Колобок остуоруйаҕа ыалдьыттааһын (бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар математикаҕа аһаҕас дьарык)
план-конспект занятия по математике (подготовительная группа)

-10 чыыһыланы ырытыы, 10 иһигэр аађыыга салгыы эрчийии, сыыппаралары билиилэрин чиңэтии;

-ођону задачаны суоттуурга, толкуйдуурга салгыы үөрэтии;

-ођо саңарар саңатын сайыннарыы;

-үтүө санаалаах буоларга, кыһалђалаахха көмөлөһөргө иитии.


Предварительный просмотр:

Колобок остуоруйаҕа ыалдьыттааһын

(бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар математикаҕа аһаҕас дьарык)

Сыала-соруга:

-10 чыыһыланы ырытыы, 10 иһигэр аађыыга салгыы эрчийии, сыыппаралары билиилэрин чиңэтии;

-ођону задачаны суоттуурга, толкуйдуурга салгыы үөрэтии;

-ођо саңарар саңатын сайыннарыы;

-үтүө санаалаах буоларга, кыһалђалаахха көмөлөһөргө иитии.

Дьарык хаамыыта:

Иитээччи:

-Ођолоор, биһиги дьарыкпытын көрө ыалдьыттар кэлбиттэр. (Ођолордуун төгүрүччү сиэтиһэн туран аађабыт).

Эйэђэстик эђэрдэлэһэн,

Күммүтүн сађалыыбыт.

Үөрэ-көтө мичээрдэһэн

Дьарыкпытын сађалыыбыт.

Бүгүн математика дьарыгар үлэбит элбэх, онон бары болђомтолоох буолуохтаахпыт. Биһиги остуоруйађа ыалдьыттыахпыт (оҕолор экран диэки көрөн тураллар). Ханнык остуоруйа эбитий? (Колобок. Слайдађа ођонньордоох эмээхсини көрдөрөбүн). Эмээхсин колобок буһарбыт, түннүккэ сойута уурбут. Онтон колобок хайаабытай? (түннүктэн сиргэ түспүтэ, суол устун төкүнүйэ турбута). Төкүнүйэн испит ойуурга ёжигы көрсүбүт. Ёжик эппит:

-Колобок, мин эйигин сиэм.

Колобок:

-Сиэмэ ёжик, миэхэ сорудахта биэр.

Ођолоор, Колобокка задача суоттаан көмөлөһөбүт дуо, көмөлөспөтөхпүтүнэ ёжик Колобогу сиир. (көмөлөһөн)

Ежик сорудаҕа: Бу ойуунан задача толкуйдааң:

Оҕолор: Халлааңңа 7 тураах көтө сылдьыбыттар. 4 тураах баран олорбуттар. Хас тураах көтө сылдьарый? (7-4=3 тураах көтө сылдьар)

Ол аата задача туохтан турарый? (Усулуобуйалаах, Ыйытыылаах, Суоттаах, Эппиэттээх).

Ёжик Колобогу ыыппыт. Колобок төкүнүйэн испит, хонууга кэлэн Куобахчааны көрсүбүт.

Куобах эппит:

-Колобок, мин эйигин сиэм.

Колобок:

-Сиэмэ куобах, миэхэ сорудахта биэр.

Ођолоор, Колобокка көмөлөһөбүт дуо? (көмөлөһөбүт).

-Ођолоор, хонууга (сиргэ) сибэккилэр сыталлар. Онно суоттар бааллар. 10 буолар суоттары булан ађалан, аађан көрдөрөбүт.(ођолор ађалан 5+5=10 диэн этэллэр).

5+5 4+6 6+4 1+9 9+1 8+2 2+8 3+7 7+3

Сөпкө ађалбыт дуо, маладьыас.

Колобогу Куобах ыытан кэбиспит. Колобок төкүнүйэн испит, арай көрбүтэ маска тииңчээн олорор эбит.

Тииң эппит:

-Колобок, мин эйигин сиэм.

Колобок:

-Сиэмэ тииң, мин эйигин оонньоотуом, сөп.

Ођолоор, Колобогу кытта оонньуохха (физминутка).

Тииң баһыыбалаабыт, Колобогу сиэбэтэх.

Колобок төкүнүйэн испит Бөрөнү көрсүбүт. Бөрө эппит:

-Колобок, мин эйигин сиэм.

Колобок:

-Сиэмэ бөрө, миэхэ сорудахта биэр.

Мантан сыыппаралары ылазыт уонна бэрээдэгинэн туруназыт бииртэн уонна диэри. Маладьыастар.! Аны улахантан кыраза туруоразыт.

Сөпкө туруордугут дуо, маладьыастар.

Боро баьыыбалаабыт . Колобогу сиэбэтэх.

Колобок төкүнүйэн испит Саьылы көрсүбүт. Саьыл эппит:

-Колобок, мин эйигин сиэм.

Колобок:

-Сиэмэ саһыл, миэхэ сорудахта биэр.

- Геометрическай фигуралары туьанан композиция онорозут «Саьыл уонна кини дьиэтэ- уота»

Ођолоор, Колобокка көмөлөһүөђүң, ханнык геометрическай эттиктэри билэбитий? Шар, куб, параллелепипед, пирамида, конус, цилиндр.

Дьэ эрэ озолор биьиэхэ туох тазыста?

-Бүттүбүт.

Саһыл:

- Озолор маладьыастар мин наьа уордум- коттум.Баһыыбаларың!

Рефлексия (бумажнай Колобок)

Ким тугу гыммытын сөбүлээтэ? (Колобок оонньоппутун, саһылы уруһуйдаабыппын, задача суоттаабыппын…)

Колобок көмөлөспүккүтүгэр махтаммыт уонна эьиэхэ кэьиитин ыыппыт.

Манан дьарыкпыт бутэр.


По теме

Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)

сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...

«Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор» улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах Саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа

laquo;Барбоскиннар саҥа 2018 сылы корсоллор»улахан бөлөх оҕолоругар аналлаахСаҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарыйа Сыала: Үөрүүлээх, өрө көтөҕүүлээх бырааһынньыктааҕы турукка киллэрии, саҥа ...

«Айылҕаҕа ыалдьыттааһын. Салама ыйааһын сиэрэ-туома»

Цель работы - ознакомление детей национальному обычаю якутского народа, тем самым закрепляя бережное отношение детей к природе....

С.С.Васильев-Борогонскай "Эрчимэн Бэргэн" олоҥхотунан бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар туруоруллар инсценировка

Олоҥхо тылын-өһүн нөҥүө оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор ситимнээх саҥаларын сайыннарыы....

Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта

Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта...

Улахан бөлөх оҕолоругар аһаҕас дьарык Темата: «Сөптөөх аһылык-доруобай буолуу төрдө»

Сыала: Оҕолорго «Витамин» диэн тугун билиһиннэрии, оҕуруот астарын, фрукталары төьө билэллэрин чиңэтии. Бол5омтолоох буолууну, толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы, чэнчис буоларга иитии....

Ийэ улахан бөлөх оҕолоругар аналлаах тыл сайдыытыгар дьарык конспега

Дьарык тиэмэтэ: «Ийэ»Дьарык сыала: О5о тылын сайыннарыы уонна саппааhын байытыы-ханатыы.Дьарык соруга:Оҕо тылын сайыннарыы.Хартыынаны көрөн кэпсээн оҥорору үөрэтииАтын оҕо кэпсиирин болҕой...