Аан дойду кэрэ анаардарыгар аналлаах бырааһынньык сценарийа Г.Х.Андерсон айымньытынан «Дюймовочка» мюзикл
материал

Краткая аннотация к сценарию утренника "Дюймовочка"

Целевая аудитория: дети старшей/подготовительной группы детского сада. Тип мероприятия:театрализованное представление (мюзикл) к 8 Марта, посвященное мамам и бабушкам.

Цель: Создание праздничной атмосферы, воспитание любви и уважения к матери через погружение в сюжет сказки Г.Х. Андерсона.

Краткое содержание: Сценарий представляет собой музыкальную постановку, органично сочетающую якутскую и русскую речь. Действие начинается с поздравлений мальчиков, которые читают стихи и поют песни, восхваляя мам и женский праздник.

Далее разворачивается сюжет "Дюймовочки":

  1. Рождение девочки из цветка и её похищение Жабами.
  2. Побег с помощью Ласточки и столкновение с равнодушными Жуками.
  3. Жизнь в норе у богатой, но слепой и расчетливой Мыши (Хонуу кутуйаҕа), которая хочет выдать Дюймовочку замуж за слепого Крота.
  4. Спасение Ласточки, которая когда-то была спасена самой Дюймовочкой, и побег в солнечную страну Эльфов.
  5. Встреча с Принцем-Эльфом и счастливый финал.

Особенности сценария:

  • Текст написан на якутском языке что отражает региональную специфику и способствует сохранению родного языка.
  • Музыкальность: Включены танцы (Цветов, Жаб, Жуков, Кротов, Ласточки), песни ("Мамин день") и финальный вальс.
  • Воспитательный акцент: В финале сказка прерывается глубоким лирическим монологом ведущего о роли матери ("Ийэ диэн баар бу дойдуга..."), который подводит идеологическую черту под всем праздником.

Ожидаемый результат: Дети раскрывают свои творческие способности, преодолевают стеснение при выступлении, закрепляют знание классического произведения и выражают благодарность своим мамам.

 


Предварительный просмотр:

Аан дойду кэрэ анаардарыгар аналлаах бырааһынньык сценарийа

Г.Х.Андерсон айымньытынан «Дюймовочка» мюзикл

Сыала: Буолаары турар бырааһынньыкка интэриэһи тардыы,бырааьынньык иннинээҕи уйулҕаны,үөскэтии,тэрийии.

Соруктара:

- Устаан-ураннаан хоһоон,ырыа толороллорун ,имигэстик,туттан-хаптан үҥкүүлүүллэрин  ситиһии.

- Айар дьоҕурдарын сайыннарыы.

- Эрэллээхтик ,кыбыстыбакка  дьон иннигэр ,оруолларын толороллорун ситиһии.

Бэлэмнэнии  үлэ: ГАндерсон остуоруйатын истии,мультифильмын көрүү,кинигэ иллюстрациятын көрүү.

Оруоллар:

Сказочник

Оголор:

Дюймовочка

Лыахтар

Хомурдуостар

Ийэ баҕа

Баҕа

Сибэккилэр

Крот

Кроттар

Крыса

Эльф

Хараҥаччы

Туттартэриллэр: Сибэкки,тросточка,суот,ачыкы.ынырыы суруктары туттарыы,остуол,аһылык,олоппостор,самовар

Утренник хаамыыта        

Ыытааччы:Аламай сылаас күнүнэн!

Тымныы кыһын үүрүллэн,

Дьыбар ,кыыдаан кыйданна

Кундэл сааспыт эргиллэн

Куммүт күлүм уоттанна.

Ыытааччы: Күндү көмүс ийэлэрбитин,эбээлэрбитин ,эйэгэс эдьиийдэрбитин маннайгы сааскы бырааьынньыгынан эгэрдэлиибит!

Уолаттар кыргыттары киллэрэн олордоллор.

Уолаттар тахсаллар.

Данияр: Этэр эрэ миэхэ,сэр,дьоннор туохха мустан олороллор?

Данил: Бугун кэрэ анардар күннэрин бырааһынньыктаары олороллор.

Роберт: Ийэлэрбитигэр туох бэлэх биэрэбит?

Рома: Кэмпиэт бэлэхтиэххэ!!

Айсан: Джентельмены,арай концерка билиэт биэрдэххэ??

Эрсан : Браавоо!! Сөпкө этигиттигит.концерка билет биэриэххэ!!!

 (таһыналлар)

Уйусхан -  Ийэ баар буолан!

Радомир –Биһиги  күнү көрбүппут.

Тит -Ийэттэн ордук кэрэни

 Артем -Ийэттэн ордук өйдөөҕү

Ярик -Ого эрдэхтэн билбэппин.

Дамир -Аан дойдуга саамай кэрэ тыл.

Уйусхан -Ийэ сүрэҕэ саамай истин,кэрэ!

Бары : Таптыагын ийэни!

Монтаж:

Ийэ мичээрэ

Элбэххэ үөрэтэр

Эйэгэс буоларга

Эйэни  буларга

Сырдыгы сыдьаайа сылдьарга  

Мы хотим поздравить Вас

Мы еще поздравить рады

Всех работников детсада

И подружек и сестер

И,конечно,всех девчонок

Много мам на белом свете

Всей душой их любят дети

Только мама есть одна

Это мамочка моя

Полюбуйтесь наши мамы

Как мы выросли

Подтянулись подросли

Мы сегодня поздравляем

Нашим мамочек родных!                            

( Уолаттар олороллор)

Ырыа “Мамин день”

Ыытаачы: Ого бары күнүн аайы

Ийэлэрин үөртүннэр

Сылаас күннүү ,сылаас саастыы

Ийэ күлэ,мэлдьи үөрдун!

Ыытааччы: Остуоруйабытын саҕалыаҕыҥ.

                                        Ласточка киирэр.

Слайд 1 саас,хараҥХараҥаччыСаас саас барахсан

Күлүм чаҕыл уотунан

Күлүмүрдээрэн ,күлүмнээн

Тиийэн кэллэ ,доҕоттоор!!

Барыгытын саас иһэринэн эҕэрдэлиибит уонна остуоруйа көрөргүтүгэр ыҥырыбыт!!!

Слайд 2 (чүөчэ көстөр уонна колдунья)

Арай биирдэ олорбута уһу биир ийэ,кини олус оҕолонуон  баҕарар да огото суох эбит.Кини аптаах холдунья тииэн көрдөспүт.Онуоха, киниэхэ ,колдунья ,ячменнай сиэмэ биэрбит.Сиэмэни  горшокка ,олордубут,араай, онтон наһаа кыраһыабай сибэкки үүммүт.Сибэкки иһиттэн олус кыраһыабай,кып кыра кыыс тахсыбыт.Кини аата-Дюймовочка.

Дюймовочка:Үтүө күнүнэн.Наһаа да үчүгэй күн үүммүт.(эргийэр). Мин аатым Дюймовочка.Доҕотторум,сибэккилэр, ханна бааргыт ?Үүҥкүүлүөх.

 Сибэккилэр үҥкүүлэрэ.

Слайд 3  Сибэккилэр ойуулара.

Ыытааччы:Дюймовочканы  ийэтэ,грецкэй эриэхэ хагыгар,роза сибэкки эминньэгинэн суулан утутар эбит.Туун буолбут.

Слайд 4.Болото

Баҕалар киирэллэр ункуулууллэр.

Ийэ баҕа: Оо,кумаары сиэ,аһаа,аччыктаабытын буолуо,сарсын эрдэ туран,оскуолага уерэнэ барыагын.

Оҕо баҕа: коакс,коакс ,бреке –кекс!!Оскуолага үөрэниэхпин багарбаппын!!

Ийэ баҕа:ол того багарбаккын?Үөрэниэххин багарбат буоллаххына,

Оҕо баҕа:Күнү быһа оонньуу сылдьарбын сөбүлүүбүн.Коакс,коакс ,брекек кеекс!!

Дюймовочканы көрөллөр.

Ийэ баҕа Хайаа,бу наһаа да кэрэ кыыс баар эбит ди ,бу кыыһы илдьэ баран,эйиэхэ кэргэн гыныахпыт.

Оҕо баҕа:Эчи,кыратыын.Олус да кыраьыабай эбит дии.

Дюймовочка:Оо,миигин ыытын,мин болуота5а олоруохпун ба5арбаппын.(ытыыр)

Ийэ баҕа :Тоҕо ытыыгын?,көрүүй,мин оҕом наһаа кыраһыабай !.“Ытаама,биһиги,сыбаайбаҕа бэлэмнэнэ бардыбыт,эн эмиэ бэлэмнэн.

(Баҕалар тахсаллар, Дюймовочка ытыы олорор.)

Слайд 5 ЛыахтарЛыахтар үҥкүүлэрэ

Дюймовочка: Кыраһыабай лыахтар миэхэ көмөлөһун!! Миигин баҕа кэргэн ылаары гынар.

Лыахтар: Көмөлөһүөхпут.

Сандаара лыах: Бу быаны тутус күүскэ .

                                   Көтөллөр , дюймовочка быаттан тутуһар.

Лыах Айыына: Манна түһэҕин,биһиги атын сибэккилэргэ мүөт көрдүү көттүбүт.

Слайд 6 Хомурдуостар

 Хомурдуостар киирэллэр.

Хомурдуос Артем: Наһаа да кыраһыабай кыыс эбит ди,бу кыыһы мин кэргэн ылыам этэ.

Витя: Уу,икки эрэ илиилээх дии

Тит: Пахаай,икки эрэ атахтаах дии.

Вадим: Уу.кыната суох дии.

Ярик: Муоһа суох дии уонна хомурдуоска майгыннаабат.

Артем: Кэргэн ылбат эбиппин,мин доҕотторум эйигин сөбүлээбэтилэр.

Хомурдуостар тахсан бараллар

Слайд 7 сайын,күһүн ,кыһын

Сказочник: Ити курдук,дюймовочка соҕотоҕун хаалбыт.сайын ааспыт,күһүн ааүан,тымныы кыһын тиийэн кэлбит.

                            Дюймовочка тоҥор,илибириир,сэбирлэҕинэн саптар.

Слайд 8 Хонуу кутуйаҕа

Хонуу кутуйаҕа киирэр.дьиэ иһэ көстөр.

Хонуу кутуйаҕа: Уу,барахсаныы,дэлби тоҥмут дии.Дьиэҕэ киир,итин.(кутуйах Дюймовочканы илиититтэн ылар уонна дьиэтигэр киллэрэр.

Дюймовочка: Махтал эйиэхэ үтүө санаалаах кутуйах.

Хонуу кутуйаҕа: Аатыҥ ким диэний?

Дюймовочка: Дюймовочка диэммин.

Хонуу кутуйаҕа: Ханна олороҕунуй?

Дюймовочка: Манна хонууга олоробун.

Хонуу кутуйаҕа: Кыһын буолан эрэр,хайдах хонууга олоруоххунуй.Тоҥуон дии.

Дюймовочка: Мин атын дьиэм суох,ханна да арарым эмиэ суох.

Хонуу кутуйаҕа: Уу,барахсаныы,наһаа да эйигин аһынным.миэхэ олоро хаал.мин баай буолбатахпын эрээри,кыһыҥҥыгы син хаһаастаахпын.(күлэр),Иккиэн хайдах эмит кыһыны туоруур инибит.Миэхэ хаһаайыстыбабар көмөлөһүөҕүҥ.

Дюймовочка: Махтал эйиэхэ,эйэҕэс майгылаах кутуйахха.эн тугу эппиккин барытын толоруом диэн эрэннэрэбин.

Сказочник: Ити курдук,Дюймовочка,хонуу кутуйаҕар олоро хаалбыт.Сир анныгар,сир сарыстыба баар эбит ,сир аннынан кроттарга атын кутуйахтар дьиэлэригэр барыаххын сөп эбит.Биир сарсыарда Дюймовочка көрбүтэ.Ласточка көткөн киирбит.

Слайд 9Хараҥаччы

                               Хараҥаччы көтөн киирэр.

Хараҥаччы: Мин ыарыйдым ,сатаан итии дойдуга көтөр кыаҕым суох.(охтон түһэр)

Дюймовочка;манна сыт,мин эйигин көрүөм –истиэм ,кимиэхэ да атаҕастатыам суоҕа.

Слайд 10 Хонуу кутуйаҕа

Сказочник: Ити курдук,дюймовочка,ласточканы күн аайы көрөр истэр,аһатар.Биир сарсыарда ,кутуйах Дюймовочкаҕа этэр;

Хонуу кутуйаҕа: Дюймовчка,бүгүн биһиэхэ ,соседпыт Крот күүлэйдии кэлиэҕэ.Кини сир анныгар улахан дьиэлээх уонна бархат шуба кэтэр,кини олус баай.Киниэхэ кэргэн таҕыстаххына,байабыт.

Дюймовочка: Мин кэргэн тахсыахпын баҕарбаппын.Мин эйигин кытта хаалыахпын баҕарабын.

Хонуу кутуйаҕа: Эн тугу да өйдөөбөккүн!!Кини олус баай,миигиттэн ордук олорор,олус баай.

Слайд 11 Крот

Кроттар үҥкүү

Крот (суотун ылар,ачыкытын кэтэр,тросточкатын тутар);Дорообо,соседушка!

Хонуу кутуйаҕа: Дорообо,господин Крот.Бу мин дюймовочкам,кини туһунан кэпсээитим.

Крот: Ол  эрэн,мин олох көрбөппүн ,мин сир анныгар олоробун эбээт.Аһылыгым запааһа элбэх.Бу мин доҕотторум ,билсэн кэбиһин,олус состоятеьнай кроттар,”прошу любить ижаловать”

 (Кроттар,сэлээппэлэрин усталлар,поклоннууллар).

Хонуу кутуйаҕа: Олор манна уонна иһит.Дюймовочка

-үлэһит

-кыраны аһыыр

-бэрээдэктээх

-айдаарбат

 (Крот суотка суоттуур,кутуйах эппитин барытын,кроттар сөбүлэһэ тураллар)

Крот: Сөп,кини кыратык аһыырын сөбүлүү иһиттим ,онон,кэргэн ыла

бын.

 Кроттар тахсан бараллар

Дюймовочка: Кутуйах миигин кэргэн биэримэн!(көрдөһөр)

Хонуу кутуйаҕа: Буоллун буоллун,дьолтон ким да өлбөтөҕө,баай ,хараҕа суох,хараҥаҕа олорор. Итинник кэргэни эн хаһан да,ханна да булуон суоҕа булуоҥ суоҕа!!

Дюймовочка: Оччоҕо биир баҕа санаабын толоруҥ,күнү кытта баран бырастыылаһыам

Хонуу кутуйаҕа: Сөп,мин онуоха дылы соседтарга баран кэлиэм.

Сдайд 12  Харааччы күннээх

Дюймовочка: Чаҕылыччы да күн тыкпыыт,наһаа үчүгэй!аны мин хаһан да күнү аны көрбөппүн.(ытыыр).

Ол бириэмэҕэ хараҥаччы көтөн киирэр.

Хараҥаччы: Дорообо, Дюймовочка!!!Тоҕо ытыыгын үтүө санаалаах кыысчаан?

Дюймовочка: Оо,күнду хараҥаччы,дорообо!Кутуйах миигин кротка кэргэн биэрэн эрэр,аны хаһан да күнү көрбөппүн диэн хомойон ытыыбын.

Хараҥаччы: Хайдах олрдуҥ ,Дюймовочка?Ытаама ,эн миэхэ көмөлөспүтүҥ,аны мин эйиэхэ көмөлөһүөм.олорус,үчүгэйдик тутус уонна бардыбыт.Биһиги итии дойдуга көтүөхпүт.(залы эргийэн кэлэллэр).

Слайд 13 эльфы ,сибэккилэр

Сказочник: Хараҥаччы Дюймовочканы кытта ыраах ,сылаас дойдуга көппүттэр.Кинилэр эльфтар  дойдуларыгар көтөн кэлбиттэр.Бу королевствоҕа ,эмиэ Дюймовочка саҕа уҥуохтаах,кынаттаах принц олорор эбит.

Хараҥаччы: Эйигин манна түһэрэбин,мин мантан чугас баарбын.Көрсүөххэ диэри!

                                   Эльф көтөн киирэр

Эльф Уйусхан: Кыраһыабай кыысчаан,дорообо!!Мин эльфтар корольларабын.Онтон эн кимҥиний?

Дюймовочка: Дюймовочка диэммин.

Эльф: Дюймовочка,эн олус кэрэҕин,кыраһыабайгын. Мин эйигин олуһун таптыам,хаһан да атаҕастыам суоҕа.Сибэккиттэн сибэккигэ көтөн нектар хомуйуохпут.Миэхэ кэргэн таҕыс.(тобуктаан олорор).

Дюймовочка: Онтон миэхэ көтөрбөр кынатым суох.

Эльф: Мин эйиэхэ кынат биэриэм уонна иккиэн көтүөхпүт.

Үҥкуу Вальс

Сказочник: Ити курдук Дюймовочка дьолун булан,олус уһуннук дьоллоохтук олорбута.истибиккит ,көрбүккүт иһин махтал!!

Барыгытын сааскы маҥнайгы бырааһынньыгыан эҕэрдэлиибит!!Дьолу үөрүүнү эрэ баҕарабыт.Ийэлэрбитигэр махталбыт муҥура суох!ийэ диэн баар бу дойдуга -Далбар Хотун!Ийэ күүстээх самныбат санаата,оҕолоругар таптала,олоххо дьулуура,инникигэ эрэлэ,барыны бары кыайар хотор,көннөрөр,үтүөрдэр,быыһыыр-абырыыр,аптыыр аналлаах , сүдү күүстээх !!!Ийэбитгэр махтаныах!!Барҕа баараҕай үксээтин!Үтүө ,кэрэ, чөл-чэгиэн буолуҥ!Баайы-дуолу,баһаам билиини,иэйиилээх тапталы,мааны махталы,сата сатабылы,таба табыллыыны,ситиһиилээх ситиһиини,амарах аргыстары,эйэлээх эйгэни,үөрүүнү-көтүүнү,,ыкса ытыктабылы,дьоһун дьону,көнө суолу,ыраас халлааны,быйаҥ үүнүүнү,сиэрдээх олоҕу,ыраас самныбат санааны,тууллубат тулууру,уһун олоҕу,бөҕө силиһи,кэхтибэт кэскили Аар айыылартан арчылыы,араҥаччылыы анаатахтара буолуохтун!!

 Хаартыскаҕа уопсай,биирдиилээн түһүү.


По теме

мюзикл "Дюймовочка"

Интересный утренник на * марта для детей старшей группы...

Весенний мюзикл "Дюймовочка"

Сценарий весеннего мюзикла для детей подготовительной группы...

Дюймовочка Мюзикл для старших дошкольников

Мюзикл по мотивам сказки Г.-Х. Андерсена "Дюймовочка"...

Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык сценарийа "Снежная королева"

Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык сценарийа "Снежная королева"...

Кэрэ анаардар куннэригэр аналлаах бырааьынньык сценарийа

Кэрэ анаардар куннэригэр аналлаах бырааьынньык сценарийа...

«Кулун тутар 8 кунэ» бырааһынньык сценарийа

laquo;Кулун тутар 8 кунэ» бырааһынньык сценарийа...

Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта

Уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньык хаамыыта...