«Остуоруйа дойдута»
план-конспект занятия по развитию речи (младшая группа) по теме

Огоюкина Матрена Семеновна

 

«Остуоруйа дойдута»

Сыала-соруга:

Үѳрэтэр: оҕону кыра, билэр остуоруйатын оонньоон кѳрдѳрѳргѳ үѳрэтии; геройдар образтарын (хамсаныытын, саҥатын) арыйарын ситиһии; Хартыынаны кѳрѳн остуоруйа аатын таайыы; 5 диэри ааҕарга үѳрэтии. Саха норуотун үҥкүүтун - оһуокай хаамыытын үѳрэтии.

Сайыннарар: геройдар саҥаларын үтүктүү; бэйэ-бэйэлэрин кытта диалогунан кэпсэтэллэрин сайыннарыы; тарбах кыра былчыҥҥарын хоһоону кытта дьүѳрэлээн сайыннарыы. Музыкы истэн хамсаныылары оҥорорун ситиһии.

Иитэр:  оҕо бэйэ-бэйэтигэр истиҥ сыһыаннаах буоларын иитии; иллээх, бэйэ-бэйэҕэ кѳмѳлѳсѳр буоларга иитии.

Тэриллэр: дьиэ, ыскамыайка, тѳбѳҕѳ кэтиллэр мааскалар, проектор, музыка, ноутбук.

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon otkrytoe_zanyatie.doc40.5 КБ

Предварительный просмотр:

«Остуоруйа дойдута»

Сыала-соруга:

Үѳрэтэр: оҕону кыра, билэр остуоруйатын оонньоон кѳрдѳрѳргѳ үѳрэтии; геройдар образтарын (хамсаныытын, саҥатын) арыйарын ситиһии; Хартыынаны кѳрѳн остуоруйа аатын таайыы; 5 диэри ааҕарга үѳрэтии. Саха норуотун үҥкүүтун - оһуокай хаамыытын үѳрэтии.

Сайыннарар: геройдар саҥаларын үтүктүү; бэйэ-бэйэлэрин кытта диалогунан кэпсэтэллэрин сайыннарыы; тарбах кыра былчыҥҥарын хоһоону кытта дьүѳрэлээн сайыннарыы. Музыкы истэн хамсаныылары оҥорорун ситиһии.

Иитэр:  оҕо бэйэ-бэйэтигэр истиҥ сыһыаннаах буоларын иитии; иллээх, бэйэ-бэйэҕэ кѳмѳлѳсѳр буоларга иитии.

Тэриллэр: дьиэ, ыскамыайка, тѳбѳҕѳ кэтиллэр мааскалар, проектор, музыка, ноутбук.

Дьарык барыыта:

- О5олоор, бугун биhиэхэ ыалдьыт бѳҕѳ кэллэ. Билигин,  мин эhиэхэ таабырын  таайтарыам, остуоруйаны тѳhѳ билэр эбиккитин  кѳрүѳхпүт  (экранна хартыыналар, о5олор таайаллар - «Эриэппэ», «Кыhыл кѳмүс сымыыт», «Колобок», «Кысыл бэргэhэчээн», «Ус эhэ».)

- О5олор маладьыастар,  остуоруйалары  үчүгэйдик билэр эбиккит. Билигин, биһиги остуоруйа дойдутугар ыалдьыттыы барыахпыт. Турдубут, санныбытыттан  тутустубут,  поеhынан  айаннаатыбыт.

- Оо, кѳрүҥ эрэ о5олоор, дьиэ турар ди, улахан баҕайы күлүүстээх. Арыйыаххайыҥ эрэ …

Ааҥҥа күлүүс ыйаммыт,

Ким сатаан арыйыай?

Тоҥсуйабыт күлүүhү,

Эргитэбит күлүүhү,

Тардыалыыбыт күлүүhү,

Арыйдыбыт күлүүhү  (о5олор бары туран үтүктэллэр).

- Маладьыастар, о5олор!  Дьэ,  билигин  остуоруйа  кѳрүѳхпүт, бары олордубут, болҕойон истэбит.

Былыыр-былыр, ойуурга улахан да, кыра да буолбатах  дьиэ турбут. Арай биирдэ кутуйах суурэн испит (кутуйах музыката тыаһыыр), дьиэни кѳрѳн тохтообут уонна саҥарбыт:

- Дьиэ-дьиэчээн, ким манна олорор?

Ким да саҥарбатах, кутуйах дьиэҕэ киирэн олорбут.

Онтон бах-бах баҕа ойон кэлбит (баҕа музыката), дьиэни тоҥсуйбут уонна ыйыппыт:

- Дьиэ-дьиэчээн, ким дьиэҕэ олорор?

- Мин кутуйахпын, пи-пи-пи … онтон эн кимҥиний?

- Мин бах-бах баҕабын.

- Эн тугу сатыыгын?

- Мин  хаппыыста  тууhуубун, эhигини үѳрэтиэм:

Хаппыыстаны  быhабыт

Моркуопканы быhабыт,

Хаппыыстаны  тууhуубут,

Хаппыыстаны  ыгабыт,

Хаппыыстаны  тууhууртан  сылайдылар  илиилэр.

(О5олор бары туран үтүктэллэр).

Кутуйах уонна ба5а дьиэ5э киирэн олорбуттар.

- О5олоор хас буолбуттарый? Ааҕыаҕын эрэ … биир, икки, хас буолан олорбуттарый, 2 буолан олорбуттар.

Онтон куобах суурэн испит (куобах музыката), тохтообут уонна ыйытар: «Дьиэ-дьиэчээн, ким дьиэҕэ олорор?»

- мин кутуйахпын пи-пи-пи …

- мин бах-бах ба5абын, онтон эн кимниний?

Куобах: «Мин куобахпын, миигин дьиэ5э киллэриэххит дуо?»

-Эн тугу сатыыгын?

- Мин эhигини сэрээккэ оҥорорго үѳрэтиэм (бары туран үтүктэллэр)

Үѳhээ-үѳhээ таҕыстыбыт,

Илиибитин ѳттүккэ,

Чэпчэкитик ойдубут, скок! (3 тѳгүл)

- Дьиэ5э хас буолбуттарый? (аа5аллар), маладьыастар ус буолбуттар.

Ол олордохторуна, тыа са5атыттан саhылчаан-эдьиийчээн кэлбит (саһыл музыката). Кэлэн иhэн дьиэни кѳрѳн тохтообут уонна ыйыппыт:

- дьиэ-дьиэчээн ким эйиэхэ олороруй?

- мин кутуйахпын, пи-пи-пи …

- мин бах-бах ба5абын …

- мин куобахпын, онтон эн кимҥиний?

- мин саhылчааммын, миигин дьиэ5э киллэрин …

- онтон эн тугу сатыыгын?

- мин эhигини бэрэски онорорго үѳрэтиэм:

Кутуйахха бэрэски, ба5ачааҥҥа бэрэски

Куобахчаанна, саhылга

Барыгытын күндүлүѳм.

- киирэн биhигини кытта олор – диэбит куобах.

- О5олоор,  дьиэ-дьиэчээннэ хас буолбуттарый? (аа5аллар), маладьыастар, 4 буолбуттар.

Онтон тыа быыhыттан бѳрѳ сүүрэн иhэр эбит. Сүүрэн-сүүрэн иhэн дьиэни кѳрѳн тохтообут уонна ыйыппыт.

- дьиэ-дьиэчээн, ким эйиэхэ олорор?

- мин кутуйахпын, пи-пи-пи …

- мин бах-бах ба5абын …

- мин куобахпын …

- мин саhылчааммын, онтон эн ким буолаҕын?

Онтон эн мин, бѳрѳбун,  мин дьиэ харабыллыыбын уонна ыллыыбын уу-уу…

- Биhигини киирэн харабыллаа!

- О5олоор,  дьиэ5э хас буолбуттарый? (аа5аллар), саамай сѳп 5 буолбуттар.

Арай мутук тостор тыас иhиллибит, иhэр эбит тыаттан – эhэ.

Дьиэ аттыгар кэлэн, ааны тоҥсуйбут.

- дьиэ-дьиэчээн, ким эйиэхэ олорор?

- мин кутуйахпын, пи-пи-пи …

- мин бах-бах ба5абын …

- мин куобахпын …

- мин саhылчааммын …

- мин бѳрѳбун, онтон эн кимниний?

- мин ойуур адьыр5а кыыла эhэбин.  

- эн тугу сатыыгын?

- мин ырыа ыллыырбын, үҥкүү үҥкүүлүүрбүн, оонньуурбун сѳбүлүүбүн. Саха норуотун оһуокайын үҥкүүтүгэр туруоҕуҥ!

Бары туран эhэни кытта оһуокайдыыллар.

- маладьыастар, бары наhаа учугэйдик үҥкүүлээтибит. Мин эhиэхэ кэhиибин аҕаллым (хас биирдии о5ону кэмпиэтинэн күндүлүүр).

- манан биһиги остуоруйабыт бүтэр, о5олор бары маладьыастар, ыалдьыттарга болҕомтоҕут иhин баhыыбаларын. Аныгыскы кѳрсүѳххэ диэри!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«Остуоруйа дойдута» орто бѳлѳ5ѳр тѳрѳппүт мунньа5а.

quot;Сана уэрэх са5аланыыта- сана хардыы уьуйааммыт оло5ор, тэрэппуттэрбитигэр уонна иитиллээччилэрбитигэр."...

"Кумах дойдута"

Бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар аналлаах, тулалыыр олоҕу, айылҕаны билиһиннэрии...

кружок "Олонхо алыптаах дойдута"

Киириитэ         Олонхо уус уран айымньы, хас биирдии олонхо угус ураты дьоруойдаах тус туhунан ис хоьоонноох – олонхо ѳбугэ тѳрутпут кэлэр кѳлуѳнэлэргэ к...

Орто бөлөх оҕолорун ахсаан дьарыгын тутула «Шахмат дойдута»

Сыала соруга: - Шахмат эйгэтинэн о5о ейдуур кыа5ын сайыннарыы- 10 диэри ахсааны, геометричэскэй бугуурэлэри хатылааьын- Саахымат фигураларын ааттарын, турар миэстэлэрин уерэтиини бигэргэтии- Шахмат оо...

Авторская методика «Аптаах музыка дойдута»

Биһиги иннибитигэр ахтыыбынай уонна билэр баҕалаах көлүөнэни иитии соруга турар. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитиигэ тус сыаллаах хайысхалартан биирдэстэрэ музыка буолар. Онно тирэҕирэн, бастат...

Техкарта кырааска дойдута

Технологическая карта НОДОбразовательные области: речевое развитие.Тема занятия: «Мир красок».Возрастная группа: средняя группа.Цель занятия: продолжать формировать умения детей образовыва...