кружок "Олонхо алыптаах дойдута"
план-конспект занятия по развитию речи (старшая группа)

Шадрина Виктория Викторовна

Киириитэ

         Олонхо уус уран айымньы, хас биирдии олонхо угус ураты дьоруойдаах тус туhунан ис хоьоонноох – олонхо ѳбугэ тѳрутпут кэлэр кѳлуѳнэлэргэ кэриэс гынан хаалларбыт кэс тыла, ол кэс тыла диэн олонхо5о олох дьаhах, ѳй санаа, былдьаhыктаах, быhылааннаах кэм майгытын сигилитин туhунан уустаан-ураннаан дьуhуйбут уѳрэ5э эбит. Ону ааhан киэн халлаан киэлитин, итэ5эл, сиэр туом туhунан билиини тиэрдэр уѳрэх. Онтон саамай сурунэ – киhи аналын, бухатыыр айыы айма5ын кѳмускуур, араначчылыыр аналлаа5ын уран тылынан умсугутан инэрэр уѳрэх. Ол да иhин сункэн билиини инэринэн ильдэ сылдьар олонхоhуту улуу педагог Г.Н. Волков «Олонхоhуттар норуот утуѳкэннээх учууталлара эбиттэр», - диэтэ5э.

        Олонхо тѳрут ѳйдѳбуллэрэ саха оло5о, тулалыыр олох кѳстѳр-кѳстубэт эйгэтин, аан айыл5аны анааран сылыттаан кѳрѳр уѳруйэ5ин кытта быhаччы ситимнээхтэр. Олонхо иитэр уѳрэтэр, сайыннарар кыа5ын тута сылдьар тѳрут ѳйдѳбуллэрин маннык наардыахха сѳп:

·    Аан дойдуну анаарар тѳрут ѳйдѳбуллэр: аан ийэ дойду, Аар кудук мас //Аал луук мас, уеhээ дойду , орто дойду, аллара Дойду, то5ус хаттыгастаах халлаан, ойук былыт, кинкиниир киэн куйаар, былыргы быльдаhыктаах быдан дьыллар мындаалара.

·    Киhи аймах аналын туhунан: айыы айма5а, кун айыы улууhа, кун ѳркѳн улууhа, саха ураанхай, аар тойон а5а, кун кубэй ийэ, айыы кыыhа, окко туспут оноhуу, тѳннубэт тѳлкѳ, киhи буолар кэрэмэс кэскил, саха буолар салбар салааhын,; бутун оноруу, киhи тѳрдѳ буол, кэнчээрини кэнэтэр, удьуору ууhатар о.д.а.

·    Бухатыыр аналын туhунан: айыы бухатыыра, бухатыыр ата, кун улууhун, айыы айма5ын араначчылыыр аналлаах, суон дурда, халын хахха, кун киhитэ кѳмускэс, айыы киhитэ аhыныгас, айыы сирин аарыма ба5аната, кун сирин кутур куустээ5э, Кудай Бахсы уус о.д.а.

·    Айыы айма5ар утары турар куус туhунан: абааhы айма5а адьарай бииhэ, Арсан Дуолай, уѳдэн тугэ5э, Нэс Утугэн, абааhы уола, абааhы кыыhа, о.д.а.

·    Итэ5эл туhунан: сур-кут,буор кут, салгын кут ийэ кут, урдук айыылар, Урун Айыы Тойон,иччи, ойуун, уда5ан, кыырар, дьалбыйар, алгыыр, од.а.

·    Норуот уйгулаах оло5ун-дьаhа5ын туhунан: алаhа дьиэ, иэримэ дьиэ, аал уот, алтан сэргэ, аар ба5ах, урун суурук, хара суурук, унаар буруо, уостубат уйгу, быстыбат, быйан, иитэр суѳhу;

·    Тыл кууhун туhунан: кэс тыл, аман ѳс, хомуhуннаах тыл, сиэрдээх тыл илбистээх тыл, иччилээх тыл, сэттээх-сэлээннээх тыл, тыл иччитэ;

Бу а5ыйах холобуртан олонхо терут ѳйдѳбуллэрэ киhи буолар кэскили тустуур ѳйу санааны тиэрдэр аналлаахтара кѳстѳр.

 

 

 

Олонхону о5о5о уѳрэтии.

      Киhи аймах уйэлэр тухары олох туhугар туруулаhар охсуhуу наадатын, эр санаалаах кууhун , кэрэ утуѳ быhыы-майгы уйэлээ5ин, киhи оло5о бутун норуотун оло5ор суолталаа5ын олонхо философията кэрэhэлиир.

Олонхо кэнчээри ыччаттарбытын иитиигэ-уѳрэтиигэ туhанар сорук турар.           

    Тулуурдаах буолуу проблемата кыра саастаах о5олорго эмиэ баар. Билинни о5о кыра сааhыттан билиилээх-кѳруулээх, толкуйдуур дьо5урдаах, тыла ѳhѳ ыраас, ситимнээх сайдыылаах буолара ирдэнэр. О5олору иитэргэ былыргы ѳбугэлэрбит абыычайдарын , этиилэрин олоххо туhанарбыт ордук буолуо этэ.

О5о туhунан:

О5о – уйэ кэскилэ

О5о – инники эрэл

О5о – дьол-уѳруу,

О5о – оло5у, омугу сал5ааччы

Улэм сыала -соруга :

       О5олору сиэрдээх быьыыга- майгыга, ѳйгѳ-санаа5а иитии, ѳбугэлэрбит угэстэрин, итэ5эллэрин, тѳрут культуураны о5о5о ѳбугэлэрбит оонньууларын нѳнуѳ тириэрдии- уѳрэтии. Олонхо тылынан-ѳhунэн, дьоруойдарын уобарастарын, олонхо дойдутунан былыргы ѳбугэлэрбит олорон ааспыт олохторун кэрэhэлиир, сал5ыыр, кэнчээри ыччаттарбытыгар кѳрдѳрѳн, утугуннэрэн, уерэтии иитии.

Актуальноhа:

      Олонхо тылын-ѳhун кѳмѳтунэн о5ону сахалыы тыынна ѳбугэлэрбит олохторун-дьаhахтарын билиhиннэрээри. Бу олонхо диэн суду айымньыга о5олору кыра саастарыттан уhуйан иитиигэ-уѳрэтиигэ.

Тылларын саппааhын байытыы, уустаан-ураннаан бэргэн-хомо5ой тылынан кэпсэтэр уонна кэпсиир дьо5урдарын, уобарастаан толкуйдуур фантазияларын сайыннарыы.

Улэм формалара:

·    Дьарыктар

·    Бэсиэдэлэр

·    Олонхо оонньуулара

·    Олонхону оонньооhун (драматизация),  Мария Обутова – Эврестова «Дьуруйаан Бэргэн» олонхотун туруоруу.

      О5о5о бастаан олонхо сириттэн дойдутуттан са5алаан кэпсээhин уруhуйу кѳрдѳруу, олонхо дьоруойдарын уобарастарын кѳрдѳруу, ѳйдѳтуу.

      Дьарыкка сахалыы ѳбугэ оонньууларын оонньоотуу. Олонхону улахан группа о5олоругар утугуннэрэн аахтарыы. О5о уус уран тылы-ѳhу билэригэр бэйэтин сааhыгар сѳптѳѳх тойугу, олонхону уѳрэтии.

 

О5о уонна олонхо:

      Ханнык ба5арар омук уѳскээбит олорбут оло5ун кэпсиир, сырдатар уостан-уоска бэриллэн, аныгы ыччакка тиийэн кэлбит уостубат-ѳспѳт айымньылаах буолар. Саха омуга уѳскээбит дойдутун тыынын, дьонун ѳйун-санаатын, оло5ун дьаhа5ын кэрэhэлиир суду айымньытынан олонхо буолар. Олонхо тылын – ѳhун иhитиннэрии о5о кыра эрдэ5иттэн ыытыллар. О5о олох кыратыгар ыалга, дьиэ5э-уокка, эбэ-эhэ, тѳрѳппут олонхону сэнээрэн истэннэр о5о бол5омтотун тардаллар.             Уhугэр диэри сааcтаах кырачааннар ойууну кѳрѳн олонхо дойдутун, сирин-уотун, айыы бухатыырын, кыыhын аатын суолун, уратытын билсэллэр.

      Ол курдук ѳйдууругэр табыгастаах гына остуоруйа куpдук кылгатан, ол эрэри олонхо ойуулуур-дьуhуннуур, олук тылларын туттан сурун ис хоhоонун иитээччи билиhиннэрэр, о5о ѳйугэр онорон кѳрѳр дьо5урун сайыннарар. Олонхону кыра сааhыттан билсэн, этигэр хааныгар инэринэн, ылынан улааппыт о5о:

1.   Ѳйдѳѳн истэр дьо5ура сайдар

2.   Олонхо тылыгар-ѳhугэр интириэhэ уhуктар.

3.   Тѳрѳѳбут норуотун былыргы оло5ун-дьаhа5ын кытта билсэр

4.   Ыраа5ы толкуйдуур ыраналыыр буолар, ойуулаан-дьуhуннээн, уобарастаан кѳруутэ сайдар

5.   Тулалыыр айыл5атын, эйгэтин убаастыыр, учугэй-куhа5ан ѳруттэри араарар, тѳрѳѳбут норуотунан киэн туттар буола улаатар

6.   Айыы сыралын инэринэн, сахалыы сиэрдээх киhи кэрэмэhэ буолар кыахтанар.

Уhуйаан нэдиэлэђэ биирдэ, (сылга 34 чаас), ыытыллаллар. Дьарык уhуна – 30 мүн.

 

 

 

Дьарык  темата

 

Ситиhиллиэхтээх сатабыллар

 

Буолар күнэ-дьыла, туттуллар литература.

 

 

 «Олонхо туьунан билиьиннэрии»

Уорэтэр сыла:

Социально-коммуникативнай сайдыы: беле5унэн  улэлиир уеруйэхтэрин, толкуйдуур дьо5урдарын сайыннарыы; беле5унэн улэ5э уерэтии, дьайымал кэмигэр о5о бэйэ-бэйэни кытта бодоруьа уерэниитэ; дьарык кэмигэр бэйэ-бэйэ5э комолоьор, до5ордуу сыьыаны иитии.

Билии-керуу сайдыыта: олонхо ус дойдутун туьунан билиьиннэрии, интэриэьи уоскэтии; олонхо ебугэбит суду айымньыта буоларын ойдотуу; о5о билэр-корор ба5атын сайыннарыы;

Тыл сайдыытасана тыллары билиьиннэрии, о5о тылын саппааьын байытыы, ситимнээх толору этиилэри туттан санарарга уорэтии; тыллары чуолкайдык санарар, бэйэ санааны толлубакка этэр дьо5уру сайыннарыы. 

Олонхо туьунан уопсай ойдобул биэрии. Интерактивнай доска5а слайд коруу «Олонхо дойдута»;

«» олнхону быьа тардан аа5ыы.

 

 

Алтынньы ый 25 кунэ.

1 «Олонхо дойдута» Дь-2014 с. Е.П.Чехордуна.

2 Олонхо уруьуйдарынан слайд онорон кордоруу.

3 «Куонэ ко5оччор аттаах куустээх-уохтаах  Кун Кундулу бухатыыр» Дь.- 2009 с. П.Е. Решетников -  олонхоттон быьа тардан аа5ыы (3стр-7стр).

 

«Олонхо ус дойдута таныллар хартыына"

 

Ус дойду уруhуй 3 чаастан турар ,

Уѳhээ дойду - халлаан куйаара ,былыттар ,сулустар ,урун айыылар

Орто дойду - сир араната, айыл5а , уунээйилэр ,кыыллар ,уѳн-кѳйуур, кѳтѳрдѳр

Аллараа дойду -сир аллараа араната

Хас биирдии дойду бэйэтэ туспа ис хоhоонугар сѳп тубэhиннэрэн ууруллар

Сайыннарар кыа5а:

Ус дойду ойуу о5о сенсорнай сайдыытын хааччыйар уонна олонхо ус дойдутун билсиhиннэрэр демонстрационнай матырыйаал буолар, улахан о5о олонхону бэйэтэ кэпсиир кыахтанна5ына, тылын-ѳhун, айар, кэпсиир уонна бол5омтолоохтук истэр дьо5урун таhымын урдэтэр кыахтанар.

 

 

Сэтинньи ый 1 кунэ

1 «Олонхо дойдута» Дь-2014 с. Е.П.Чехордуна.

2 Олонхо уруьуйдарынан слайд онорон кордоруу.

 

«Обугэлэрбит олохторо-дьаьахтара»

 

 

Сахалар былыр алаастарынан бытанан дьиэ-уот тэринэн олорбуттара. Бэйэлэрэ анал сирдээх буолан, ынах, сылгы иитэллэрэ. Сайылыыр, кыстыыр сирдэрэ тус-туьунан буолара. Тыйыцс кыьын дьахтар, эр киьи сылаас, туулээх танаьы таннар. Сахаларга былыргыттан билиннэ диэри бииргэ торообуттэрэ, уруу-аймах улахан оруоллаахтар. Ол иьин торду-ууьу билиллиэхтээх.

Оонньуу сахалыы лото «Мин эйгэм»

 

Сэтинньи ый 8 кунэ.

1 Дьарыкка сахалар олохторун-дьаьахтарын слайдын коруу,кэпсээьин, И.Г.Федоров,П.К.Васильев кинигэтинэн.

2 остуол оонньуута лото.

 

 

 Олонхо хамсаныылара:

«Хамсаныылаах олонхо оонньуута»

Дьарык сыала:

 о5о этин-сиинин, тылын-оьун,ойун-санаатын сайыннарыы.

Эрчимэн Бэргэн бухатыыр

Иитээччи аан дойду айыллыыта хоhоон аа5ар

Бухатыыр Эрчимэн Бэргэн аллараа дойдуга айанныыр

3 куруугу сы5арытан онон хаамар

Аллараа дойдуга ѳйдѳѳн кѳрбутэ хара тааhынан кѳрѳн турар эбит

Абааhы о5олоро 5 о5о куруук иhигэр тураллар ,

Эрчимэн Бэргэн ньолбуhах хара ѳрбѳхтѳн оноhуллубут мээчигинэн быра5аттыыр

5 абааьы о5олоро тогурук хаптаhын урдунэн солбуhан ууран хаамаллар

Куота сатыыллар,

Барыларын табан Эрчимэн Бэргэн хотор

Оонньуу сайыннарар кыа5а

Оонньуу быраабылатын тутуьан, о5о сатаан быллаанныыр ,хонтуруолланар , бэйэтин салайынар тургэнник хамнанар ,сымса буоларыгар эрчийэр.

 

 

Сэтинньи ый 15-22 куннэрэ.

«Олонхо: эти-сиини эрчийии»Дь.- 2009 с.

 

 «Кырыллыбыт хартыынкалар» (пазл).

Олонхону билиьиннэрэргэ, уерэтэргэ олонхо сюжетынан оноьуллубут хартыынкалары хомуйуу – таныы. Танар кэмигэр хартыына ис хоьоонун о5ону кытта кэпсэтэрбит туьалыыр еруттэрдээх буолуон сеп: олонхо ис хоьоонун ейдуур, тыла сайдар, тылын саппааьа элбиир, ейугэр тутар дьо5ура сайдар, бол5омтолоох буолар, ену, быьыыны-таьааны араара уерэнэр. Маны таьынан бытархай элеменнэри тутан тарбахтарын былчына сайдар буолан о5о уопсай сайдыытыгар эмиэ кемелеех буолуон сеп. Бу оонньууну биирдиилээн, команданан да оонньуохха сеп.

 

Сэтинньи ый 29 кунэ.  пазылынан дьарык.

 

Ойуулаах кубиктар»

О5о кубик туерт хайысхатыгар ойууламмыт уруьуйдары сааьылаан булар, наардаан уурар. Оонньуу кэмигэр о5о ебугэ туттубут малын – салын, иьитин – хомуоьун, сэбин – сэбиргэлин, танаьын сабын туьунан эбии ейдебулу ылар. Маны таьынан ахсааны аа5арга, ену араарарга туьалаах буолуон сеп. Оонньуу биирдиилээн, хамаанданан , беле5унэн ыытыллыан сеп.

 

Ахсынньы ый 6-13 куннэрэ

 

Саха норуотун уус-уран айымньытын саамай урдук чыпчаала – Олонхо

Иллюстрация кеметунэн о5олорго кэпсээьин. Уустаан-ураннаан, куцолаьы уларытан, ис хоьоонноохтук кэпсээн о5олорго тиэрдии. О5о санаабыт санаатын таба этэн, ис хоьоонноохтук санара уерэнэрин ситиьии.

 

Ахсынньы ый  20-27 куннэрэ.

 

Дид/оонньуу

 «Пааратын бул», «Предмети наардаа».

 

Тохсунньу ый 10- 17 куннэрэ

 

Хамс/оонньуу

 «Харда5ас охторуу», «Дьиэрэнкэй тэбии», оьуохай хаамыыта.

 

Тосунньу ый 24 кунэ

 

 «Олонхо – эйгэтэ…»

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» - олонхоттон ат уобараьын быьа тардан о5олорго аа5ан иьитиннэрии. Суруллубут тыллары ырытыы, туох ейдебуллээхтэрин быьаарыы. О5о тылын байытыы, ситимнээх сананы            сайыннарыы.

Тыл оонньуута: «Этиини сал5аа», «Теттеру эт».

Хамс/оонньуу: «Атынан сырсыы», «Тургэнник хомуй»

 

Тохсунньу ый 31 кунэ

 

В рамках Года молодежи в РС(Я)и 385-летия вхождения Якутии в состав Российского гос-ва XXI респ-й фестиваль дошкольных театральных коллективов «Синяя птица» им. Ю.Н.Козловского  курэххэ театрилизованнай  сценка кордоруугэ бэлэмнэнии. Мария Обутова – Эврестова «Дьурайаан Бэргэн»  олонхотун туруоруу.

 

Группанан театрилизованнай кордоруугэ дьарык ыытыы.

Олонхо -  о5о торообут торут тылын кэрэхсииригэр,тулалыыр куох эйгэбитиг харыстыырыгар, таптыырыгар уорэтэр.  

Олонхо туругун , ис хоьоонун о5олорго тиэрдии.

Оуолларга о5олору уллэриир,

 

Олунньу ый 7,14,21,28 ; Кулун тутар ый 7;14;21;28  куннэрэ.

 

«Олонхо5о уран тыла»

Дьарыкка о5олор олонхо кулуус тылларыгар уорэнэллэр:

•          Олонхо: олонхоьут, аал уот, оллоон кэбистэ, кулгаах баттанна;

•          Уоьээ дойду: киэн куйаар, урдук айыылар, добун халлаан, кунду манан кун, уоттаах кун, урун былыт;

•          Орто дойду: конус урэх, сууруктээх орус, уллэр муора,анаат-мунаат алаас, баттаатахха маталдьыйбат, тулларытта5ас хатырык, хатын мас;

•          Айыы аймаха: кохсуттэн тэьииннээх кун улууьун дьоно, толуу дьон, халлааны хаххалыыр, кунду кулуктэр,о.д. хоьуйан этэр-санарар тылларга уорэнэллэр. О5о онорон коруутэ,фантазиятын сайыннарыы. Ойго онорон коруу: олонхо геройдарын, оту-маьы,уунээйини.

 

Муус устар ый 4 ; 11 ; 18 куннэрэ.

 

Орто дойду айыллыыта

Олонхо хамсаныыларыгар о5олору уорэтии. Эрчиллиигэ бэлэмнэнии: турукка киирии. Сиьи конотук туттан олоруу,тобону эргитии о.д.а хамсаныылары оноруу.

Муус устар ый 18-25 куннэрэ

 

Олонхо5о айыл5а костуутэ

Тумуктуур дьарык  ыам ыйын 23 кунэ

 

Олонхо хамсаныыларыгар о5олору уорэтии. Эрчиллиигэ бэлэмнэнии: турукка киирии. Сиьи конотук туттан олоруу,тобону эргитии о.д.а хамсаныылары оноруу.

Ыам ыйын 2;16;23 куннэрэ

 

Туhаныллыбыт  литература

1. «Олонхо: эти –сиини эрчийии»Дь.2009с, Н.В. Чехордуна, А.С. Ефимова,Т.В.Старостина

2. «Олонхо в игровой деятельности детей»Якутск 2013г. Андросова Ю.В., Александрова Н.П.

3. «Алгыстаах алаьа» Дь-2009с,Д.Г.Ефимова, Н.П.Александрова

4. «Олонхо дойдута» Е.П. Чехордуна- Дь.: Бичик, 2014с

5. «Обугэлэрбит оло5о-дьаьа5а» Дь-2012с И.Г.Федоров, П.К. Васильев

6. «Куонэ ко5оччор аттаах куустээх-уохтаах Кун Кундулу бухатыыр» Дь-2009с,П.Е. Решетников- Коьоно Буотур.

 

По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«Остуоруйа дойдута»

«Остуоруйа дойдута»Сыала-соруга:Үѳрэтэр: оҕону кыра, билэр остуоруйатын оонньоон кѳрдѳрѳргѳ үѳрэтии; геройдар образтарын (хамсаныытын, саҥатын) арыйарын ситиһии; Хартыынаны кѳрѳн остуоруйа аатын...

Сана дьыллаа5ы сценарий «Диснейленд» алыптаах дойтута

Оруолларга:Микки Маус Минни Маус Куhа5ан санаалаах Королоева Хаарчаана Белоснежка Гномиктар Русалкалар Феялар Аладдин Восток красавицалара Принцессалар Пахохонтос Индеецтар Питер Пэн Пираттар...

Логико-математические игры "Алыптаах хаамыска"("Волшебные камешки") на основе якутских национальных игр "Хаамыска", "Хабылык"

Использование якутских националных игр "Хабылык", "Хаамыска" в проведении логико-математических игр...

«Остуоруйа дойдута» орто бѳлѳ5ѳр тѳрѳппүт мунньа5а.

quot;Сана уэрэх са5аланыыта- сана хардыы уьуйааммыт оло5ор, тэрэппуттэрбитигэр уонна иитиллээччилэрбитигэр."...

"Кумах дойдута"

Бэлэмнэнии бөлөх оҕолоругар аналлаах, тулалыыр олоҕу, айылҕаны билиһиннэрии...

Орто бөлөх оҕолорун ахсаан дьарыгын тутула «Шахмат дойдута»

Сыала соруга: - Шахмат эйгэтинэн о5о ейдуур кыа5ын сайыннарыы- 10 диэри ахсааны, геометричэскэй бугуурэлэри хатылааьын- Саахымат фигураларын ааттарын, турар миэстэлэрин уерэтиини бигэргэтии- Шахмат оо...