"Заюшкина избушка"
план-конспект занятия

Татаринова Туйара Евгеньевна

"Сказка "Заюшкина избушка" на якутском языке

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл zayushkina_izbushka_na_yakutskom_yazyke.docx19.33 КБ

Предварительный просмотр:

«Куобахчаан дьиэтэ»

Олорбуттара эбитэ уьу саьыл уонна куобах. Саьыл дьиэтэ муус эбит, куобах дьиэтэ хатырык эбит. Саас кэлбитигэр, кун куускэ тыкпытыгар саьыл дьиэтэ ууллан хаалбыт. Саьыл дьиэтэ суох хаалбыт. Саьыл кэлэн куобахтан кордоспут.

- Куобахчаан миигин биир тууннэ хоннор эрэ.

- Эдьиийкээним саьылчаан киир хон, - диэн куобах саьылы дьиэтигэр киллэрбит. Саьыл ылбыт да оьох уоьээ ойон тахсыбыт да куоба5ы уурэн ыыппыт.

Куобах ытыы-ытыы баран испит. Арай утары ыт кэлбит.

- То5о ытаатын куобахчаан?

- Хайдах ытыам суо5ай? Мин дьиэм хатырык этэ, саьыл дьиэтэ муус этэ. Саас халлаан сылыйбытыгар, кун тыкпытыгар саьыл дьиэтэ ууллан хаалла. Миэхэ биир туун хоно киирэн баран уурэн ыытта.

- Ытаама куобахчаан, мин эйиэхэ комолоьуом.

Дьиэ5э чугаьаан баран ыт туран эрэ эппит.

- Гав, гав, гаф! Саьыл куобах дьиэтиттэн киэр буол!

Саьыл оьох уоьээ сытан:

- Билигин ойон тахсыам сирэйгин-хараххын хайа тардыам!

Ыт куттанан куотан хаалар.

Куобах эмиэ суол устун баран испит, ытыыр. Утары киниэхэ эьэ иьэр эбит.

- То5о ытаатын куобахчаан?

- Хайдах ытыам суо5ай? Мин дьиэм хатырык этэ, саьыл дьиэтэ муус этэ. Саас халлаан сылыйбытыгар, кун тыкпытыгар саьыл дьиэтэ ууллан хаалла. Миэхэ биир туун хоно киирэн баран уурэн ыытта.

- Ытаама куобахчаан, мин эйиэхэ комолоьуом.

- Э суох, ыт уурэ сатаабыта да уурбэтэ5э, эн эмиэ сатаан ууруон суо5а.

- Суох, мин ууруом.

Дьиэ5э чугаьаан баран эьэ улаханнык уордайбыт.

- Саьыл, куобах дьиэтиттэн киэр буол!

Саьыл оьох уоьээ сытан:

- Билигин ойон тахсыам сирэйгин-хараххын хайа тардыам!

Эьэ куттанан куотан хаалар.

Куобах эмиэ суол устун баран испит, ытыыр. Утары киниэхэ о5ус иьэр эбит.

- То5о ытаатын куобахчаан?

- Хайдах ытыам суо5ай? Мин дьиэм хатырык этэ, саьыл дьиэтэ муус этэ. Саас халлаан сылыйбытыгар, кун тыкпытыгар саьыл дьиэтэ ууллан хаалла. Миэхэ биир туун хоно киирэн баран уурэн ыытта.

- Ытаама куобахчаан, мин эйиэхэ комолоьуом.

- - Э суох, ыттар уурэ сатаабыта да уурбэтэхтэрэ, эьэ уурэ сатаабыта да уурбэтэ5э эн эмиэ сатаан ууруон суо5а.

- Суох, мин ууруом.

Дьиэ5э чугаьаан баран о5ус ааны тонсуйбут.

- Саьыл, куобах дьиэтиттэн киэр буол!

Саьыл оьох уоьээ сытан:

- Билигин ойон тахсыам сирэйгин-хараххын хайа тардыам!

О5ус куттанан куотан хаалар.

Куобах эмиэ суол устун баран испит, ытыыр. Утары киниэхэ хотуурдаах ботуукчээн иьэр эбит.

- То5о ытаатын куобахчаан?

- Хайдах ытыам суо5ай? Мин дьиэм хатырык этэ, саьыл дьиэтэ муус этэ. Саас халлаан сылыйбытыгар, кун тыкпытыгар саьыл дьиэтэ ууллан хаалла. Миэхэ биир туун хоно киирэн баран уурэн ыытта.

- Ытаама куобахчаан, мин эйиэхэ комолоьуом.

- Э суох, ыт уурэ сатаабыта да уурбэтэ5э, эьэ уурэ сатаабыта да уурбэтэ5э, о5ус уурэ сатаабыта да уурбэтэ5э эн эмиэ сатаан ууруон суо5а.

- Суох, мин ууруом.

Дьиэ5э чугаьаан баран ботуук ата5ын тонсуйбут, кынатын сапсыммыт уонна:

- Ку-ка-ре-ку! Хааман иьэбин

Санныбар хотуурдаахпын.

Саьылы таьыйыам,

Оьохтон тус саьыл

Дьиэттэн киэр бар!

Саьыл истибит уонна куттаммыт:

- Таннан эрэбин.

Ботуук иккистээн эппит:

- Ку-ка-ре-ку! Хааман иьэбин

Санныбар хотуурдаахпын.

Саьылы таьыйыам,

Оьохтон тус саьыл

Дьиэттэн киэр бар!

Саьыл оссо куттаммыт:

- Ата5ым танаьын кэтэбин…

Ботуук уьустээн эппит:

- Ку-ка-ре-ку! Хааман иьэбин

Санныбар хотуурдаахпын.

Саьылы таьыйыам,

Оьохтон тус саьыл

Дьиэттэн киэр бар!

Саьыл ойо суох ойон тахсыбыт да тыа диэки суурэ турбут. Онтон ыла ботууктээх куобах бииргэ, хатырык дьиэ5э бур-бур буруо таьааран эйэлээхтик олороллоро эбитэ уьу.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Конспект занятия по конструированию из бумаги в старшей группе детского сада «Заюшкина избушка»

Конспект занятие по конструированию из бумаги в старшей группе детского сада.Изготовление избушки путем скручивания квадрата в трубочку....

"Новый год" "Заюшкина избушка"

Сценарий на Новый год для младшей группы....

Конспект занятия "Заюшкина избушка"

Комплексное занятие по закреплению знаний о зимних явлениях природы, расширяет и обогащает словарный запас детей, воспитывает любовь к живому....

СЦЕНАРИЙ НОВОГОДНЕГО УТРЕННИКА 2 МЛАДШАЯ ГРУППА.. "ЗАЮШКИНА ИЗБУШКА".

ВЕДУЩИЙ, ДЕД МОРОЗ – ВЗРОСЛЫЕ.1,2, СОСУЛЬКА, ЛИСА, ЗАЯЦ, МИШКА – КУКЛЫ БИ-БА-БО.         « Заюшкина избушка ». Дети входят в зал под веселую му...

занятие по математике для средней группы "Заюшкина избушка"

занятие с использованием персонажей сказки. цель занятия - упражнять в порядковом счете, формировать умение соотносить количество предметов с цифрой, находить закономерности в ряду. Закреплять знания ...

Конспект занятия по аппликации во второй младшей группе Тема: «Построим избушку для лисички» по русской народной сказке «Заюшкина избушка».

Цель: развитие продуктивной деятельности через аппликацию, формирование целостной картины мира.Задачи:- воспитывать аккуратность в работе при пользовании клеем;- закреплять названия геометрических фиг...