Сахалыы оонньуулар
картотека (подготовительная группа)
Сахалыы оонньуулар
Предварительный просмотр:
Сахалыы оонньуулар
Тоҕус былас суһуоҕу өрүү
Тоҕустуу киһилээх икки бөлөх тэрийэллэр. Бөлөхтөргө төрүрүк иини биэрэллэр. Онно 1 м уһуннаах 27 сүүмэх баттаҕы, сиэли, быаны (таҥас ыйыыр быа ордук) сөллһбэт гына уһуктарыттан баайталаан кэбиһэллэр. Төгүрүк иилэри киһи уунан тиийэр сиригэр биэтэҥнии турар курдук ыйыыллар.
Ыытааччы икки бөлөҕү төгүрүк иилэртэн 10 м тэйиччи туруорар. Биирдии киһи сүүрэн тиийэн 3 сүүмэҕи кытаанах гына өрөр. Бүтэрээт, эргиллэн кэлэн, бэйэтин киһитин ытыһын тыастаахтык охсор, кини суһуох өрө сүүрэр. Хайа бөлөх төһө үчүгэйдик, кытаанахтык өрбүтэ, хайалара урут бүтэрбитэ бэлиэтэнэр. Урут бүтэрэн баран, суһуохтары мөлтөхтүк өрбүт бөлөх кыайтарыылааҕынан ааҕыллар.
Кыаһыланыы
Икки бөлөххө арахсаллар. Ыытааччы оонньооччулары атахтарын бэрбээкэйдэриттэн кыаһыыланалларгыгар этэр. Хаҥас бэрбээкэйбэрин куустаран ылан, иккитэ эрийэ тардан, уҥа атахтарын бэрбээкэйдэригэр аҕалан, сөллүбэт гына ыга баайаллар: атахтарын икки арда кыра арыттаах буолар.
Ыытааччы 15-20 м сиргэ күрэхтэһэр сири бэлэмниир. Бөлөх дьонун тус-туспа субуруччу туруорар. Кыаһыылаах киһи ойуоккалаан, хааман (бэйэтиттэн тутулуктаах) бэлиэтэммит сири эргийэн кэлэн, урут турар икки киһи илиилэрин тэҥҥэ таарыйар. Оҕуттаҕына туруохтаах, кыаһыыта сөллүннэҕинэ, тута бааныахтаах уонна салгыы сүүрүөхтээх. Урут кэлбит бөлөх дьоно кыайар.
Атах тэпсиитэ
Ыытааччы «атах тэпсиитин» биллэрээтин кытта кыргыттар туспа, уолаттар туспа чөмөхтөһөллөр. Кини биир кыыһы, биир уолу ыҥырар, көхсүлэринэн сыһыары туруортуур. «Күн тахсан эрэр!» диирин кытта иккиэн тэҥҥэ хайыһыахтаахтар. Оччоҕо ханыыларын булан оонньууга киирэллэр. Тус-туспа хайыстахтарына, бэйэлэрин бөлөхтөрүгэр төннөллөр.
5-7 ханыыласпыт уоллаах кыыс кэккэлэһэ тураллар. Оонньооччулар атахтарын бокутан, сиринэн сыыйа ыытан, уҥа атахтарын ис төттүнэн сыһыары тыастаахтык сыбырҕаччы тэпсэллэр. Ким атаҕын бокуйбакка эбэтэр сиринэн сыбырҕаччы ыыппакка, үөһээнэн тэпсэр, ол туоруур. Уһуннук тэпсибиттэр кыайыылааҕынан тахсаллар.
Уыайбыт уоллаах кыыһы күн тахсар сирин диэки хайыһыннараллар. Бары тула сарын-сарынтан ылсан, эргийэ сылдьан, атахтарын холбуу тутан, тобуктарын бокук-бокук гынан битийбэхтииллэр. Биир киһи «күн таҕыста!» диир, бука бары үстэ хатылыыллар.
Атаралаан сүүрүү
Атаралаан сүүрүүнү 100м сиргэ эбэтэр 50 м сиргэ холоон ыыталлар. Түһэр сиргэ кэккэлэһэ турунан кэбиһэллэр. Оонньуу ыытаачы «Чэ!»диирин кытта, хаҥас атахтарын иннилэрин диэки, уҥа атахтарын кэннилэрин диэки сүүрэн иһэр курдук туттан, икки атахтарыгар тэбис-тэҥҥэ тирэнэн, иннилэрин диэки ойуохтаахтар. Биэтэккэ диэри өрө тэйэн, урут атаралаан тиийбит кыайыылааҕынан тахсар.
Дулҕалаах сиринэн
20 см уһуннаах, 7 см суоннаах лэкэчэктэри дьиэ ортотугар биирдии хаамыы арыттаах гына тарҕата уураллар. (7-9 лэкэчэги).
Ыытааччы оонньооччу киһини дьиэ биир муннугар илдьэр, хараҕын саба баайар, турар сиригэр үстэ эргитэр уонна лэкэчэктэр диэки хайыһыннаран баран ыытан кэбиһэр. Хараҕын саба баайтарбыт киһи лэкэчэктэри (дулҕалары) таарыйбакка таҕыстаҕына, кыайыылааҕынан ааҕыллар.
Оонньооччулар лэкэчэктэри (дулҕалары) охтортообут буоллахтарына, ким хаһы охторбутунан кыайыылааҕы быһаараллар.
Хороҥ оту үрдүнэн ыстаныы
Икки 40 см уһуннаах хаппыт оту икки ардыларыгар 1 м сиргэ кэккэлэһиннэрэ уураҕын.
Икки киһи тэҥҥэ бу оту үрдүнэн көтүөхтээхтэр. Кинилэр атахтарын тойон эрбэхтэрин икки илиилэринэн тутан баран,илиилэрин араарбакка ыстаныахтаахтар. Өскөтүн биирдэстэрэ оту таарыйдаҕына эбэтэр илиилэрин ыһыктыннахтарына, кыайтарыылааҕынан ааҕыллар.
Бу оонньууну хамаанданан оонньууллпр эбэтэр икки киһи 3-4 хороҥ оту субуруччу ыстанар гына оҥороллор.
Кириэс тэбии
Икки тэбис-тэҥ 3 см кэтиттээх, 70 см уһуннаах, 0,5 см халыҥнаах маһы ылан көнө сиргэ кириэстии ураллар. Оонньооччу сис туттан кириэстии ууруллубут мас таһыгар кэлэр. Кини бу кириэс үрдүнэн аҥаар атаҕын атаҕын үөһэ көтөҕөн баран, биир атаҕынан кылыйан, маһы таарыйбакка кириэстии ыстаҥалыыр кэмигэр ханнык баҕарар ырыаны дорҕоонноохтук ыллыахтаах.
Өскөтүн маһы таарыйанкэбистэҕинэ, хотторбутунан ааҕыллар. Биир мүнүүтэ тохтоло суох кириэһи таарыйбакка үҥкүүлээтэҕинэ. Кыайыылааҕынан тахсар.
Баайа
Мас кубигы ортотунан үүттүүлэр, онно харандаас суонун саҕа маһы кыһан. Кубиктан 1 см чорбойон быгар гына уган баран силимнииллэр. Баайаны эргитэҕин уонна ыһыктаҕын. Оччоҕо биир ойоҕоһунан түһэр. Баайа түөрт өттүгэр араас суолталаах бэлиэлэрдээх: кириэс, 3 кэрдиис, 5 кэрдиис, ойбон.
Оонньооччулар 11-дии маһы- «баайдарын-үптэрин» үллэстэллэр. Баайаны эргитэр бастакы киһи кытыйа иһигэр «баайыттан-үбүттэн» уурар. Атын оонньооччулар эмиэ соччо «баайы-үбү» угаллар. Бастакы оонньооччу баайаны эргитэн баран ыһыктар. Түспүт ойоҕоһугар 3 кэрдиис баар буоллаҕына, кытыйаттан 3 маһы ылар. Кириэс түстэҕинэ. Кытыйаҕа 3 маһы, ойбон түстэҕинэ, 7 маһы уурар. 5 кэрдиистээх өттүнэн түстэҕинэ, кытыйаҕа баар маһы барытын ылар.
Оонньооччу баайаны 1-дэ эргитэр. Кытыйаҕа баар маһы барытын ыллаҕына, саҥа оонньуу саҕаланар. Ким элбэҕи сүүйтэрбит – «баай-үп» иэс ылыан сеп.
По теме

оруоллаах оонньуулар кемелерунэн о5о5о идэлэр тустарынан билиилэрин хацатыы, бодоруьа уерэтии
Билинни уйэ5э о5о оскуола5а киирэригэр бэйэтин сааьыгар сеп тубэьэр билиилээх, толкуйдуур дьо5ура сайдыбыт, тыла-еье ыраас, хомо5ой буолара ирдэнэр. Бу сайдыылаах кэмнэ о5о билиини-ке...
Сахалыы хамсаныылаах оонньуулар
КүлүүстэһииУтарылаһар дьон ойоҕосторунан тураллар, аҥар атахтарын хатыйа тутан тирэнсэн баран, орто тарбахтарынан ыга ылсан тардыһаллар.Миэстэтиттэн хамсаабыт, тарбаҕын төлө ыыппыт эбэтэр сулбу тардыб...

Сахалыы ырыа
Бэрэски (перевод песни "Я пеку, пеку, пеку") Бэрэскитэ астыаххаОҕолорго бэрсээри,Онтон таптыыр ийэбэрИкки пряник бэлэмниэм Таптыыр кэрэ ийэбинМинньигэстик аһатыам,Доҕотторбун ыҥыра...
Анна Канаева Сахалыы угуу
подготовка к демо...
Анна Канаева Сахалыы угуу
подготовка к демо...


