"Дьаабылыкалаах мөһөөччүк" сценарий
план-конспект занятия (1 класс)

сценарий новогоднего представления учащихся 1 класса "Дьаабылыалаах мөһөөччүк"

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл daabylykalaah_mohoochchuk_ostuoruya.docx19.19 КБ

Предварительный просмотр:

«Дьаабылыкалаах мөһөөччүк» остуоруйа

Саҥа дьыллааҕы представление

Оруолларга:

Кэпсээнньит - Эльдар

Куобах - Мичил

Тураах - Жора

Эһэ - Айгылаан

Тииҥнэр - Адриана, Юлиана

Дьуос - Саргы

Крот - Кыыдаана

Ийэ куобах - Алина

Куобахчааннар - Алиса, Ангелина, Мария

Кэпсээнньит: Арай биирдэ биир тыаҕа Куобахтар олорбуттара эбитэ үһү: Аҕа Куобах, Ийэ Куобах уонна 3 кырачаан оҕолоро.

(Куобахтар үҥкүүлэрэ)

Куобахчааннар: Аҕаа, биһиги ачччыктаатыбыт, аһыахпытын баҕардыбыт.

Ийэ Куобах - Оо, оҕолорбутун тугунан аһатабыт? Аспыт бүппүтэ.

Кэпсээнньит - Аҕа Куобах оҕолорун аһатаары мөһөөччүгүн сүгэн ас көрдүү барбыт. Тыа устун хаампыт - хаампыт тэллэй да, отон да суох эбит.

Аҕа Куобах - Күнү быһа кураанах мөһөөччүктээх хаамтым да, тугу да булбатым. Оҕолорбун тугунан аһатар буоллахпыныый?

(Чөҥөчөккө олорон ытыыр. Арай атаҕар Яблоко түһэн кэлэр.)

Аҕа Куобах - (соһуйар)  Тугун дьиктитэй, халлаантан дьаабылыка түстэ дии.  Тыый, улахан да яблоня турар эбит. Дьаабылыката элбэҕиин. Оҕолорум барахсаттар төһө эрэ үөрээхтииллэр.

(Дьаабылыкалары мөһөөччүгэр хомуйар. Бу кэмҥэ тураах көтөн кэлэр.)

Тураах - Кар-кар-кар! Куобах дьаабылыканы бүтэрэр буолла, миэхэ ордорбот буолла!

Аҕа Куобах - Долгуйума, тураах. Дьаабылыка элбэх, барыбытыгар тиийиэҕэ. Кэлэн ыл.

(Аҕа Куобах тураахха дьаабылыка биэрэр, Тураах ылбакка көтө турар.)

Куобах - Мөһөөччүгүм ыараханын. Сатаан хайдах илдьэбин? (Мөһөөччүгүн кэннинэн соһон иһэн эһэҕэ кэтиллэр)

Куобах - Ой! Ханна - ханна түбэстим! Ой! Арааһа бүттүм быһыылаах!

Эһэ - Куобах! Мөһөөччүккэр туох баарый? Көрдөр эрэ?

Куобах - Дорообо Эһэкээн!  Тыаттан дьаабылыка хомуйан иһэбин. Оҕолорбун аһатаары. Мэ, Эһэкээн, дьаабылыкаттан амсай.(Эһэ дьаабылыканы ылан амсайар.)

Эһэ - Мммм. Минньигэс да дьаабылыка эбит! (Эһэ барар)

Куобах салҕыы ыллык устун хааман иһэр. Бу кэмҥэ Тииҥнэр ойуоккалыы ыллыы сылдьаллар. Тииҥнэр ырыалара.

1 Тииҥ -  Дьээдьэ Куобах. Мөһөөччүгэр тугу состуҥ?

Аҕа Куобах - Тыаттан дьаабылыка хомуйдум, оҕолорбун аһатаары.

2 тииҥ - Дьээдьэ Куобах, биһиэхэ бэрсиий!

Аҕа Куобах - Оо бэрсэн буоллаҕа дии.

Тииҥнэр - Улахыын - улахан махтаал! (Бараллар)

Тураах - Дьаабылыкаҕын барыларыгар бэрсэн дьиэҕэр тиэрдэҕин эрэ.

(Куобах салҕыы баран иһэн Дьуоһу көрсөр)

Куобах - Доҕорум дьуос, дорообо! Ханна баран иһэҕин?

Дьуос - Тыаҕа тэллэй көрдүү сылдьабын. Биири да булбатым.

Куобах - Оо барахсан! Оттон эн көрүүй мин мөһөөччүкпэр туох баарын. Мэ эйиэхэ дьаабылыка бэрсэбин. Миэхэ дьаабылыка элбэх.

Дьуос - Аата үчүгэйиин, үөрдэхпиин! Оҕолорум дьаабылыканы сөбүлүүллэр.

Куобах - мин оҕолорум эмиэ сөбүлүүллэр.

Дьуос - оҕолоргор илдьэн иһэр этиҥ дуо?

Куобах - Ээ долгуйума, миэхэ дьаабылыкам элбэх. Оҕолорбор тиийиэҕэ.

Тураах - Хас хас дьаабылыканы бэристэ? Мөһөөччүгэ чэпчээтэҕэ буолуо.

Куобах салҕыы баран иһэр.

Куобах - Абытыый - абытай, тириттэхпин! Хата манна олорон сынньана түһүөххэ. (Ыскамыайкаҕа Ийэ - Коза сынньана олорор эбит.)

Коза - Дорообо Куобах! Мөһөөччүккэр тугу илдьэн иһэҕин?

Куобах - Дорообо Коза! Бу оҕолорбор минньигэс дьаабылыка илдьэн иһэбин. Хата миигин кытта олорон дьаабылыкаттан амсай.

Коза - Минньигэс да дьаабылыка эбит. Хаһан да маннык минньигэс дьаабылыканы амсайа илик эбиппин. Эйиэхэ улахан махтал!

Куобах - Үтүөнү оҥорор үчүгэй да эбит. Бары үөрэллэр, онтон мин эмиэ үөрэбин.

Куобах салҕыы ыллык устун баран иһэр.  Тыа. Халлаан хара былытынан бүрүллэр. Куобах баран иһэр. Кэнниттэн тураах көтө сылдьар.

Тураах - Кар, кар, кар! Барыларыгар дьаабылыкатыттан бэристэ. Онтон миэхэ көтөргө бэрсибэтэ.

Куобах дьиэтэ.  Ийэ Куобах оҕолорунаан олороллор.

Куобахчааннар - Ийээ, аҕабыт хаһан кэлэрий? Биһиги наһаа аччыктаатыбыт.

Ийэ Куобах - Аҕабыт сотору кэлиэ. Оҕолорбор ас аҕалыа. Хата мин оҕолорбор остуоруйа кэпсиим. (Бу кэмҥэ ааны тоҥсуйаллар.)

Тииҥнэр - бу эһиэхэ ийэбит эриэхэ кэһии ыытта.

Бу кэмҥэ ааны тоҥсуйаллар.

Дьуос - Ийэ Куобах дорообо! Аҕаҕыт баар дуо, көрсүөм этэ.

Ийэ Куобах - Аҕабыт сарсыарда оҕолоргуарас көрдүү барбыта да, кэлбэтэ.

Дьуос - Долгуйума, кэлиэҕэ. Мэ, бу эйиэхэ тэллэй кэһии аҕаллым.

Ийэ Куобах - Баһыыба!

Коза

Куобах дьиэҕэ киирэн кэлэр.

Куобахчааннар - Аҕабыт кэллээ!

Ийэ куобах - Хайа, доҕор, тоҕо наһаа өр буоллуҥ?

Аҕа Куобах - Оҕолорбор тугу да аҕалбатым.

Ааны тоҥсуйаллар.

Эһэ - ааҥҥытын арыйыҥ. Эһиэхэ мүөт кэһии аҕаллым.

Аҕа Куобах - тоҕо үчүгэйээй! Тугун дьиктитээй! Тыа араас аһа барыта кэлбит дии. Эриэхэ, тэллэй, аны мүөт. Бары кыылларга улахан баһыыба!.

Остуол тула мусталлар. 

Тураах - Тугу да өйдөөбөтүм. Кураанах мөһөөччүктэн хантан бачча ас кэллэ?

Аҕа Куобах - тураах, эн өйдөө. Үтүөнү оҥорбутуҥ уон оччонон эйиэхэ эригиллэн кэлэрин.

Түмүк. Ырыа «Саҥа дьыл»

«Дьаабылыкалаах мөһөөччүк» остуоруйа

Саҥа дьыллааҕы представление

1 слайд

Кэпсээнньит: Арай биирдэ биир тыаҕа Куобахтар олорбуттара эбитэ үһү: Аҕа Куобах, Ийэ Куобах уонна 3 кырачаан оҕолоро.

(Куобахтар үҥкүүлэрэ)

2 слайд

Куобахчааннар: Аҕаа, биһиги ачччыктаатыбыт, аһыахпытын баҕардыбыт.

Ийэ Куобах - Оо, оҕолорбутун тугунан аһатабыт? Аспыт бүппүтэ.

 

3 слайд

Кэпсээнньит - Аҕа Куобах оҕолорун аһатаары мөһөөччүгүн сүгэн ас көрдүү барбыт. Тыа устун хаампыт - хаампыт тэллэй да, отон да суох эбит.

Аҕа Куобах - Күнү быһа кураанах мөһөөччүктээх хаамтым да, тугу да булбатым. Оҕолорбун тугунан аһатар буоллахпыныый?

(Чөҥөчөккө олорон ытыыр. Арай атаҕар Яблоко түһэн кэлэр.)

4 слайд

Аҕа Куобах - (соһуйар)  Тугун дьиктитэй, халлаантан дьаабылыка түстэ дии.  Тыый, улахан да яблоня турар эбит. Дьаабылыката элбэҕиин. Оҕолорум барахсаттар төһө эрэ үөрээхтииллэр.

(Дьаабылыкалары мөһөөччүгэр хомуйар. Бу кэмҥэ тураах көтөн кэлэр.)

Тураах - Кар-кар-кар! Куобах дьаабылыканы бүтэрэр буолла, миэхэ ордорбот буолла!

Аҕа Куобах - Долгуйума, тураах. Дьаабылыка элбэх, барыбытыгар тиийиэҕэ. Кэлэн ыл.

(Аҕа Куобах тураахха дьаабылыка биэрэр, Тураах ылбакка көтө турар.)

Куобах - Мөһөөччүгүм ыараханын. Сатаан хайдах илдьэбин? (Мөһөөччүгүн кэннинэн соһон иһэн эһэҕэ кэтиллэр)

Куобах - Ой! Ханна - ханна түбэстим! Ой! Арааһа бүттүм быһыылаах!

Эһэ - Куобах! Мөһөөччүккэр туох баарый? Көрдөр эрэ?

Куобах - Дорообо Эһэкээн!  Тыаттан дьаабылыка хомуйан иһэбин. Оҕолорбун аһатаары. Мэ, Эһэкээн, дьаабылыкаттан амсай.(Эһэ дьаабылыканы ылан амсайар.)

Эһэ - Мммм. Минньигэс да дьаабылыка эбит! (Эһэ барар)

5 слайд

Куобах салҕыы ыллык устун хааман иһэр. Бу кэмҥэ Тииҥнэр ойуоккалыы ыллыы сылдьаллар. Тииҥнэр ырыалара.

1 Тииҥ -  Дьээдьэ Куобах. Мөһөөччүгэр тугу состуҥ?

Аҕа Куобах - Тыаттан дьаабылыка хомуйдум, оҕолорбун аһатаары.

2 тииҥ - Дьээдьэ Куобах, биһиэхэ бэрсиий!

Аҕа Куобах - Оо бэрсэн буоллаҕа дии.

Тииҥнэр - Улахыын - улахан махтаал! (Бараллар)

Тураах - Дьаабылыкаҕын барыларыгар бэрсэн дьиэҕэр тиэрдэҕин эрэ.

(Куобах салҕыы баран иһэн Дьуоһу көрсөр)

Куобах - Доҕорум дьуос, дорообо! Ханна баран иһэҕин?

Дьуос - Тыаҕа тэллэй көрдүү сылдьабын. Биири да булбатым.

Куобах - Оо барахсан! Оттон эн көрүүй мин мөһөөччүкпэр туох баарын. Мэ эйиэхэ дьаабылыка бэрсэбин. Миэхэ дьаабылыка элбэх.

Дьуос - Аата үчүгэйиин, үөрдэхпиин! Оҕолорум дьаабылыканы сөбүлүүллэр.

Куобах - мин оҕолорум эмиэ сөбүлүүллэр.

Дьуос - оҕолоргор илдьэн иһэр этиҥ дуо?

Куобах - Ээ долгуйума, миэхэ дьаабылыкам элбэх. Оҕолорбор тиийиэҕэ.

Тураах - Хас хас дьаабылыканы бэристэ? Мөһөөччүгэ чэпчээтэҕэ буолуо.

Куобах салҕыы баран иһэр.

6 слайд

Куобах - Абытыый - абытай, тириттэхпин! Хата манна олорон сынньана түһүөххэ. (Ыскамыайкаҕа Ийэ - Коза сынньана олорор эбит.)

Коза - Дорообо Куобах! Мөһөөччүккэр тугу илдьэн иһэҕин?

Куобах - Дорообо Коза! Бу оҕолорбор минньигэс дьаабылыка илдьэн иһэбин. Хата миигин кытта олорон дьаабылыкаттан амсай.

Коза - Минньигэс да дьаабылыка эбит. Хаһан да маннык минньигэс дьаабылыканы амсайа илик эбиппин. Эйиэхэ улахан махтал!

Куобах - Үтүөнү оҥорор үчүгэй да эбит. Бары үөрэллэр, онтон мин эмиэ үөрэбин.

Куобах салҕыы ыллык устун баран иһэр.  Тыа. Халлаан хара былытынан бүрүллэр. Куобах баран иһэр. Кэнниттэн тураах көтө сылдьар.

Тураах - Кар, кар, кар! Барыларыгар дьаабылыкатыттан бэристэ. Онтон миэхэ көтөргө бэрсибэтэ.

7 слайд

Куобах дьиэтэ.  Ийэ Куобах оҕолорунаан олороллор.

Куобахчааннар - Ийээ, аҕабыт хаһан кэлэрий? Биһиги наһаа аччыктаатыбыт.

Ийэ Куобах - Аҕабыт сотору кэлиэ. Оҕолорбор ас аҕалыа. Хата мин оҕолорбор остуоруйа кэпсиим. (Бу кэмҥэ ааны тоҥсуйаллар.)

Тииҥнэр - бу эһиэхэ ийэбит эриэхэ кэһии ыытта.

Бу кэмҥэ ааны тоҥсуйаллар.

Дьуос - Ийэ Куобах дорообо! Аҕаҕыт баар дуо, көрсүөм этэ.

Ийэ Куобах - Аҕабыт сарсыарда оҕолоргуарас көрдүү барбыта да, кэлбэтэ.

Дьуос - Долгуйума, кэлиэҕэ. Мэ, бу эйиэхэ тэллэй кэһии аҕаллым.

Ийэ Куобах - Баһыыба!

Коза

Куобах дьиэҕэ киирэн кэлэр.

Куобахчааннар - Аҕабыт кэллээ!

Ийэ куобах - Хайа, доҕор, тоҕо наһаа өр буоллуҥ?

Аҕа Куобах - Оҕолорбор тугу да аҕалбатым.

Ааны тоҥсуйаллар.

Эһэ - ааҥҥытын арыйыҥ. Эһиэхэ мүөт кэһии аҕаллым.

Аҕа Куобах - тоҕо үчүгэйээй! Тугун дьиктитээй! Тыа араас аһа барыта кэлбит дии. Эриэхэ, тэллэй, аны мүөт. Бары кыылларга улахан баһыыба!.

Остуол тула мусталлар. 

Тураах - Тугу да өйдөөбөтүм. Кураанах мөһөөччүктэн хантан бачча ас кэллэ?

Аҕа Куобах - тураах, эн өйдөө. Үтүөнү оҥорбутуҥ уон оччонон эйиэхэ эригиллэн кэлэрин.

8 слайд

Түмүк. Ырыа «Саҥа дьыл»

 

1 слайд Остуоруйа са5аланыыта, кэпсээнньит

2 слайд Куобахтар

3 слайд Куобах тыа5а ас кердуу барар

4 слайд Яблоня булар

5 слайд Тыа устун баран иьэн тииннэри керсер, дьуос

6 слайд Козаны керсер

7 слайд Куобахтар дьиэлэрэ

8 слайд Тумук ырыа