Аьа5ас дьарыктаныы 2 кыра белех о5олоругар
материал (младшая группа) на тему

Аhа5ас дьарыктаныы 2 кыра белех о5олоругар.

Темата: Фольклор кыра жанрдара.

Сыала: О5олорго остуоруйа комотунэн фольклор кыра жанрдарын уорэтии. Норуот кэпсээнинэн  о5олорго учугэй санааны тиэрдии, о5о ойугэр-санаатыгар учугэй, куhа5ан диэн ойдобулу хааларыы.

Туттар тэриллэр: Дэйбиир, диск (Кыыс Кыскыйдаан ырыата)., быа, сахалыы танас, ыа5ыйа.

Ыраастаныы туома.

Иитээччи: О5олоор, билигин биhиги киириэхпит иннинэ ыраастаныахпыт. Ол аата куhа5аннары, кулуктэри  бэйэбититтэн тэйитэбит, уурэбит. (дэйбииринэн ыраастыыбыт).

Алгыс тойуга:             Дьээ-буо, дьээ-буо

                                      Ыраахтан торуттээх

                                      Дирннтэн силистээх

                                      Огдолуйбат олохтоох

                                      Одун айыыбыт

                                      Сымна5ас ытыскар олорт…

                                      Кун хараххынан кор

                                      Куолэл-нускал!

Хомус  тыаhынан до5оhуоллатан бары хоско киирэн олороллор.

Иитээччи:  Биhиэхэ бугун тыл хомуhунан бырааhынньыгын киэhэтэ. Корун эрэ, былыргы бала5ан турар, ынахтар мэччийэ сылдьаллар. Ити бала5анна биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин сибэккиттэн ууммут кыыhын Куннэйдиин олорор. Кинилэр биэс ынахтарын корон-харайан, аhаан-сиэн дьоллоох ба5айытык олорбуттар.

   (Эмээхсин кыыhын Куннэйдиин киирэн кэлэллэр. Батта5ын орор, киэргэл иилэр).

 Эмээхсин:   Чэ, тоойуом Куннэй, ынахтаргын учугэйдик короор, киэhээ хомуйаннын ыар, мин сир астыы бардым. Киэhээ кэллэхпинэ куорчэх оноруом. (Барар).

   Куннэй хаалар, ырыа ыллыыр:

                                      Ынахтарбын уурэммин

                                      Ходуhа5а  киирэбин

                                      hай-  hай-  hай

                                      Ходуhа5а киирэбин.

Ол бириэмэ5э Кыыс Кыскыйдаан киирэн кэлэр, онно-манна корор, Куннэйи тутан ылар, илдьэ бараары баайар, ырыа ыллыыр.

О5олор:  Кыыс Кыскыйдаан то5о Куннэйи туттун? Эмээхсин хайдах сиэнэ суох олоруо5ай, ынахтарын хайдах коруо5эй, Ким киниэхэ комолоhуо5эй?

Кыыс Кыскыйдаан: Ыыпаппын бэйэбэр комолоhооччу наада. Мин эмиэ ынахтардаахпын, миэхэ улэhитим суох. Куннэйи илдьэ барабын.

Иитээччи: О5олоор,  Куннэйгэ комолоhуоххэйин эрэ. Абааhы кыыhын куттуохайын. Чэ эрэ, бары атахпытынан битийиэххэйин.

Кыыс Кыскыйдаан: hук, ити туох тыаhыырый?

Иитээччи: Ити кыыhы быыhаары аттаах бухатыырдар иhэллэр. Чэ, о5олоор оссо куттуоххайын эрэ, ытыскытынан таhынан биэрин. (О5олор ытыстарынан таhыналлар).

Кыыс Кыскыйдаан: hук, аны туох тыаhыырый? (Куттанар).

Иитээччи: Ити Куннэйгэ комолоhо чыычаахтар, котордор котон иhэллэр. Тургэнник Куннэйи босхолуу о5ус! Билигин бэйэ5ин тутуохтара.

Кыыс Кыскыйдаан: Суох, мин таах биэриэм суо5а. (Толкуйдуур). Дьэ ойдоотум. Эhиги мин таабырыннарбын таайдаххытына эрэ Куннэйи босхолуом. Ол эрээри эhиги хаhан да таайыаххыт суо5а. (Уорэр, кулэр).

Иитээччи: О5олоор, Куннэйгэ комолоhобут дуо?

О5олор:  Комолоhуоххэхйин. Кыыс Кыскыйдаан, таайтар табырыннаргын.

Кыыс Кыскыйдаан:

Харыйа урдугэр комус биhилэх ыйанан турар уhу.

О5олор: Ый.

Кыыс Кыскыйдаан:

Бокурбун-такырбынконнордоххо куннэ, халлаанна тиийиэм диир баар уhу.

О5олор: Суол

Кыыс Кыскыйдаан:

Уой, ынырыктык да таайа5ыт. Биликин оссо ыарахан таабырыммын таайтарыа5ым. (Толкуйдуур).

Тобото да суох сэлээппэлээх, атахтаах да саппыкыта суох баар уhу.

О5олор: Тэллэй.

Кыыс Кыскыйдаан: Элбэх сонноох да, биир да тимэ5э суох уhу

О5олор: Хаппыыста.

Кыыс Кыскыйдаан: Аhыыр- аhыыр да топпот баар уhу.

О5олор: Оhох.

Кыыс Кыскыйдаан: Иннинэн-кэннинэн тэбиэлэнэр баар уhу.

О5олор: Аан.

Хас таабырын таайылынна5ын аайы Куннэй быата солон иhэр.

Иитээччи: Эйэ5эс киhи элбэх до5ордоох. Элбэх бырааттыылартан  эhэ да куттанар. О5олоор, биhиги бары до5ордоох буоламмыт Кыыс Кыскыйдаан таабырыннарын барытын таайдыбыт.

 О5олор: Кыыс Кыскыйдаан, таабырыннаргын барытын таайдыбыт. Куннэйи ыыт.

Кыыс Кыскыйдаан: Оо, ынырыгын да билэр эбиккит. Таабырыннарбын таайыахтара суо5а дии санаабытым, барытын таайдыгыт дии.  Чэ мин бардым. Куннэйи эhиэхэ хаалларабын. (Кыыhыра- кыыhыра барар).

Куннэй: Баhыыбаларын, миигин быыhаабыккытыгар. Оссо учугэйдик уорэнин элбэ5и билин. Уой, Эбээм кэлэрэ буолла, ынахтарбын ыабакка сылдьабын.

Иитээччи: Кыргыттар Куннэйгэ комолоhобут да?

О5олор: Куннэй, биhиги  эйиэхэ комолоhуохпут. (Кыргыттар ыа5ыйа ылаллар, ырыа ыллыыллар).

                             Ыа5ыйабын ылабын

                             Ынахтарбын ыы бардым.

                             Чуу-чуу-чуу

                             Ынахтарбын ыы бардым.

Эмээхсин кэлэр.

Эмээхсин: .Тыый, бу Куннэйим табаарыстара тугун элбэхтэрэй? Мин бу дьэдьэн бо5о хомуйан а5аллым. Билигин о5олорбор  дьэдьэннээх куорчэх онорон кундулуо5ум. (Ытыйар).

Иитээччи: Бэйбэрикээн эмээхсин, куорчэхпитин сорууннэ уран эриэххэ. Эhиги олорон сынньанын.  Биhиги о5олорбут хоhоон-ырыа бо5о билэллэр.

1.Хоhоон.

2. Ырыа.

3. Чабыр5ах.

4. Ункуу.

Эмээхсин: Маладьыастар,  о5олоор. Анны кэлэн алаадьылаах  дьэдьэннээх куорчэхтэ сиэн. (О5олор алаадьылаах  дьэдьэннээх куорчэ5и сииллэр).

      Занятия оhуохайынан тумуктэнэр.

Скачать:

Предварительный просмотр:

По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«Куьунну мозаика» дьуьуйуу. (Улахан белех о5олоругар аналлаах аралдьыйыы сценарийа)

Цель  – закрепить знания детей о сезонных изменениях в природе, о признаках осениЗадачи: -формировать навыки самостоятельного исполнения выученных стихов, песен и танцев;-создавать празднич...

Кыьын туьунан дьайымал ( орто белех о5олоругар аналлаах)

Кыьын ( Орто белех о5олоругар аналлаах дьайымал ).Сыала: О5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы – кэцэтии. Кыьыццы дьыл кэмин туьунан хатылааьын, о5о билиитин салгыы чицэтии, ойуур – тыа олохт...

Улахан белех о5олоругар тыл сайдыытын аhа5ас дьарыгын конспега Тема: «Транспорт»

Улахан белех о5олоругар тыл сайдыытын аhа5ас дьарыгын конспегаТема: «Транспорт»...

“Тиин – ойуур кыыла” (аьа5ас дьарыктаныы сценарийа)

Тиин мэйии. Дьыл5а – анала (тииннэ анаммыт кутуруга туьалаах буолар)...

Кыра белех о5олоругар [Б]ДОР5ООНУ ЧУОЛКАЙДЫК САНАРАРГА УОРЭТИИ

Угуллубут матырыйаалга кыра белех оголоругар [Б] дор5оону чуолкайдык санара уерэнэргэ туттуллар презентация киирдэ...

"Куобахчаан дьиэтэ" орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.

Орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа. «Куобах дьиэтэ»...