Орто бөлөххө ахсаан дьарыгын барыла
план-конспект занятия по математике (средняя группа) на тему
Бу дьарык барыла оскуолаҕа киириэн иннинээҕи орто саастаах оҕолор үөрэх дьылын устата ахсаан дьарыгар ылбыт билиилэрин чиҥэтэр суолталаах.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ahsaan_alyptaah_doydutugar_ayan.docx | 21.99 КБ |
Предварительный просмотр:
Ахсаан алыптаах дойдутугар айан
(орто бөлөххө ахсаан дьарыга)
Сыала: сыыппаралары, ахсааны, быһыылары, кэриҥнэри, өҥнөрү, күн тутулун чиҥэтии
Соруктара:
- үөрэтэр (кэрискэ ахсааны ааҕарга, сыыппаралары билэргэ, быһыылары, кэриҥнэри тэҥнээн көрөн араарарга, күн тутулун үөрэтии);
- сайыннарар (болҕомтону, тулууру, кыһамньылаах буолууну, илии, тарбах былчыннарын сайыннарыы);
- иитэр (эйэҕэс, сайаҕас, үтүө майгылаах буоларга итии).
Туттуллар матырыйаал: сахалыы куукулалар, кытыйалар, сыыппаралар, салама быата.
Түҥэтиллэр матырыйаал: кытыйа ойуулара, тимэхтэрдээх синньигэс мөһөөччүктэр, сыыппаралардаах карточкалар, быһыылар, сыыппаралар, сибэккилэр ойуулара.
Дьарык хаамыыта
Оҕолор төгүрүччү тураллар, оонньуу-хоһоону ааҕаллар
Уҥа диэки көрөбүн,
Хаҥас диэки көрөбүн,
Оту эмиэ көрөбүн,
Үөһэ күнү көрөбүн
Олус-олус үчүгэй!
Ааны тоҥсуйаллар, ыалдьыттар киирэллэр.
Иитээччи: Оҕолоор, биһиэхэ ыалдьыттар кэллилэр. Сардаана уонна Сарыал. Кыыспыт аата ким диэн эбитий?
Оҕолор: Сардаана.
Иитээччи: Маладьыастар! Бары бииргэ этиэҕин эрэ, Сардаана. Онтон уолбут аата?
Оҕолор: Сарыал.
Иитээччи: Маладьыастар! Бары бииргэ этиэҕин эрэ, Сарыал. Кинилэр биһиэхэ сибэкки илдьэ кэлэн истэхтэринэ улахан тыал түһэн сибэккибит эминньэхтэрин өҥнөрө симэлийэн хаалбыттар. Онон, кинилэргэ биһиги көмөбүт наада буолбут. Оҕолоор, эһиги Сардааналаах Сарыалга көмөлөһүөххүтүн баҕараҕыт дуо?
Оҕолор: Баҕарабыт!
Иитээччи: Оччотугар бары миэстэлэрбитигэр баран олоруоҕун.
Оҕолор баран олороллор
Иитээччи: Дьарык иннинээҕи быраабылабытын бары хатылыаҕын эрэ.
Илиилэрбит сараҥнаспаттар,
Атахтарбыт тэбиэлэммэттэр,
Харахтарбыт көрөллөр,
Кулгаахтарбыт истэллэр,
Төбөбүт толкуйдуур,
Тылбытынан саҥарабыт.
Оҕолоор, эһиги санааҕытыгар маҥнайгы сорудахпытын ким биһиэхэ этэрэ буолуой? Сарыал дуу, Сардаана дуу?
Оҕолор: Сардаана.
Иитээччи: Тоҕо инник дии саныыгыт?
Оҕолор: Тоҕо диэтэр, кыргыттары бастакы аһарыахтаахпыт.
Иитээччи: Маладьыастар. Биһиги кыргыттарга куруутун күүс-көмө буола сылдьыахтаахпыт, кинилэргэ көмөлөһүөхтээхпит, кинилэри көмүскүөхтээхпит дии. Бастакы сорудаҕы миэхэ Сардаана сибигинэйдэ. Маҥнайгы эминньэхпит өҥнөнөрүн туһугар, биһиги иннибитигэр сытар карточкабыт үөһэ эрээтигэр 2 кытыйаны уурабыт. Бары уурдугут?
Оҕолор: Ууран.
Иитээччи: Сыыппаранан бэлиэтээн. Аллара эрээккэ 3 кытыйаны уурабыт. Сыыппаранан бэлиэтээн. Барыта холбоон хас кытыйа буолла?
Оҕолор: 5
Иитээччи: Маладьыастар. Маҥнайгы эминньэхпит өҥнөннө. Хайдах өҥ эбитий?
Оҕолор: Кыһыл.
Иитээччи: Маладьыастар. Иккис сорудаҕы Сарыал миэхэ сибигинэйдэ. Эһиги иннигитигэр от күөх өҥнөөх кыракый мөһөөччүктэр сыталлар. Эһиги олору ылан илиигит имэҥинэн мөһөөччүк иһигэр хас тимэх баарын билиэхтээххит.
Оҕолор эппиэттэрэ
Иитээччи: Маладьыастар! Иккис эминньэхпит өҥө хайдах эбитий?
Оҕолор: От күөх
Иитээччи: Үһүс сорудах Сардаана эппитинэн маннык, «Саҥарбакка көрдөр». Ол аата, эһиги боппуруоһу болҕойон истэн бараҥҥыт саҥарбакка эрэ иннигитигэр сытар сыыппаралардаах карточкалары өрө уунан көрдөрүөхтээххит.
- Биһиги хас кулгаахтаахпытый?
- Куоска хас атахтааҕый?
- Халлааҥҥа хас күн баарый?
- Ыт хас кутуруктааҕый?
- Биһиги биир илиибитигэр хас тарбахтаахпытый?
Маладьыастар! Үһүс эминньэхпит өҥө хайдах эбитий?
Оҕолор: Араҕас
Иитээччи: Маладьыастар. Билигин туран сынньаныаҕын.
Физминутка
Иитээччи: Маладьыастар. Бары төттөрү миэстэлэрбитигэр олордубут. Төрдүс сорудаҕы толорорго эһиги быһыылары уонна кэриҥнэри билэр буолуохтааххыт. Көрүн эрэ, кумааҕыга сибэккилэр уруһуйдаммыттар. Хас сибэкки баарый?
Оҕолор: 3
Иитээччи: Маладьыастар. Кинилэр хайдахтарый?
Оҕолор: Улахан, орто уонна кыра.
Иитээччи: Сөп. Билигин түөрт муннугу ылын уонна саамай улахан сибэкки анныгар уурун. Төгүрүк быһыыны саамай кыра сибэкки анныгар уурун. Орто сибэкки анныгар уурун, үс муннугу. Маладьыастар. Төрдүс эминньэхпит өҥө хайдах эбитий?
Оҕолор: Халлаан күөх
Иитээччи: Маладьыастар. Бэһис бүтэһик эминньэҕи өҥнүүргэ маннык гыныахпытын наада. Эһиги иннигитигэр быалар сыталлар. Ылан аттыгытыгар олорор оҕону кытта тэҥнээн көрүн эрэ. Хайдахтар эбитий?
Оҕолор: Уһун-кылгас.
Иитээччи: Сөп. Бу быаларбытынан биһиги саламаны киэргэтэн Сардааналаах Сарыалга бэлэхтиэхпит. Миэхэ билигин кэлэллэр уһун быалаах о5олор…. Кэлэллэр кылгас быалаах оҕолор.
Саламаны киэргэтии
Иитээччи: Маладьыастар бу саламаны биһиги ыалдьыттарбытыгар бэлэх уунабыт. Бүтэһик бэһис эминньэхпит өҥө хайдах эбитий?
Оҕолор: Розовай.
Иитээччи: Маладьыастар. Сибэкки бары эминньэхтэрэ өҥнөннүлэр. Сардааналаах Сарыалга көмөлөстүбүт. Онтон оҕолоор, эһиги күн тутулун билэҕит дуу?
Оҕолор: Билэбит.
Иитээччи: Оччотугар таайын, бу хаһан буоларын. Биһиги хаһан утуйан туран, суунан-тараанан уһуйааммытыгар кэлэбитий?
Оҕолор: Сарсыарда
Иитээччи: Хаһан минньигэстик эбиэттиибитий?
Оҕолор: Күнүс
Иитээччи: Хаһан биһигини төрөппүттэрбит уһуйаантан кэлэн ылалларый?
Оҕолор: Киэһэ
Иитээччи: Онтон биһиги хаһан утуйабытый?
Оҕолор: Түүн.
Иитээччи: Маладьыастар. Онтон билигин күн ханнык тутулай?
Оҕолор: Сарсыарда
Иитээччи: Сарсыарда. Биһиги дьарыкпыт түмүктэнэн эрэр, онтон Сардааналаах Сарыал оскуолаҕа уруоктара саҕаланна. Кинилэр эһиги билиигитин олуһун биһирээтилэр, үөрдулэр, хайҕаатылар. Кинилэргэ махтаныаҕын уонна көрсүөххэ диэри диэҕин.
Сардааналаах Сарыал бараллар
Иитээччи: Ыалдьыттарбытын атаардыбыт. Оҕолоор, эһиги бүгүҥҥү дьарыктан үөрдүгүт дуо?
Оҕолор: Үөрэн!
Иитээччи: Чэйин эрэ, этин, ким тугу сөбүлээтэ?
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
"Ахсаан". Дьайымалга сыьыаннаах презентация
Математические задачи...
Улахан белех о5олоругар тыл сайдыытын аhа5ас дьарыгын конспега Тема: «Транспорт»
Улахан белех о5олоругар тыл сайдыытын аhа5ас дьарыгын конспегаТема: «Транспорт»...
Ахсаан аллыптаах дойдутугар айан
Ахсаан аллыптаах дойдутугар айан(орто белеххе ахсаан дьарыга)Сыала: сыыппаралары, ахсааны, быьыылары, кэриннэри, еннеру, кун тутулун чинэтииСоруктара: ...
Ахсаан дьарыгар орто бөлөххө аһаҕас дьарык
Сыала уонна соруктара:Уерэтэр соруктар:- предмет ахсаанын аа5арга, кэрискэ ахсаацца, икки беле5у ахсаанынан тэцниир ньымаларга эрчийии;- геометрическай фигуралары уонна кээмэй ааттары чицэтии;Сайыннар...
Орто бөлөх оҕолорун ахсаан дьарыгын тутула «Шахмат дойдута»
Сыала соруга: - Шахмат эйгэтинэн о5о ейдуур кыа5ын сайыннарыы- 10 диэри ахсааны, геометричэскэй бугуурэлэри хатылааьын- Саахымат фигураларын ааттарын, турар миэстэлэрин уерэтиини бигэргэтии- Шахмат оо...
орто бөлөх о5олоругар уруҺуй дьарыгын конспега
Дьарык сыала: Оҕолорго уруһуй ноҥуө өбугэлэрбит олоро сылдьыбыт балаҕаннарын биллиһиннэрии. О5олору өбугэ ситимин кэрэхсиилэрин, сэҥээриллэрин билиһиннэрии. Дарык соруктара: - оҕо...