Саҥа дьыллаа5ы утренник сценарийа
материал (старшая группа)

Андреева Намына Владимировна

Оҕо аймах эрэ буолбакка, хас биирдии киһи сылын ахсын саҥа дьылы долгуйа күүтэр. Саҥа дьыл бырааһынньыга оҕоҕо үгүс үөрүүнү, сырдыгы, алыптаах түгэни бэлэхтиир. Бу саҥа дьыллааҕы аралдьытыы сценарийа уһуйааҥҥа иитэччигэ көмө буолуон сөп.

Скачать:


Предварительный просмотр:

Нам улууһун Аппааны бөһүөлэгин 2-с нүөмэрдээх «Сандаара» оҕо уһуйаана

2021 сылы көрсөр аралдьытыы сценарийа:

«Саҥа дьыллаа5ы аптаах кэнсиэр»

Суруйда:

иитээччи Андреева Н.В.

2021 с.

2021 сылы көрсөр аралдьытыы сценарийа:

«Саҥа дьыллаа5ы аптаах кэнсиэр»

Буолар күнэ-дьыла:

Буолар сирэ:  

Ыытааччы клоуннар: 

Тымныы оҕонньор:

Хаарчаана:

Сыл бэлиэтэ – о5ус:

Оруоллар:

1 лол куукула:

2-с лол куукула:

Барбоскины:

Бөрө:

Иккис киирэр Фея:

Мимимишки:

Майнкрафт 1 :

Майнкрафт2:

Щенячий патруль:

Киэргэммит саалаҕа музыка тыаһыыр.

Ыытааччы клоуннар киирэллэр: (иккиэн иккилии мээчигинэн жонглердууллар, биир клоун свистоктаах утары хаамаллар, эргийэн ылаллар, таһыналлар):

Сылы быһа кэтэспит кэрэ кэммит -

Күлүмүрдүүр харыйалаах Саҥа дьылбыт

Салаллан кэллэ дии!

Бу аптаах саҥа дьылы көрсөр бырааһынньыкка бары олус мааны, кыраһыабай буолбуккут. Бүгүн бары бииргэ үөрэ-көтө Саҥа Дьылбытын көрсүө5үҥ! Биһигини кытта үҥкүүлээн, күлүн-үөрүн, оонньоон.

1-кы клоун: Маладьыастар, олус көхтөөх эбиккит, наһаа үчүгэйдик үҥкүүлээтибит (ытыс тыаһа)

(фанфар тыаһыыр) 2-с клоун: Саҥа Дьылы көрсөр уоттаах-күөстээх э5эрдэ кэнсиэрбитин са5алыыбыт! Дохсун ытыс тыаһынан көрсүн – биһиги бары сөбүлүүр Лол куукулалары!

Лоллар: Таабырын таайтараллар. Английскайдыы ырыа ыллыыллар.

Музыка хаолбонор: Саалаҕа икки клоун самокаттаах свистоктуу-свистоктуу киирэн сүүрдэллэр, күлэллэр-үөрэллэр)

1 клоун: Билэ5ит дуо, оҕолоор? Аптаах-алыптаах дойду ханна баарын? Онно кимнээх олороллорун?

Чуораан чугдаарар, музыка тыаһыырын кытта саала5а аптаах Фея киирэр (сааланы эргийэр, үҥкүүлүүр)

Фея: Дорооболорун, оҕолоор! Саҥа Дьылынан! Мин ба5а санаа Феятабын. Остуоруйа дойдутуттан эһиэхэ бырааһынньыкка ыалдьыттыы, аптаах киэһэни бэлэхтии кэллим (тула өттүн эргиччи көрөр)

Фея: Хайа, бу саҥа дьылбыт киэргэлэ маанычаан харыйабыт тоҕо күлүмурдээбэтий, уоттара умайбаттарый?

Фея: Оголоор, мин бу аптаах палочкабынан кэрэчээн харыйа уоттарын уматыам. Миэхэ көмөлөһөгүт дуо, оҕолоор? Бары тэҥҥэ саҥарыахха: «Биир, икки, үс харыйачаан киэркэй!» (оҕолор Феяны кытта саҥараллар, харыйа уоттара тыгаллар. Бары үөрэллэр, ытыстарын таһыналлар)

Фея: Оҕолоор, мин сал5ыы айанныахпын наада. Бырааһынньыккытыгар ыалдьыттааммын олус үөрдүм. Көрсүөххэ диэри! (музыка холбонор Фея тахсан барар)

Саалаҕа Клоуннар ккиирэллэр, иккиэн үстүү шариктаахтар үҥкүүлүү-үҥкүүлүү шариктарын тэһэллэр, күлэллэр-үөрэллэр: Саҥа Дьылы көрсүһэ эһигини эҕэрдэлии кэллилэр Крепыш, Зума уонна Маршал! (үс ыт сыанаҕа киирэригэр «Щенячий патруль» мультик ырыата иһиллэр)

Крепыш, Зума уонна Маршал: оҕолорго колокольчиктаах джингл бенс ырыанан эрчимнээх аныгылыы үҥкүү көрдөрөллөр.

(сыанаттан тахсалларыгар «Щенячий патруль» мультик ырыата тыаһыыр).

Клоуннар: Ханнык бырааһынньык оонньуута, көрө-нара суох буолуой? Уоттаах-күөстээх сыанабытыгар ыҥырабыт доҕотторбутун Барбоскиннар дьиэ кэргэттэрин.

1-кы ыт: Үтүө күнүнэн, күндү оҕолор! Саҥа дьылга эһиэхэ, оҕолоор, ыалдьыттыы кэллибит.

2-с ыт: Ураа! Ураа! Саҥа дьыл! Мин оҕолору кытта оонньуохпун ба5ардым.

3-с ыт: Оҕолоор, биһиги фокус көрдөрүөхпүт……. (Уоттаах тэйэр мээчигинэн оонньууллар, икки-үс фокуһу көрдөрөллөр).

Музыка тыаһыыр: Саала5а икки клоун обручтары эргитэ оонньуу сүүрэн киирэллэр, оҕолоор Саҥа Дьылы көрсөөрү бэлэмнэнэн хоһоон бөгөтүн үөрэппиккит буолуо. Ким сыана5а тахсан хоһоон ааҕарый? (приз туттарыы)

1-кы клоун: Бу аптаах киэһэбит маанылаах ыалдьыттара кимнээх кэлбиттэрэ буолуой? Таайын эрэ, оҕолоор? (мимимишки мультик ырыата тыаһыыр)

Оҕолор: Мимимшки!

2-с клоун: Көрсүн, Мимишки!

Сыана5а мимимишки тахсаллар биир эһэ уоттаах микрофоннаах.  Оҕолору эҕэрдэлииллэр. Ортотугар биир эһэ туран ыллыыр. Икки эһэ мыльный пузырь таһаараллар.

Саала5а велигынан шариктаах киирэн сүүрдэллэр, шарик хаба оонньууллар. Бу үтүө күн биһиэхэ үөрүүбүтүн үллэстэ, саҥа дьылы айхаллыы, ыалдьыттыы кэллилэр … (музыка холбонорун кытта саала5а хамсана-хамсана Майнкрафтар киирэллэр)

1 Майнкрафт: Саҥа Дьылынан, саҥа дьолунан!

2-с Майнкрафт: Бүгүҥҥү бырааһынньык эһиэхэ элбэх үөрүү-көтүүнү а5аллын диэн туран үҥкүүбүтүн бэлэхтиибит (эрчимнээх ырыа тыаһыыр, үҥкүүлүүллэр. Далбаатыы-далбаатыы тахсан бараллар).

1-кы клоун: В лесу родилась елочка, в лесу она росла…диэн ыллыы ыллыы киирэр елка тула эргийэр уонна этэр: Оҕолоор, биһиги бырааһынньыкпытыгар кимнээх эрэ суохтар дии. Таайдыгыт дуо?

Оҕолор: Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана.

2-с клоун: Саамай сөп, биһиги күндү ыалдьыттарбыт – Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана. Чэйиҥ эрэ, кинилэри ыҥырыаххайын!

Оҕолор: Тымныы оҕонньор, Тымныы оҕонньор, Тымныы оҕонньор! - диэн ыҥыраллар.

(саала5а Санта клаус таҥастаах Бөрө киирэн кэлэр)

2-с клоун: Бөрө, эн, Тымныы оҕонньор буолбатаххын дии!

Бөрө: Мин эмиэ эһиги курдук саҥа дьыллыахпын уонна бэлэх ылыахпын ба5арабын дии. Ээ оччогуна, мин эмиэ кэнсиэргэ кыттыһыым! (музыка тыаһыыр, Бөрө рэптиир, үҥкүүлүүр)

Бу кэмҥэ саала5а бары кэнсиэр кыттыылаахтара киирэллэр, уоттаах палочканан далбаатыыллар.

Саала5а Тымныы Оҕонньор сиэн кыыһынаан Хаарчааналыын уонна 2021 сыл бэлиэтэ О5ус киирэллэр.

О5ус: Дорооболорун, оҕолоор! Мин саҥа кэлэр сыл бэлиэтэ буоларбыттан олус үөрдүм уонна эһиэхэ ырыа ыллыахпын ба5ардым («Зверопой» мультиктан о5ус ырыата тыаһыыр)

Тымныы оҕонньор:

Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!

Халыҥ тыалары туораан,

Иһирик ойуурдары уҥуордаан,

Уһуннук айаннаан,

Хаарчаана кыыспынаан

Кэллибит эһиэхэ

Күндү ыалдьыт буолан

Кэһиибитин түҥэтээри!

Хаарчаана: Саргылаах саҥа дьыл салаллан кэлбитинэн, саргылаах саҥа дьол сандааран үүммүтүнэн!

Тымныы оҕонньор: Чэйиҥ эрэ, оҕолоор, лаглайбыт күөх харыйабыт тула төгүрүччү тураммыт хоробуоттаан барыа5ыҥ.

Тымныы оҕонньор Хаарчааналыын оҕолорго кэһиитин түҥэтэр.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.

Африка декорацията кестер: Обезьяна ыстаналаан оонньуу сырытта5ына  холууп кетен кэлэн обезьяна5а сурук туттурар. Холууп санарар – Обезьянка «Жанна» ханна баарый? Обезьянка –Баарбын. Туох баары...

Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)

сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...

Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа

1 кыра белех о5олоругар "Куобах дьиэтэ" остуоруйа5а оло5уран суруллубут сана дьыллаа5ы сценарий...

Сана дьыллаа5ы аралдьытыы сценарийа "12 ый"

Сценарий новогоднего утренника на якутском языке...

"Куобахчаан дьиэтэ" орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.

Орто белех о5олоругар аналлаах Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа. «Куобах дьиэтэ»...