Орто бөлөх оҕолорун ахсаан дьарыгын тутула «Шахмат дойдута»
план-конспект занятия по математике (средняя группа)
Сыала соруга:
- Шахмат эйгэтинэн о5о ейдуур кыа5ын сайыннарыы
- 10 диэри ахсааны, геометричэскэй бугуурэлэри хатылааьын
- Саахымат фигураларын ааттарын, турар миэстэлэрин уерэтиини бигэргэтии
- Шахмат оонньууга интэриэьи уескэтии.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ahsaan_shahmat_aa5as_darykdoc.doc | 32 КБ |
Предварительный просмотр:
Орто белех о5олорун ахсаан дьарыгын тутула
«Шахмат дойдута»
Сыала соруга:
- Шахмат эйгэтинэн о5о ейдуур кыа5ын сайыннарыы
- 10 диэри ахсааны, геометричэскэй бугуурэлэри хатылааьын
- Саахымат фигураларын ааттарын, турар миэстэлэрин уерэтиини бигэргэтии
- Шахмат оонньууга интэриэьи уескэтии.
Хаамыыта:
Дорообо, куех халлаан,
Дорообо, кемус кун,
Дорообо, ийэ сир,
Дорообо, до5орум!
Миэстэлэригэр олороллор
Иитээччи: О5олоор, биьиэхэ бугун сурук кэлбит. Керун эрэ кимнээх суруйбуттара буолуой? (Сурук таьын кердеребун, о5олор санааларын этэллэр). Шахмат дойдутун олохтоохторо суруйаллар эбит. Чэ эрэ бол5ойон истин, суругу аа5абын:
«Кунду о5олор! Шахмаппыт дойдутугар иэдээн буолла. Биир куьа5ан, хара санаалаах аптаах киьи дьиэбитин алдьатан, ыьан барда. Шахмат дойдутун олохтоохторо кутталларыттан ааттарын, миэстэлэрин умнубуттар. Баьаалыста биьиэхэ кемелеьун!» - диэн кердеьеллер эбит.
- Суругу кимнээх суруйбуттар эбитий?
- Туох диэн суруйбуттарый?
- Кемелеьебут да?
Чэ эрэ, кемелеьуехпут иннинэ шахмат дойдутун олохтоохторун ааттарын саныаххайын (шахмат фигураларын уруьуйдарын кердеребун, о5олор бугуурэлэр ааттарын этэллэр). Маладьыастар!
1) Шахмат фигуралара куьа5ан киьиттэн куттанан саьан хаалбыттар. Ханнык фигуралар саспыттарын бил.
Оонньуу «аптаах меьееччук» - Меьееччук иьигэр ш.фигуралары угабын, о5олор кербекке биир биир хостууллар уонна ханнык фигураны орообуттарын этэллэр, ш.дуоска5а миэстэтигэр уураллар.
Сылайдыгыт да о5олор? Кыратык сынньаныаххайын. Турдубут, пешкалар буолуохпут: (Физминутка)
1,2 тебебутунэн уна – ханас,
3,4 олоробут,
1,2 хаамтыбыт
3,4 миэстэбитин буллубут! (миэстэлэригэр кэлэн олороллор)
2) Шахмат фигураларбыт дыбарыастарыгар бараары гыммыттара, куьа5ан аптаах киьи суолларын муус онорбут, мууьу туоруулларыгар биир биир барыахтаахтар, бары бииргэ бардахтарына муустара алдьанан ууга туьэллэр. (ш.фигуралар ахсааннарын аа5аллар: король биир, ферзь биир, пешка а5ыс уо.д.а.)
3) Дыбарыастарыгар кэлбиттэрээ, куьа5ан санаалаах киьи дьиэлэрин эмиэ алдьаппыт эбит. Онорорго кемелеьуехпут дуо? Дыбарыаспыт ханнык геометрическэй фигуралартан турар эбитий? (Туерт муннук, ус муннук, кене муннук) Маладьыастар, кемелеьуехпут иннинэ илиибитин бэлэмниибит (пальчиковая гимнастика):
«Аанна кулуус ыйанан турар,
Кинини ким аьыай?
Кулууспутун эргиттибит,
Тонсуйдубут, уонна тартыбыт тартыбыт, арыйдыбыт!
Маладьыастар! Олоппосторбутун ылан остуолга кэлэбит.
4) Биьиэхэ дыбарыас онорорго туох нааданый: Кумаа5ы илииьэ, клей, кумаа5ы геометрическай фигуралар. Дыбарыаспыт хайдах буолуохтаа5ын керебут. Са5алаатыбыт. (Музыкаыаьыыр, о5олор геом.фигуралары сыьыаран дыбарыас онороллор).
Маладьыастар, наьаа учугэй дыбарыастар буолбуттар!
Шахмат дойдутун олохтоохторо улахан махталларын тиэрдэллэр! Аныгыс керсуеххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Остуоруйа дойдута»
«Остуоруйа дойдута»Сыала-соруга:Үѳрэтэр: оҕону кыра, билэр остуоруйатын оонньоон кѳрдѳрѳргѳ үѳрэтии; геройдар образтарын (хамсаныытын, саҥатын) арыйарын ситиһии; Хартыынаны кѳрѳн остуоруйа аатын...
Орто бөлөххө ахсаан дьарыгын барыла
Бу дьарык барыла оскуолаҕа киириэн иннинээҕи орто саастаах оҕолор үөрэх дьылын устата ахсаан дьарыгар ылбыт билиилэрин чиҥэтэр суолталаах....
«Остуоруйа дойдута» орто бѳлѳ5ѳр тѳрѳппүт мунньа5а.
quot;Сана уэрэх са5аланыыта- сана хардыы уьуйааммыт оло5ор, тэрэппуттэрбитигэр уонна иитиллээччилэрбитигэр."...
Улахан белех о5олоругар тыл сайдыытын аhа5ас дьарыгын конспега Тема: «Транспорт»
Улахан белех о5олоругар тыл сайдыытын аhа5ас дьарыгын конспегаТема: «Транспорт»...
Ахсаан дьарыгар орто бөлөххө аһаҕас дьарык
Сыала уонна соруктара:Уерэтэр соруктар:- предмет ахсаанын аа5арга, кэрискэ ахсаацца, икки беле5у ахсаанынан тэцниир ньымаларга эрчийии;- геометрическай фигуралары уонна кээмэй ааттары чицэтии;Сайыннар...
орто бөлөх о5олоругар уруҺуй дьарыгын конспега
Дьарык сыала: Оҕолорго уруһуй ноҥуө өбугэлэрбит олоро сылдьыбыт балаҕаннарын биллиһиннэрии. О5олору өбугэ ситимин кэрэхсиилэрин, сэҥээриллэрин билиһиннэрии. Дарык соруктара: - оҕо...