• Главная
  • Блог
  • Пользователи
  • Форум
  • Литературное творчество
  • Музыкальное творчество
  • Научно-техническое творчество
  • Художественно-прикладное творчество

Ийэ туһунан аҕыйах санаа...

Опубликовано Лыткина Сайына Вячеславовна вкл 11.11.2017 - 9:39
Лыткина Сайына Вячеславовна
Автор: 
Барабанский Антон, Болтунов Сандал

Ийэ туһунан үөрэнээччилэр хоһоонноро

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл iye_tuhunan_min_sanaam.docx13.71 КБ

Предварительный просмотр:

Ийэ туһунан мин санаам...

Барабанский Антон 9 кылаас

Ийэ кэрэ мөссүөнэ,

Сып-сылаас мичээрэ,

Ып-ыраас санаата,

Сылааһынан илгийэр

Оҕо тэбэр сүрэҕин.

Күн сирин көрдөрбүт,

Олох суолун түстээччи,

Этэр санаам кэрэтин

Илдьэ сылдьар таҥарам,

Чэгиэн-чэбдик олоҕуҥ,

Чэбдигирэ турдун куруутун.

Болтунов Сандал 10 кылаас

Ийэ диэн саамай күндү тыл,

Ийэ баар буолан бу сиргэ олоробут,

Ийэ баар буолан үөрүү дьолун билэбит.

Ийэ баар буолан эн уонна мин дьоллоохпут.

Ийэ чолбон сулус кэриэтэ

Ыйан биэрэр айан суолун.

Ийэ эйэҕэс санаатынан

Күүс-көмө буолар куруутун.

Хомойор-хоргутар түгэҥҥэ,

Санаа түһэр кэмигэр,

Эрэн эн таптыыр ийэҕэр,

Аанньал кэриэтэ киһигэр!


Поделиться:

Стрижонок Скрип. В.П. Астафьев

Бородино. М.Ю. Лермонтов

Ёлочная игрушка "Новогодняя калитка"

Пичугин мост

Пчёлки на разведках