"Тойон Дьаҕарыма" Күннүк Уурастыырап
учебно-методический материал

Владимирова Евдокия Николаевна

Уһуйааҥҥа сылдьар оҕолорго бөлөҕүнэн толорууга ананан оҥоһуллубут сценарий

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл toyon_dagaryma.docx21.85 КБ

Предварительный просмотр:

*Күннүк Уурастыырап

Тойон Дьаҕарыма

(Олоҥхо)

Оонньуур дьоно:

1.Олоҥхоһут

2.Тойон Дьаҕарыма бухатыыр

3.Симэхсин эмээхсин

4.Уол Оһулуйа Боотур

5.Кыыс Туйгун бухатыыр

6.Үрүҥ Айыы оҕонньор ата

7.Дьилбэктэй удаҕан

8.Тимир Молуодай бухатыыр

9.Күн Чөллөрүүн Куо

Олоҥхоһут:

Дьэ бу

Былыргы дьыл

Быһылааннаах мындаатыгар,

Урукку дьыл

Охсуһуулаах  уорҕатыгар

Саха урааҥхай

Саҥа айыллыытын саҕана-

Уолан бүтэр уулаах

Охтон баранар мастаах

Ойон тахсар күннээх

Ойоҕолоон үүнэр ыйдаах

Орто туруу дойдуга

Хотой Айыы баай

Тойон оҕонньор аҕалаах,

Эдьээн Айыы баай

Хотун эмээхсин ийэлээх,

Нуоҕалдьын Кугас аттаах

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр диэн

Үөскээн-төрөөн

Олорбута эбитэ үһү.

Бухатыыр киһи

Көстөр мөссүөнэ

Хайдах эбитий диэн

Өйдөөн-дьүүллээн

Көрөн турдахха-

Бысталаабыт тиит быччыҥнаах,

Хастаабыт тиит харылаах

Суллаабыт тиит сотолоох,

Бэрэбинэ тиит бэйэлээх

Дьэ кырдьыга да

Баһаам улахан

Баараҕай киһи эбит.

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр:

-Дьиэ-буо, буйаккатын-буйака!

Миннийэлиир диэтэх

Бухатыыр киһи

Айан сырыы суолун арыйар күнүм

Алаарыйан таҕыста.

Сулумах сылдьар куһаҕан эбит,

Онон,

Хомпоруун Хотой баай

Тойон оҕонньор аҕалаах,

Сараадыйар Сара баай

Хатын эмээхсин ийэлээх,

Кыыс Туйгун бухатыыр-

Аллаах ат хараҕын курдук

Артыаллаһан айыллыбыт,

Бургунас ынах  муоһун курдук

Дьүөрэлэһэн төрөөбүт

Хотун балта-

Үс былас долгуннаах

Нуолур солко суһуохтаах

Үчүгэй оҕо-бэрт кыыс

Күн Чөллөрүүн Куону

Ойох ыла бараары

Оҥостон турабын.

Бука барыгыт,

Быдан ыраах дьылларга

Быралыйар бырастыыларыҥ!

Олоҥхоһут:

Нуоҕалдьын Кугас атын

Өрө тардан тэһииннээтэ,

Быһа биэрэн кымньыылаата,

Өр –өтөр гыммата,

Алааһыттан арахта,

Тиэргэниттэн тэйдэ.

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр

Айыы дьонун атаҕастаабыт

Абааһы аймаҕын

Кыайан – хотон баран

Күн Чөллөрүүн Куо

Төрүт буоругар

Тиийэн кэлбитэ, -

Ыт үрбэтэҕэ,

Ынах маҕыраабатаҕа,

Ыал олорботоҕо

Ырааппыт сирэ буолан биэрдэ.

Тойон Дьа5арыма бухатыыр:

-Бу туох үлүгэрдээхтэрэ

Үөһэттэн түһэннэр

Үрэйбит буоллахтарай,

Алларааттан тахсаннар

Аймаабыт буоллахтарай?

Тэллэххэ сытар

Тэҥнээх доҕорбун,

Хоойго сытар

Холоонноох доҕорбун

Күн Чөллөрүүн Куону

Ханнык дайды

Баранааҕа кэлэн

Халты харбаппыт

Абакката эбитэ буолла?!

Олоҥхоһут:

Ол турдаҕына,

Кулгаах чуораана,

Хотон хобото,

Титиик иччитэ,-

Симэхсин эмээхсин диэн баара

Хотон аанын аппатан

Быһаҕаһыгар диэри быган баран

Саманнык диэн саҥалаах

Буола турбута үһү.

Симэхсин эмээхсин:

-Субу дуо, сити диэ,

Нуоҕалдьын Кугас аттаах

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр

Дорообото тутаахтаа!

Миннийэлиир диэтэх

Эмээхсин дьахтар

Этэр тылым эгэлгэтин

Иститэлээн туруй эрэ.

Хотун аҕас кылыным

Кыыс Туйгун бухатыыр обургу

Сүҥ Дьааһын бухатыыры кытта

Күрэс былдьаһа

Күүс мээрэйдэһэ тахсыбыта.

Оттон, хотун ойоххун

Күн Чөллөрүүн Куону

Үс хонуктааҕы түүн

Уол Оһулуйа Боотур диэн

Ааттаах суоллаах киһи кэлэн

Илдьэ баран хаалбыта.

Ириэнэх суоллары

Ирдээҥҥин даҕаны

Ситэргин билбэтим,

Тоҥ суолларын

Тордооҥҥун даҕаны

Тутаргын хоппотум.

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр:

-Ээ,эн ба5ас,

Эмиэ тугу биллэххиний,

Бар, киэр бар!

Уол Оһулуйа Боотур

Орулуур оруспуой,

Холоонноох доҕорбун

Уоран – талаан барбыт абаккатын

Туох көрүө – истиэ баарай!

Барбыт суолун

Батыһар буоллаҕым!

Олоҥхоһут:

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр

Уол Оһолуйа Боотур

Дойдутугар кэлэн

Үҥкүрүйэ түстэ да

Атыыр сылгы буола оҕуста.

Онуоха,Уол Оһулуйа Боотур

Атыыр сылгыны

Суон моонньуттан

Кууһан аҕалан тиэрэ ууран

Иһин хайытаары гыммытыгар

Атыыр сылгы обургу

Түүрүллэ түһэн баран

Төлө мөҕөн кэбистэ,

Үҥкүрүс гынна да –

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр  бэйэтинэн

Тура түспүтэ эбитэ үһү.

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр:

-Дьиэ –буо,  көр бу,

Уол Оһулуйа Боотур обургу

Дорообото тутуй эрэ!

Бэйэҕинэн кэлэн дуруускалаан

Ыйан ыытан бараҥҥын

Хоойго сытар

Холоонноох доҕорбун

Күн Чөллөрүүн Куону

Суохпунан туһанан

Уоран - талаан кэллиҥ?

Охсуһуута – этиһиитэ суох

Дьахтары аҕала тарт!

Биэрбэт буоллаххына

Оонньуу – оонньуу

Уоккун умуруоруом,

Күлэ – күлэ

Күлгүн буккуйуом.

Уол Оһулуйа Боотур:

-Эр – татайбын,

Эҕэ дьаралыкпын,

Эрэллэрин эриэхситин

Эминэ тугуй!

Ол мин,

Күн Чөллөрүүн Куо диэн

Үрдүк үтүө дьахтары

Ойох ыла бар диэн

Дуруускалаан көрбүппэр

Өһүргэнэн, өттүккүн үнтү түһэн

Өлө сыспытыҥ буолбат дуо?

Хата мин эйиэхэ аанньанан

Дьахтар биэрэн ыытыа суохпун.

Охсуһан биир кыайбыппыт –

Ол дьахтары ыллын!

Олоҥхоһут:

Тоҥ буору

Тобулута үктээтилэр,

Ириэнэх сири

Ибилитэ кэстилэр.

Кинилэр диэтэх дьон

Охсуһан баран сылайан

Тохтоон турдахтарына,

Үрдүк маҥан халлаан диэкиттэн

Ырыалаах халлаан кыыһа

Ытык Хахайдаан удаҕан  

Кыыс Туйгун бухатыыры

Дьылҕа Хаан тойон ыйааҕынан,

Таҥнары кыраан

Түһэрэн иһэрэ эбитэ үһү.

Кыыс Туйгун бухатыыр:

-Миннийэлиир диэтэх

Дьахтар киһи талыыта,

Кыыс оҕо кылааннааҕа

Атыыр Таас Баабыр аттаах

Уол Оһулуйа Боотур

Обургуну кытта

Хойукку хонуктарга

Халыҥ айыым халбарыйдаҕына

Ойохтуу – эрдии буолар

Окко түспүт оҥоһуулаах,

Сиргэ түспүт

Сэрибиэйдээх этибит.

Олоҥхоһут:

Кыыс Туйгун бухатыыр

Уол Оһулуйа Боотуру

Ытаппытынан

Илдьэ бара турбута эбитэ үһү.

Биһиги  киһибит

Күн Чөллөрүүн Куону быыһаан

Илин диэки айанната турда.

Өр да барбыттарын билбэтим,

Өтөр да барбыттарын билбэтим.

Айан дьоно сылайан

Утуйа сыттахтарына

 Абааһы аймаҕын атамаана

Күн Чөллөрүүн Куону

Сулбу тардан ылла да

Күдээрис гынан хаалла.

Биһиги киһибит

Абааһы уолун батыһан

Үөһэ уонна аллара дойду аартыктарыгар

Тиийэн кэлбитэ эбитэ үһү.

Ол  турдаҕына

Дьөһөгөй айыы атыыр соноҕоһо

Субу курдук диэн

Киһилии кэпсии,

Сахалыы саҥара

Турбута эбитэ үһү.

Үрүҥ Айыы оҕонньор ата:

-Анньыһах – анньыһах,

Анньыһах – анньыһах!

Нуоҕалдьын Кугас аттаах

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр

Тоҥ күөҥҥэр,

Дорообото тутуй!

Туох ааттаах сылгыта кэлэҥҥин

Дорообонон тосхойдуҥ диэтэргин,

Өндөл маҥан халлаан олохтооҕо

Үрүҥ Айыы оҕонньор

Тыллаах тылбаасчыта,

Итэҕэллээх илдьитэ  этим.

Эйигин, тоҕус ыйдаах оҕону

Алҕаан арчылаан

Орто туруу дойдуга

Түһээртэрэ эбитэ үһү.

Ол бэйэҥ улаатан,

Буутуҥ этэ буһан,

Холуҥ этэ хойдон,

Сиһиҥ этэ ситэн

Бухатыыр киһи буолбуккун.

Ону истэннэр

Соҕотох атахтаах

Соһумтаҕай Хара аттаах

Тимир Молуодай бухатыыр обургуну

Ирдиир күҥҥэр

Миигин тоһуйтара ыыппыттара.

Кинини эккирэппэккэ эрэ

Самантан төннө охсуоҥ үһү.

Ол дойдуга түспүт киһи барыта

Төннүбэккэ сүппүт,

Киирбит киһи барыта

Эргийбэккэ мэлийбит!

Олоҥхоһут:

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр

Бастыҥ түүлээх оҕун ууран

Сөһүргэстээн олорон

Субу курдук диэн

Саҥара олорбута эбитэ үһү.

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр:

-Дьиэ – буо, дьиэ – буо,

Эппит тылым иччитэ

Тыһы чыычаах буолаҥҥын

Тимир Дибдиргэн бухатыыр кулгааҕар

Илэ – баачы түһүүй эрэ!

Тимир Молуодай бухатыыр обургу

Холоонноох доҕорбун уоран

Куоппутун эккирэтэммин

Алларааҥы дойдуга

Айанныыр күнүм буолла!

Кустук охпун

Ытан бэлиэ хаалларан эрэбин.

Ол оҕум

Эн тойон сэргэҕэр

Батары түһэн туран

Эмэх буолан тостор күнүгэр

Үрүҥ тыыммын

Өрүһүйэр буолаар.

Олоҥхоһут:

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр

Муус Кудулу булгунньахха

 Тиийэн көрбүтэ

Тимир дьигискэн дьиэ

Өрө эргичийэ турар эбит.

Ол дьиэҕэ тиийэн көрбүтэ,

Дьилбэктэй удаҕан

Атыыр оҕус тириитин

Имитэ  олорон

Биһиги киһибит иһэрин көрөөт,

Тириитин киэр элиттэ да

Ол – бу дьэбин сиэн кээспит

Тимир иһитин – хомуоһун,

Иннигэр – кэннигэр иилинэн

Субу курдук диэн

Ырыа ыллыы, тойук туойа

Турбута эбитэ үһү.

Дьилбэктэй удаҕан:

-Иһиликпин – таһылыкпын,

Иэдээникпин –куодааныкпын

Иэхэйикпин – чуохайыкпын

Эргиэникпин – урбааныкпын

Куударалаах баттахтардаах

Хотой Айыы баай тойон

Оҕонньорчой аҕалардаах

Эдьээн Айыы баай хатын

Эмээхсинчэй ийэлэрдээх

Нуоҕалдьынныыр Кугас аттаах

Тойонуктуур Дьаҕарыма

Бухатыырчай обургучаан

Дорооботун дорообо,

Дорообочоон дорообо!

Ытарҕалаах киэннэрэ

Ырааһыга буолабын,

Биһилэхтээх киэннэрэ

Бэттэригэ буолабын,

Иннэриктээх киэннэрэ

Тэтэркэйэ буолабын.

Асчыппынан алыспын,

Күөсчүппүнэн күндүбүн,

Дьаһалбынан бастыҥмын,

Сүрэхпинэн сүрдээхпин,

Иһиликпин – таһылыкпын,

Иэдээникпин – куодааныкпын,

Иэхэйикпин – чуохайыкпын,

Эргиэникпин – урбааныкпын,

Эчикиллэй – эчикиллэй!

Олоҥхоһут:

Инньэ диирин кытары

Биһиги киһибит

Моонньоох баһын булгу эрийэн ылан

Маҥан ураҕаска иилэн

Туруору анньан кэбиспитэ үһү.

Тимир Молуодай бухатыыр обургу

Ону көрөн соһуйан

Туолката биллибэт

Тойугу туойа,

Ыпсыыта биллибэт

Ырыаны ыллыы

Турбута эбитэ үһү.

Тимир Молуодай бухатыыр:

-Ардьаалыскай, ар – дьаалы о5олор,

Алаатыгар, эминэ тугай!

Хор бу, хор бу буйакаллай!

Нуоҕалдьын Кугас аттаах

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр,

Миннийэлиир диэтэх киһи

Биир эрэ аҕастаахпын

Бииринэн кэлэн өлөрөн баран

Хоолдьуктаах баһын уҥуоҕун

Маҕан ураҕаска анньан

Дорообонон тосхойбохтоон

Тоһуйдуҥ дуо, нокоо?!

Ол эбит буоллаҕына

Эннийэлиир эрэйдээҕи

Аллаах хамначчыт гыныам,

Ат гынан мииниэм,

Оҕус гынан көлүйүөм!

Ону сөбүлээбэт буоллаххына

Кыа хааҥҥын тоҕуоҕум,

Кыл тыыҥҥын быһыаҕым,

Нокоо, нойоон оҕолоор!

Олоҥхоһут:

Кинилэр диэтэх дьон

Омуннаах охсуһууну

Охсуспутунан бардылар.

Биһиги киһибит

Абааһы уолун

Сэттэ сиринэн

Сиикэй баастаата,

Аҕыс сиринэн

Аһаҕас баастаата,

Тоҕус сиринэн

Тобуллаҕас баастаата.

Онуоха,

Тимир Молуодай бухатыыр

Бу курдук диэн

Ый ытыытын ытыы

Сыппыта эбитэ үһү.

Тимир Молуодай бухатыыр:

-А-а-абаккабын ньии даа,

А-а-абытайбын ньии даа!

Өлөр күнүм

Үтүрүйэн кэлбитэ

Үлүгэрин баҕаһын!

Кэлтэгэй күннээх – ыйдаах

Кэй бараан дойдукайым

Кэтэҕинэн харахтаах

Кэкэ буурай аймахтарым,

Бука барыгыт,

Быралыйар бырастыыларыҥ!

Олоҥхоһут:

Инньэ диирин кытары

Биһиги киһибит

Абааһы уолун

Уот Тумары байҕалга бырахпытын-

Хара балыктар

Тоҕута тыытан илдьэ бара

Турбуттара эбитэ үһү.

Нуоҕалдьын Кугас аттаах

Тойон Дьаҕырыма бухатыыр

Өстөөҕүн өлөрөн,

Саастааҕын самнаран,

Били холоруктуу турар

Тимир дьиэҕэ тиийэн истибитэ,

Күн Чөллөрүүн Куо

Ыллыыр дуу, ытыыр дуу саҥата

Дыыгынаан иһиллэр эбит.

Күн Чөллөрүүн Куо:

-Ый – ый – ыйыкабыан,

Аай – аай – айыкайбыан,

Туох модун буруйбар,

Ханнык халыҥ айыыбар

Маннык алдьархайдаах

Хаппардаах хаайыыга

Хаптарарга ананан

Айыллыбытым буолуой?

Аны кэлэн миигин

Оҕо буолан улааппыт

Орто туруу дойдубар

Кимнээх буолан кимим

Ирдээн эргитиэҕэй?

Харыстатарым эрэ диэн

Хараҕым уута буолбут

Халыҥ алдьархайбын,

Көмүскэтэрим эрэ диэн

Көмүскэм уута буолбут

Күтүр үлүгэрбин

Туох истиэ  - көрүө баарай?!

Ый – ый – ыйыкайбын,

Ай – ай – айыкайбын!

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр:

-Алтан түөстээх далбарайым,

Адьарай уолун

Хараҥа хаайыытыттан

Халбарыттаҕым!

Күөрэгэйим оҕотун

Көстүбэт уолун

Түүнүктээх түрмэтиттэн

Төлөрүтэ оҕустаҕым!

Олоҥхоһут:

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр

Тимир  дьиэ истиэнэтин

Сиҥнэри көтөн киирэбин диэн

Дириҥ далайга

Хампы түһэн сыттаҕына,

Олоҥхотун олоҥхо,

Омуннааҕын омуннаах,

Сымыйатын сымыйа,

Тимир Дибдиргэн бухатыыр

Биһиги киһибит ыппыт оҕунан

Тойон убайын

Тоҥ суолун тордоон,

Ириэнэх суолун ирдээн

Түһэн киирэн кэлбитэ үһү,

Өлө сытар бухатыырга

Айыы хаан араҕас илгэтин

Айаҕар түһэрэн

Тилиннэрбитэ эбитэ үһү.

Бары:

Дьэ, доҕоттор,

Олоҥхотун олоҥхо,

Омуннааҕын омуннаах,

Бу, Нуоҕалдьын Кугас аттаах

Тойон Дьаҕарыма бухатыыр обургу

Күн Чөллөрүүн Куону

Абааһы уолун хаайыытыттан

Быыһаан ылан

Иитэр сүөһүнү күрүөлээн,

Төрөтөр оҕону уйалаан,

Аал уоту оттон,

Алаһа дьиэни тэринэн

Үс саханы үөскэтэн,

Түөрт саханы төрөтөн,

Биэс саханы бииһэтэн

Орто дойду тутааҕа буолан

Олорбута эбитэ үһү.


        

 

     

                      .