Сценарий "Сана Дьыллаагы утренник"
материал (старшая группа)

Данилова Мария Романовна

Сана Дьыллаа5ы утренник сценарийа

Оруоллар: Хаар ки4и

                  Ведущий

                  Дед Мороз

                  Дьэгэ-Бааба

                  Чертик

                  Снегурочка

                  Сана Дьыл

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл stsenariy_novyy_god.odt29.43 КБ

Предварительный просмотр:

Сана Дьыллаа5ы утренник сценарийа

Оруоллар: Хаар ки4и

                 Ведущий

                 Дед Мороз

                  Дьэгэ-Бааба

                 Чертик

                 Снегурочка

                 Сана Дьыл

        (Музыка тыа4ыыр. Елка анныгар сугроб оно4уллубут Ведущий уонна о5олор киирэллэр.

        Ведущий — О5олоор, корун эрэ, елкабыт хайдах курдук симэнэн турар. Араас оонньуурунан,кылабачыгас мишуранан киэргэммит. Кинини кытта дорооболо4уоххайын эрэ. (о5олор дорооболо4ололлор).

        О5олор, харыйа ту4унан хо4оон бого билэбит дии? Биир хо4оону аа5ан и4итиннэриэххэйин эрэ. (о5олор «Хампа куох харыйа» хо4оон аа5аллар).

        Ведущий О5олоор, хаар бо5о туспут дии. Хаарынан оонньуубут дуо? Бу курдьуккэ хаарбытын мунньуохха эрэ. (о5олор хаары мунньаллар).

        Хаар ки4и оноробут дуо? Корун эрэ, бу илиитэ, бу ата5а (хаар ки4и турар).Бу тобото, бу бэргэ4этэ! Оп, хаар ки4ибит тахсан кэллэ. (хаар ки4и покрывалатын ылар). На4аа учугэй хаар ки4и онордубут дии. Хайа? Ол гынан баран хаар ки4ибит хара5ын да аспат, санарбат да5аны дии. Хаар ки4и, у4угун эрэ! У4уктубат дии, хайдах гынабыт? (о5олор эппиэттииллэр). Урэн коробут дуо? Бары куускэ урдубут эрэ! (о5олор хаар ки4ини урэллэр. Хаар ки4и у4уктан кэлэр).

        Хаар ки4и — Уу, о5о бо5ото. Кыргыттар, уолаттар. Дорооболорун! Уой, на4аа мааныгыт дии! Бу то5о маннык маанымсыйдыгыт?

        Ведущий — Сан,а дьылы корсо, ыллаары-туойаары мустан турабыт. Би4игини кытта ункуулуоххун ба5ара5ын дуо?

        Хаар ки4и — Тохтоон, тохтоон, ыксааман! Мин кыайан хаампаппын дии.

        Ведущий О5олоор, хаар ки4ибитигэр хайдах хаамары кордоробут дуо?

узыка тыа4ыыр. О5олор хаамаллар. Х.к. утуктэр).

        Хаар ки4и — Дьэ, мин хаамарга уорэнним — аны ункуулуоххэйин.

        (Ун.куу бары).

        Хаар ки4и — На4аа учугэйдик ункуулээтибит. Аны кыратык оонньуу ту4оххэйин (хаарынан оонньуу).

        Хаар ки4и — Уой, уой на4аа суурэн, итииргээн, ууллан эрэбин.

        Ведущий — О5олоор, хаар ки4иэхэ комоло4уоххэйин. Кыргыттар кэлин — хаар ун,кууту ун,куулээн.

(Хаар ункуутэ).

        Хаар ки4и — Уу, дьэ соруукээтим. Чэ, мин табаарыстарбар барыым, оссо да кэлэ сылдьыам! Покаларын! На4аа учугэйдик быраа4ынньыктаарын.

        Ведущий — Уай, ким эрэ ыллыыр дии. Истиэххэйин эрэ!

        Дь-Б. - Хайа, уоруу-котуу бо5ото5ут ду? Быраа4ынньыктыы сылдьа5ыт ду? Миигин ынырбатаххыт ду? Чэ,буоллун-буоллун!

        Ведущий — Билигин ын,ырабыт! Кунду ыалдьыт буол би4иги быраа4ынньыкпытыгар!

        Дь-Б. - Ээ, билигин кэлэн, ынырбыта буола5ыт дуо, уорэр-котор настроениябын  барытын алдьатан баран. Дьэ, бэйэкий быраа4ынньыккытын алдьатыам. Быраа4ынньык э4иэхэ олох да кэлиэ суо5а.Ким Моруос о5онньоро суох быраа4ынньыктыай? Ким? Ой, корун эрэ, быраа4ынньыктаары олорбуттар ахан: Моруос о5онньордоо5у кэтэ4ээхтиигит ду?Айууйа (кулэр).Кэтэ4ин-кэтэ4иин. (кулэр).

        Ведущий — Бырастыы гын. Эн кимниний?

        Дь-Б. - Сатаан ойдообот дьонно хатылыыбын — мин куустээх волшебницабын! Мин оонньуохпун, ыллыахпын, ункуулуохпун ба5арбаппын! Уонна Моруос о5онньору мин аптыам — кини кэлиэ суо5а быраа4ынньыкка — уопсайынан быраа4ынньыктары, дьоннор уорэллэрин-котоллорун собулээбэппин.

        Ведущий – Эн хайдах Моруос о5онньору аптыаххыный. Эн волшебница5а да майгыннаабаккын батта?

        Дь-Б. - Чэ эрэ, итэ5эйбэт буоллаххына, ба5а санаа5ын эт эрэ! Толоруом!

        Ведущий — Мин гномиктар тугу гына сылдьалларын коруохпун ба5арабын!

        Дь-Б. - Онно туох да ыарахана суох. Кор!

        (Танец гномиков)

        Ведущий — Дьэ, кырдьык да ба5а санаабын толордун. Ол гынан баран син биир Тымныы о5онньору кыайын суо5а.

        Дь-Б. - Кыайан аптыан суо5а диигиин? Хахаха, дьэ коруохпут, коруохпут! Оссо да кэлиэм. (тахсан барар).

        Ведущий — Чуумпурун эрэ. Ким эрэ и4эр бы4ылаах би4иэхэ.

        (Ыраахтан ха4ыы и4иллэр. Залга чертик суурэн киирэр, уонна охтон ту4эр, кини урдугэр хайы4ардара ту4эллэр. А5ыйах сокуунд хамсаабакка сытар. Аа дьуо биир ата5ын кото5ор, онтон биир ата5ын, кохсун коннорор, «айыкалыы-айыкалыы» олорор).

        Чертик — Хайдах ба5айытай? Мин, чертикпын, Дьэгэ-Бааба саамай учугэй, эрэллээх комоло4ооччутэбин, саамай ойдоох, саамай куустээх, барытын билэбин, барытын сатыыбын, бу хайы4арынан хатаа4ылыахпын ба5арбытым да сыыртан ту4эн и4эн - охтон хааллым дии. Хайдах сыыртан сатаан туспэтэ5им болла? (кэтэ5ин тарбанар).Дьигинэ, хайы4ары ба5ас сатыыр этим ээ. Итиннэ барытыгар, Дед Мороз буруйдаах! Хаар бо5отун ту4эрбит, тымныыны а5албыт, тииттэри хаарынан буруйбут, туман бо5о ту4эрбит, онтон сылтаан мин охтон тустум. Бу улахан ба5айы шишка тахсан эрэр кэтэхпэр. (кэтэ5ин туттар). Дьэ, итини таах хаалларбат буолуохтахпын. Дьэгэ-Бааба5а барытын кэпсиэм, ун,суом. Кини дьэ, тугу эрэ толкуйдуо буолла5а! Дьэ, бэйэккий.Тымныы О5онньору уонна сиэнин Снегурочканы кэ4этиэ (сутуругун кордорор). Ыччууу, тымныытааа.

        Уой, манна ким эрэ и4эр, бээ, елка кэннигэр са4ыам. Елка кэнниттэн коруом, кимин! (елка кэннигэр барар).

        (Музыка тыа 4ыыр. Снегурочка уонна Сана дьыл киирэллэр).

        Сана Дьыл — Чэ, Снегурочка, тургэнник дьыссаакка о5олор быраа4ынньыктарыгар барыахха.

        Снегурочка — Ыксаама, оссо да ыраах айан куутэр, хата куустэ эбин.

        Сана Дьыл — Мин билигин да куустээхпин, кор бу! (куу4ун кордорор).

        Снегурочка — Ойдоо, куустээх буолар ту4угар эн сыалай 12 ыйы бы4а хаамыаххын наада, ол айанын тухары — дьэ улаата5ын, куу4урэ5ин. Чэ айаммытыгар турунуох — онно бэйэн короор.

        Сана Дьыл -  Ээ, мин билигин да куустээхпин, ойдоохпун.

        Снегурочка — Ки4иргээс, чэ эрэ, оннук ойдоох буоллаххына таабырынна таай эрэ! Туннукпутун туун кэлэн туулунэн ким киэргэппитэ буолуой?

        Сана Дьыл — (толкуйдуур) Мм, дьэ бу таабырыыын!

        Снегурочка — Эн, Сана дьыл, бу чоночокко олор, уонна мин таабырыммар эппиэттэ толкуйдаа! Мин Тымныы о5онньорго баран подароктары танарга комоло4уом — оччо5о о5олор сана Дьылларыгар хойуутуохпут суо5а. Олох ханна да барыма, манна олор.

        (Снегурочка барар. Сана Дьыл толкуйдаабыт коруннээх чоночох урдугэр олорор — елка кэнниттэн чертик тахсан кэлэр).

        Чертик — Бээ, эрэ, туох ку4а5аны оноруох ба5айыбыный? Аа — биллим, мин Сана Дьылы уоруом, уонна Дьэгэ Бааба дьиэтигэр са4ыарыам. Оччо5о Дьэгэ-Бааба миигин хай5ыа уонна орден биэриэ5э! Оччо5о Моруос о5онньор сиэнинээн Сана Дьылы кордооннор дьысаакка о5олор быраа4ынньыктарыгар кэлиэхтэрэ суо5а. Онтон кинилэрэ суох быраа4ынньык буолбат — туох да буо-луо суо-5а (ункуулээн ылар).

        Сана Дьыл — уай, ким эрэ баар манна (чертик тахсан кэлэр). Эн кимниний?

        Чертик — Мин дуо — мин волшебникпын.

        Сана Дьыл — Уаай оччо5о тугу эрэ аптаан кордорууй!

        Чертик — Чэ, кор, билигин бу елка уоттара арахсан хаалыахтара. Чухара-мухара, эники-бэники, елка уота умулун (елка уота умуллан хаалар).

        Сана Дьыл — Уаай, кырдьыктыы, дьиннээх волшебник эбиккин дии! Оччо5о миэхэ Снегурочка таайтарбат таабырыныгар эппиэттииргэ комоло4уон дуо? Туннукпутун туун кэлэн туулунэн ким киэргэппитэ буолуой?

        Чертик — Комоло4обуун-комоло4обун! Чэ, бастаан мин дьиэбэр барыахха, чэй и4иэххэ- онно толкуйдуохпут (сана дьыл барсар. Чертик кэннин эргиллэ-эргиллэ кулэр).

        (Уот умуллар. Музыка тыа4ыыр. Метлалаах Дьэгэ-Бааба киирэн кэлэр. Чоночох урдугэр олорор-елка кэнниттэн чертиктаах, сана дьыл тахсаллар).

        Дь-Б. - Сыттыыбын, сыттыыбын, Сана Дьыл сыта кэлэр. То5о эбитэ буоллар? (чертиктаах Сана Дьылы корор). Уайдыы- маннык дьоннор харабыла суох сылдьаллар ду?

        Сана Дьыл — Дорообо, эбээ! Мин Сана Дьылбын — онтон бу мин до5орум волшебник.

        Дь-Б. - Ким диигин? Ким диигин? Волшебник диигин ду? Айууу айа — хата ки4ини куллэрдин! Айуу айа (кулэр).

        (Чертик Дь-Б. Имнэнэр — Дь.Б. - ойдуур).

        Дь.Б — Мэ эрэ, сиэнчээн, музыката истэ тус. (наушниктаах плеер биэрэр).

        Чертик — Дьэгэ-Бааба и4ит эрэ! Сана Дьылы кистиэххэ — оччо5о Моруос о5онньор сиэн кыы4ынаан Сана Дьылы кордоон дьыссаакка быраа4ынньыкка барыахтара суо5а — оччо5о о5олор подароктарын барытын би4иги ылыахпыт.

        Дь-Б. - уай, маладьыаас, умница! Дьиннээх черт- о5о буолбатах! Мэ, бу эйиэхэ орден! Мин билигин метлабынан  ойуурга баар туох баар суоллары  булкуйуом — оччо5о Моруос о5онньордоох мунаннар кэлиэхтэрэ суо5а.

        Метла, метла! Ойуурга баар туох баар суоллар барытын булкуй — улахан-улахан буур5аны а5ал.

        (чертик уонна Дьэгэ-Бааба ункуулууллэр. Уонна Сана Дьылы илдьэ бараллар).

        Ведущий — О5олоор, Дьэгэ-Бааба уонна чертик Сана дьыды уордулар. Онтон кинитэ суох би4иги быраа4ынньыкпыт буолбат. Хайдах гынабыт?Хайдах эрэ быы4ыахха наада Сана Дьылы. О5олоор, Моруос о5онньор уонна Снегурочка комолостохторунэ эрэ булар кыахтаахпыт. Моруос о5онньорго уонна сиэн кыы4ыгар суолу буларга комоло4оххэйин эрэ. О5олоор, Моруос О5онньору уонна Снегурочканы ынырыаххайын эрэ! Чэ, эрэ, Моруос о5онньооор! Снегурочкааа (аууу). Тороппуттэр, комоло4ун эрэ. 1,2,3.

        Т.О. - (ыраахтан) Истэбиит, истэбиит — э4иги ынырыыгытын. И4эбит!

        (музыка тыа4ыыр. Тымныы о5онньор сиэнинээн киирэллэр. Елка тула эргийэллэр).

        Т.О. - Дорооболорун о5олоор, улааппыккыт а5ай дии.  Би4иэхэ суолбутун буларга комолоспуккутугэр улахан ба4ыыба.  Барыгытын быраа4ынньыгынан э5эрдэлиибит. Хайа бу елкабыт уота суох турар дуу?

        Ведущий — Тымныы о5онньор елкабыт уоттара умайбаттар, елкабыт уоттарын умат эрэ.

        Т.О. -  О5олор, елкабытын уматыахха эрэ. Биир, икки, ус — елкабыт умай. (3-тэ торуоскатын тыа4атар, елка умайар).

        Чэ эрэ, аны барыгытын хороводка ын,ырабын! (елка тула хоровод «Маленькой елочке».

        Т.О. - (Снегурочкаттан ыйытыр) Онтон Сана Дьыл ханна баарый?

        Снегурочка — Билбэппин ээ э4ээ. Мин манна чоночокко олордубутум барарбар, кэтэ4ээр диэбитим. О5олортон ыйытыахха эрэ, ба5ар кинилэр корбуттэрэ буолуо.

        Т.О. - (кыы4ырар) Эмиэ Дьэгэ-Бааба! Эмиэ быраа4ынньыгы алдьата сылдьар! Дьэ, мин кинини, чертигы кытта — иккиэннэрин муу4урдуом. Дьэ эрэ, Дьэгэ-Бааба, ку4а5ан дуу4а — тургэнник Сана Дьылы а5ал — а5албатаххына  мин эйигин муу4урдан кэби4иэм.

        (Дьэгэ-Бааба уонна чертик куттана-куттана топтору таары суурукэлииллэр).

        Дь-Б. - Тымныы о5онньоор, би4иги тугу да гымматахпыт. Билигин а5алыахпыт. (топтору таары суурукэлииллэр суол кордууллэр).

        Т.О. - Дьэ, ити суолу барытын булкуйбуккун! Тохтоо! Билигин эйиэхэ мин комоло4ооччулэрим — суперменнар комоло4уохтэрэ. Чэ, эрэ суперменнар Сана Дьылы босхолуурга комоло4ун эрэ. Суолу ыйан биэрин эрэ.

        («Супермены»- ункуу — уолаттар).

        (Дьэгэ-Бааба чертик Сана Дьылы а5алаллар).

        Дь-Б. - Тымныы о5онньор мин хааман и4эн Сана Дьылы булан ыллым.

        Чертик — Мин буллум батта (эти4эллэр).

        Т.О. - Туксу! Бутун! Иккиэннитин муу4урдан кэби4иэм!

        Дь-Б. - Уай, Тымныы о5онньор бырастыы гын даа миигин, кырдьа4ы- а4ын!

        Чертик — Миигин эмиэ ба4аалыста бырастыы гын. Аны ха4ан да инник бы4ыланыам суо5а.

        Снегурочка — Э4ээ, бугун быраа4ынньык эбээт — бырастыы гыныахха — кинилэр конуохтэрэ — аны инник гыныахтара суо5а!

        Т.О. - О5олоор, бырастыы гынабыт дуо? Чэ, оччо5о быраа4ынньыкка хаалын.

Ведущий — Чэ, эрэ о5олоор, Т.О. ырыабытын, хо4ооммутун и4итиннэриэххэ эрэ!

        №1 — «Маннайгы хаар» ырыа.

        №2 - «Ыл кор туннугунэн» ырыа.

        №3- «Кордоох музыкант» ырыа.

        Т.О-Елканы кытта оонньуоххутун ба5ара5ыт дуо?  Елка5а урдубут эрэ (о5олор урэллэр. Елка умуллар). Елкабыт утуйда, у4гуннарыахха, ытыспытын та4ыныахха. (о5олор ытыстарын та4ыналлар. Елка умайар).

        Ведущий -  Билигин биллэриллибитин курдук - «Костюмированный парад современных мультипликационных героев» - би4иэхэ бугун ыалдьыттыы кэллилэр …

(Чэ, аны елкабыт тула хороводтуоххайын). Елка тула хоровод.

        Ведущий — Би4иги тороппуттэрбит учугэй бэйэлээх оно4уктары онорбуттара! Т.О. корон сэргээтэ а5ай!

        Т.О.   - На4аа учугэй оно4уктары онорбуккут. Корон сэргээтим ахан. Онон  хайаан да кыра бэлэхтэрбин туттардахпына сатанар.

        (Номинациялар).

        Ведущий — Чэ, эрэ о5олор Т.О. кэлэн биирдии биирдии хо4ооммутун этиэххэйин эрэ. Биллэриллибитин курдук Моруос о5онньор «Лучший чтец» диэн курэх биллэрбитэ дии. Онон бары доргуччу Моруос о5онньорго хо4ооммутун аа5абыт.

        Т.О. - Подарогым ханнаный?

        Бары — Хайа? Ханна баарый?

        Т.О. - Тороппуттээр! Э4иги диэки костор дуо? (тороппуттэр быыстарыттан булан ылаллар-подарок тунэтиитэ).

        Ведущий — Тымныы о5онньор тороппуттэрбитин о5олорбутун кытта оонньуу ту4эбит дуо?

        Т.О. - Ээ, хата кырдьык иннэ гыныахха!

        Ведущий — Сочига олимпийскай оонньуу буола турарынан сибээстээн би4иги детсаппытыгар «Дорога в новоодние олимпийские игры» диэн мини-олимпийскай оонньууну ыытабыт. 2 хамаанда5а арахсабыт, о5олор уонна тороппуттэр диэн! Бастакы этап биатлон. (кеглилары быра5аллар). Иккис этап — сууруу: боростуой сууруу буолбатах — хаатынкалаах сууруу, ким бастакы елканы эргийэн кэлэр диэн — бу этапка о5олор  кытталлар.

        Маладьыастар, на4аа учугэйдик оонньоотубут. Куруук маннык кохтоох буолун!

        Т.О. - Ырыа5ытын, хо4ооннутун и4иттим. Бары улааппыккыт. Э4иил кэлэрбэр оссо улаатаарын, доруобай буолун. Барыгытын оссо тогул Сана Дьылынан. Мин бардым.

        Бары — Корсуоххэ диэри.

        Ведущий — Чэ, би4иги эмиэ тар5а4ар бириэмэбит кэллэ. Биир сылынан Т.О. эмиэ куулэйдии кэлиэ5э! Корсуоххэ диэри!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Бәйрәм сценарийсы "Әти дә солдат булган"

Бәйрәм ватанны саклаучылар көненә багышлана....

Сценарий новогоднего утренника для средней группы "Сана дьыллаагы ыалдьыттар"

Новогодний утренник для средней группы "Сана дьыллаагы ыалдьыттар"...