 2019 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Саха АССР оскуолаларын бүтэрбит выпускниктар батсаап бөлөҕүн тэринэр хамсааһыннара күргүөмнээхтик саҕаламмыта. 1980 сыллаахха бүтэрбит оҕолору лидер Охлопкова Саргылаана Михайловна бөлөх тэрийэн, түмэ тардыбыта, барыбытын биир сыалга сирдээбитэ. Бэйэ-бэйэни билсиһэн, араас сиртэн мустубут дьон ким, туох дьоҕурдааҕынан: волейболистар, ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр, иистэнньэҥнэр онтон да атын көрүҥнэргэ мустан, биир санаалаахтар булсуһан, бөлөхтөрү тэринии саҕаламмыта. Бу олус бэртээхэй, туһалаах хамсааһын буолара бүгүҥҥү күҥҥэ чуолкайдык көһүннэ.

Туораттан көрдөххө, сааһырбыт курдук көһүннэрбит даҕаны, эдэрдии эрчиминэн, саҥалыы көх тардан, ким үҥкүүлүүр, ким ыллыыр, ким мээчиктиир, ким дартс быраҕар, корнхолл оонньууллар, модель да буолан хаамсаллар. Бу буолар бэйэ олоҕун киэргэтии, доҕоттору, дьүөгэлэри кытта биир тыынынан олоруу, иллэҥ кэми туһалаахтык аттарынан атаарыы.

        1980 сыллаах выпускниктар быыстарыттан ыллыыр талааннаах кыргыттар, уолаттар түмсэн, бөлөх тэриммиттэрэ, хуорунан ыллааһыҥҥа туруммуттара. Билигин “Умсулҕан” бөлөх аата киэҥник иһиллэр, биллэр буолла. Сылын аайы “Саха АССР выпускниктарын холбоһуга” тэрийэн ыытар успуорт, култуура бэстибээлигэр куруук инники түһэр бөлөхтөртөн биирдэстэрэ буолла. Кинилэр сценаҕа таҕыстахтарына, үөрэ-көтө мичилиһэн ыллыы турдахтарына, киһи сүргэтэ көтөҕүллэр, тэҥҥэ ыллаһыаххын баҕараҕын. Ырыа бөлөҕүн саха тылын учуутала, СӨ үөрэҕин туйгуна Анна Даниловна Попова салайар. “Умсулҕаннар” ырыаларынан Дьокуускай куорат бары түһүлгэлэрин эрэ киэргэппэтилэр, Арассыыйа куораттарыгар Москваҕа, Казаҥҥа,  ......эмиэ саха ырыатын иһитиннэрдилэр.

Аныгы хабараан соҕус майгылаах үйэҕэ биир санаалаах дьону кытта бииргэ эҥэрдэһэн, биир санааҕа түмсэн, сыаллаахтык-соруктаахтык  сылдьар быдан ордук. Ис иһигэр киирдэххэ, бу түмсүү сүрдээх үгүс тэрээһиннээх: бэлэмнэнэр сири булуу, көстүүм тиктиитэ, барыы-кэлии, айанныыр буоллахха, билиэт атыылаһыы, түһэр сир булунуута... Аны кыргыттарбыт бу ороскуоту кимиэхэ да соҥнообокко, барытын бэйэлэрэ уйуналларын олох сөҕөбүн эрэ.

Тоҥ сири тобулу үүнэн тахсар ньургуһуннуу, Амма кытылын симиир сардааналыы, хотугу халлааҥҥа суһумнуур дьүкээбиллии, тапталлаах Элиэнэ эбэбит киэҥ дэлэгэй иэнинии сахалыы сайаҕас, саймаархай ырыанан сүрэхтэри үөрдэн, санаалары күүһүрдэн, ыллааҥ-туойуҥ, кэрэҕэ угуйуҥ, ааттыын да умсулҕаннаах “Умсулҕан” бөлөх кыргыттара, ийэлэр, эбэлэр, дьүөгэлэр!

Жанна Барашкова, махталлаах истээччи.

сэтинньи ый, Дьокуускай куорат