"Тобул" остуол оонньуута
учебно-методический материал (средняя, старшая, подготовительная группа)

     Сахалар былыр-былыргыттан иллэң кэмнэригэр көрү-нары оонньоон- көрулээн атааралларын астыналлара. Кыһыммыт кылгас күннээх, уһун түүннээх буолла5ына, күнү-дьылы кылгатаары, түүн хойукка дылы оонньуу арааһын оонньууллара. Ордук ыраахтан хоноһо кэлэн хонно5уна, оһоххо сыалаах эти дыргыччы буһаран остуолга хоторон, ирэ-хоро кэпсэтэллэрэ. Аһаан бутэн баран, бэйэлэрин сахалыы төрүт оонньууларын санаһар эбиттэр.

     Оонньуу – о5ону иитии биир сүрүн хайысхата. О5ону сайыннарар оонньуулар хайа ба5арар норуокка бааллар. О5о кыра эрдэ5иттэн өй-санаа, күүс-уох, сиэр-майгы өттүнэн иитиилээх буоларыгар саха оонньууларын күннэтэ оонньоттоххо, учугэй түмүгү ылыахха сөп.


Предварительный просмотр:

«Тобул» - остуол оонньуута» эбии дьарык барыла

Пахомова Саргылана Васильевна, иитээччи  

МБДОУ «ЦРР – Детский сад №86 «Колокольчик»

городского округа «город Якутск»

     Сахалар былыр-былыргыттан иллэң кэмнэригэр көрү-нары оонньоон- көрулээн атааралларын астыналлара. Кыһыммыт кылгас күннээх, уһун түүннээх буолла5ына, күнү-дьылы кылгатаары, түүн хойукка дылы оонньуу арааһын оонньууллара. Ордук ыраахтан хоноһо кэлэн хонно5уна, оһоххо сыалаах эти дыргыччы буһаран остуолга хоторон, ирэ-хоро кэпсэтэллэрэ. Аһаан бутэн баран, бэйэлэрин сахалыы төрүт оонньууларын санаһар эбиттэр.

     Оонньуу – о5ону иитии биир сүрүн хайысхата. О5ону сайыннарар оонньуулар хайа ба5арар норуокка бааллар. О5о кыра эрдэ5иттэн өй-санаа, күүс-уох, сиэр-майгы өттүнэн иитиилээх буоларыгар саха оонньууларын күннэтэ оонньоттоххо, учугэй түмүгү ылыахха сөп.

     Биллиңңи үйэ5э о5о сайдыытыгар өбүгэлэрбит оонньуулара дириң суолталаа5ын өйдөөн, кэмигэр сөпкө аттаран, киэң хайысхалаахтык үлэлиэхтээхпит. Олох уларыйан истэ5ин аайы, оонньуурдар эмиэ уларыйаллар, кэңииллэр. Билиңңи иитэр кыһа5а, дьиэ кэргэңңэ араас омук оонньуурдара өтөн киирдилэр. Ол саха о5отун өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэт. О5о кыра эрдэ5иттэн норуотун культуратыгар оло5урбут оонньуулары оонньоон улаатыахтаах, кини саха ураты омук буоларын  илдьэ сылдьарыгар төрүөт буолар.

     Бу эбии дьарыкка киирбит сахалыы остуол оонньууларынан буолаллар: тыксаан, тырыыңка, күөрчэх ытыйыы, хабылык, о5устар харсыһыылара.

     О5олор иллэң кэмнэригэр сахалыы оонньуулары, тэриллэрин илдьэ сылдьан, до5отторун кытта ханна ба5арар оонньуохтарын сөп. Кинилэр оонньуу нөңүө, ыкса билсэллэр, биир санаалаах, иллээх эйэлээх буолаллар. Оонньуу кэмигэр о5о тэңнээн көрөр, ырытар, аа5ар. Бу о5о бол5омтото, өйдүүр дьо5ура сайдарыгар көмөлөһөр. Ол курдук бэйэ-бэйэлэрин истиһэргэ, тулуйан олорорго, тулуурдаах буоларга иитэр, үөрэтэр. Оонньуу кэмигэр о5о бэйэтэ да билбэтинэн араас ыарахаттары туоруур, күүһүн холонор, дьо5ура сайдар.

     Оонньууларга туттуллар тэриллэри (тыксаан, тырыыңка, күөрчэх, хабылык) барытын хас биирдии о5о5о баар буоларын ситиһэргэ төрөппүттэргэ сорудах бэриллэн оңоһуллар.

Оонньуулары билсиһиннэрии дьарыгар видеоролик көрдөрүөххэ сөп.

Былыргы саха остуол оонньуулара аныгы оонньуулартан сүрүн уратылара:

- Оңоһууларынан боростуой, судургу эрээри, о5ону сиэр-майгы өттүнэн иитэр, этин-хаанын, өйүн-санаатын сайыннарар, улэ5э кыратыттан бэлэмниир буоланнар экологическай өттүнэн ыраастар. Ол курдук мастан, туостан, талахтан, туойтан, кылтан, түүттэн, сарыыттан, таңастан оңоһуллубут оонньуурдар бааллар;

- Саха оонньурдарын ийэлэр, а5алар, эбээлэр, эһээлэр оңорон чочуйан биэрэллэрэ. Манна дьиэ кэргэн о5ону кыратыттан үлэ5э сыһыаран, ба5а санаатын күөдьүтэн иитэрэ көстөр.

Сахалыы остуол оонньууларын суолталара:

- Бэйэ-бэйэни истиһэргэ, көмөлөсүһэргэ, бол5омтолоох буоларга үөрэтэр;

- Тулуйан олорорго, тулуурдаах буоларга иитэр;

- Сымса, имигэс, бэргэн буоларга, хара5ынан холуурга үөрэтэр;

- Илии, тарбах былчыңнара сайдарыгар көмөлөһөр;

- Ахсаан аа5а үөрэнэргэ көмөлөһөр.

 Эбии дьарык сыала-соруга:

- Саха о5отун кыра эрдэ5иттэн оонньуу нөңүө сахалыы тыыңңа иитии;

- О5ону сахалыы остуол оонньууларыгар үөрэтии;

- Төрүт саха оонньууларынан о5ону интэриэһиргэтии, ба5атын күөдьүтүү;

- Илии, тарбах былчыннарын сайыннарыы.

Сонуна: Саха о5отун бэйэтин омугун оонньууларынан иитии саха эрэ омук проблемата буолбатах. Саха баай культуратын атын омуктар курдук, о5о уһулуччу тута сылдьар буолуутун омук быһыытынан уратытын, оонньуу нөңүө ханна да тиийдэ5инэ кыбыстыбакка кэпсиир, билэр буоларыгар иитэр.

Эбии дьарык ыытыллар бириэмэтэ уонна көрүңэ. Эбии дьарык сүрүн көрүңүнэн буолар оонньуу биирдиилээн уонна бөлө5үнэн. Ыйга биирдэ ыытыллар. Бириэмэтэ: орто бөлөх – 20 мүнүүтэ, улахан бөлөх – 25 мүнүүтэ, бэлэмнэнии бөлөх – 30 мүнүүтэ.

Эбии дьарык сыллаа5ы былаана

Үлэ тутула

Ыйдар

Орто бөлөх

Улахан бөлөх

Бэлэмнэнии бөлөх

1.Тарбах былчыннарыгар эрчиллиилэр

2. «Сахалыы остуол оонньуулара» видеоролик көрүү

Бала5ан ыйа

1 нэдиэлэ

2 нэдиэлэ

4 нэдиэлэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

1.Тарбах былчыннарыгар эрчиллиилэр

2. «Күөрчэх ытыйыы» быраабылатын быьаарыы, оонньооһун.

Алтынньы

1 нэдиэлэ

2 нэдиэлэ

4 нэдиэлэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

1.Тарбах былчыннарыгар эрчиллиилэр

2. «Хабылык» быраабылатын быһаарыы, оонньооһун.

Сэтинньи

1 нэдиэлэ

2 нэдиэлэ

4 нэдиэлэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

1.Тарбах былчыннарыгар эрчиллиилэр

2. «Тыксаан» быраабылатын быһаарыы, оонньооһун.

Ахсынньы

1 нэдиэлэ

2 нэдиэлэ

4 нэдиэлэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

1.Тарбах былчыннарыгар эрчиллиилэр

2. «О5устар харсыһыылара» быраабылатын быһаарыы, оонньооһун.

Тохсунньу

1 нэдиэлэ

2 нэдиэлэ

4 нэдиэлэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

1.Тарбах былчыннарыгар эрчиллиилэр

2. «Тырыыңка» быраабылатын быһаарыы, оонньооһун.

Олунньу

1 нэдиэлэ

2 нэдиэлэ

4 нэдиэлэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

1.Тарбах былчыннарыгар эрчиллиилэр

2. «Тырыыңка»,  «Хабылык», «О5устар харсыһыылара», «Тыксаан», «Күөрчэх ытыйыы» оонньооһун.

Кулун тутар

1 нэдиэлэ

2 нэдиэлэ

4 нэдиэлэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

1.Тарбах былчыннарыгар эрчиллиилэр

2. «Тырыыңка»,  «Хабылык», «О5устар харсыһыылара», «Тыксаан», «Күөрчэх ытыйыы» оонньооһун.

Муус устар

1 нэдиэлэ

2 нэдиэлэ

4 нэдиэлэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

Курэхтэһии тэрийии

Ыам ыйа

1 нэдиэлэ

2 нэдиэлэ

4 нэдиэлэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

Сэрэдэ

Күүтүллэр түмүктэрэ:

  • О5о кыра эрдэ5иттэн норуотун культуратыгар оло5урбут оонньуулары оонньоон улаатан, кини саха уратытын ымыы курдук илдьэ сылдьар;
  • Өбүгэ үгэһин салгыыр туруктаах, өтөн киирэр куһа5ан дьаллыктары утары күүс түмүллэрин ситиһэр;
  • Сахалыы остуол оонньууларын аныгы саха ыалыгар баар буоларын хааччыйар.
  • Төрөппүт о5отун кытары, о5о до5отторунуун оонньуу нөңүө иллээх, эйэлээх, до5ордуу сыһыаны олохтуур;
  • Төрөппүт о5о уЬуйаанын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиирин ситиһэр;
  • О5о бол5омтолоох, сымса, бэргэн буоларын, хара5ынан холуурга үөрэнэрин, илии, тарбах бытархай былчыннара сайдарын ситиһэр.

Үлэ түмүгэ

Сахалыы остуол оонньууларын баЬылааЬын мониторина

Кэмэ: Уерэх дьылын са5аланыыта (бала5ан ыйа) уонна бутуутэ (ыам ыйа).

О5о ахсаана: Орто белех – 20 о5о, улахан белех – 20 о5о, бэлэмнэнии белех – 20 о5о.

СыаналааЬын ирдэбиллэрэ:

•        Урдук таЬым (3 баал): Оонньуу быраабылатын толору билэр, бэйэтэ сепке уонна сымсатык оонньуур, атын о5олорго быЬааран биэрэр кыахтаах.

•        Орто таЬым (2 баал): Оонньуу сурун быраабылатын билэр, иитээччи кыра кеметунэн сепке оонньуур, соро5ор ал5аЬыыр.

•        НамыЬах таЬым (1 баал): Оонньуу быраабылатын ситэри ейдеебет, оонньуур тэриллэри сепке тутарга уонна хамсатарга ыарар5атар.

Мониторинг кердеруулэрэ


Уерэх дьылын устата оонньуулары уерэтии былааннаахтык ыытылынна.

Орто белех о5олоро тарбахтарын бытархай моториката биллэ тубуста, оонньуу сурун тэриллэрин сепке тутарга уонна уочараты кэтэЬэргэ уерэннилэр.

Улахан белех о5олоро бол5омтолоро кууЬурдэ, харахтарынан сыаллыыр уонна уустук со5ус быраабылалары тутуЬар дьо5урдара сайынна.

 Бэлэмнэнии белех о5олоро бэйэлэрэ тэринэн оонньуур, очкону сепке аа5ар уонна инники хаамыыны толкуйдуур таЬымна та5ыстылар.

Тереппуттэргэ «Сахалыы остуол оонньуулара о5о сайдыытыгар суолтата» диэн субэ-ама  буклеттар оноЬуллан бэрилиннилэр. Тереппут уонна о5о кыттыылаах «Ебугэ оонньуута» диэн дьиэ кэргэн курэ5э тэрилиннэ. А5алар кемелерунэн сана мас хабылыктар, тырыынкалар уонна тыксааннар оноЬуллан бэлэхтэннилэр.

Кэлэр уерэх дьылыгар уустук со5ус «Сонор» оонньуу толору быраабылатыгар о5олору уерэтии уонна уЬуйуу былааннанар.

Туттуллубут литература:

Гоголева С.В., Лепчикова Л.П., Саввина М.Н. Хамсаныылаах оонньуулар, эрчиллиилэр. – Дьокуускай: Кинигэ издательствота, 1991.

Васильев П.К., Охлопков М.К., Сахалыы оонньуулар. – Дьокуускай: кинигэ издательствота, 1985.

Федоров А.С. Өбүгэлэрбит оонньуулара. – Дьокуускай, кооператив «Полиграфист», 1991.


По теме

Өй оонньуута о5о сайдыытыгар оруола

  Актуальноьа: 5-6-7 саас–бу о5о оло5ор саамай интэриэьинэй кэм. О5о бу сааьыгар бэйэтин көрунэр, өйуттэн ону-маны айан оҥорор буолан барар. Онон бу кэмҥ экини уруьуйдуур, ыллыыр, оо...

Остуол оонньуута "Дьиктилээх хонуу"

Остуол оонньуутун нөҥүө оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы...

Педагогического мероприятия для детей подготовительной группы Тема: «Байанай оонньуута»

Цель: воспитать мальчика как будущего защитника и добытчика. Приобщение детей к национальной культуре своего народаСаха. Закрепить знание об обычаях, традициях старины, о народных приметах, дать предс...

"Саха алпаабыта" остуол оонньуута

laquo;Саха алпаабыта» диэн остуол оонньуутугар ыҥырабын.«Саха алпаабыта» оонньууга 4 саастарыттан саҕалаан 2 – 4 ахсааннаах оҕо оонньуур.Сыала: Буукуубаны билэ үөрэнэрин...

Технологическая карта "Хапсагай-остуол оонньуута"

Технологическая карта "Хапсагай-остуол оонньуута" для воспитателей...

Өбүгэлэрбит үгэстэрэ, төрөөбүт төрүт тылбыт инники кэскилэ” Остуол оонньуута

Аан тыл          Оҕо уhуйаанна оонньуу уонна кэпсэтии көмөтүнэн сайдар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ тылын убаастыы, таптыы, бэйэтин тылынан кэпсэтэ, санара үөрэниитэ билиҥҥи олох ...