Рабочая программа по родной литературе 6 класс
рабочая программа (6 класс) на тему

Васильева Наталья Викторовна

2016-2017 уерэх дьылыгар 6 кылааска саха литературатын уерэтиини суруннуур бырагыраама

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл 6_literatura_16-17_ue.d.docx62.47 КБ

Предварительный просмотр:

Саха Республикатын Үөрэ5ириитин министерствота

Ньурба оройуонун Үөрэ5ин управлениета

П.С. Егоров аатынан Акана орто оскуолата

         «Сөбүлэhэбин»

Директоры   үөрэх  чааhыгар                                                                                                                                

   солбуйааччы Лукина А.А.

«_______»___________________

                                                                «Бигэргэтэбин»

                                                  П.С. Егоров аатынан  Акана орто          

                                                          оскуолатын  директора

                                                                   Федоров Н.Н.

                                                             « ______»___________________

2016/2017  үөрэх дьылыгар

6 кылааска

саха литературатын үөрэтиини

сүрүннүүр бырагыраама

Бырагыраама: «Төрөөбүт литература: үлэлиир бырагыраама:5-9 кылаас»

 Ааптардар: Е.М.Поликарпова, Н.И. Филиппова, У.М.Флегонтова Дь., Бичик, 2016)

Учуобунньук:  «Төрөөбүт литература» (6 кылаас. Хрестоматия. 2 чаастаах)

Ааптардар: Е.М. Поликарпова, Л.Ф.Молукова, С.Г. Олесова. Дь. Бичик, 2016 с.

35x2=70 ч.

Учуутал: Васильева Наталья Викторовна

Быһаарыы сурук

                6 кылааска саха литературатын уруогун үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама 2016 сыллаахха тахсыбыт «Төрөөбүт литература: үлэлиир бырагыраама:5-9 кылаас» бырагырааманан оңоһулунна.

Россия үөрэҕин сүрүннүүр Федеральнай государственнай  стандарт үүнэр көлүөнэни  киһилии сиэрдээх, ийэ дойдуга бэриниилээх сомоҕо гражданскай уопсастыбаҕа түмэр сыаллаах.  Стандарт россия норуоттарын ураты култуураларын уонна тылларын  чөлүн харыстыыр, сайыннарар суолу тутуһар. Араас норуоттар олохторун сэһэнин (философиятын), өйдөрүн күүһүн, уйулҕаларын  кэрэһиттэрин  түмэн, модун күүһүрэр, сайдар  государство буолуохтааҕа тоһоҕолоон бэлиэтэнэр.

Киһититии, сиэр-майгы кииллээх үөрэх стандарта  сайдыы суолун,  тускутун, хайысхаларын уонна ньымаларын тобулууну, үөрэнээччи толкуйдуур, чинчийэр, айар кыахтарын арыйыыны эрэйэр. Бу уустук соруктары ситиһии үөрэх  предметин  билии тускутуттан тахсан, оҕо билиини ылыы, иҥэринии ньымаларын бэйэтэ  тобулар, баһылыыр эйгэтин үөскэтиигэ тирэҕирэр, күннэтэ үүнэр, улаатар киһи уонна суруйааччы,  уус-уран литература алтыһыыта  - сиэрдээх майгы, духуобунас эдэркээн дьон өйүгэр-сүрэҕэр иҥиитигэр, дьиҥ киһилии олох ис киилэ олоҕуруутугар тиэрдэр суолларынан, ньымаларынан ситиһиллэр кыахтаах.

“Норуот айымньыта уонна уус-уран литература” программа Российскай Федерация Үөрэҕин министерствота бигэргэппит литератураҕа үөрэхтээһиҥҥэ федеральнай государственнай стандартын методологическай төрүттэригэр уонна  дидактическай ирдэбиллэригэр  тирэҕирэр.  Программа  саха литературатын учууталларыгар саҥа соруктары туруорар.  Оҕону үөрэтэр, иитэр,  сайыннарар үлэлэрин саҥалыы тыыннаах өйүнэн-санаанан тускулаан, сонуннук тэринэллэрин эрэйэр.

Алта уон сыл усталаах-туоратыгар нуучча литературатын оскуолаҕа үөрэтииттэн илиитин араарбакка айа-тута, үлэлии сылдьар биллиилээх  учуутал, педпгог-учуонай  Л.С. Айзерман  биир идэлээхтэригэр биэрэр сүрүн  ыйытыыта: “зачем и для чего изучать литературу в школе?”  бүгүн  литература учууталыгар ураты  сытыытык турда. Туох сыаллаах, тугу ситиһээри литератураны оскуолаҕа үөрэх предметин быһыытынан үөрэтэбитий? Бу ыйытыыга эппиэти үгүстэр бэрт судургу, үгүс мөккүөрэ суох курдук өйдүүллэр. Ол эрээри дириҥник хорутан  толкуйдаан көрдөххө, ис дьиҥэр эппиэт судургута суоҕа өйдөнөр. Уус-уран литература үөрэх предметин быһыытынан икки кэриҥнээхтик өйдөнөрө, чорботон литература историятын, теориятын биллэриини баһылыыр кэриҥнээх (доминирующай)  хайысханан үөрэтэн кэлбиппит биллэр. Ол, биллэн турар, олох, былаас ирдэбиллэриттэн тутулуктааҕа.

Ис дьиҥэр уус-уран литература - киһи умусулҕаннаах ис туругун, уйулҕатын тойуга, ыарыыта, ырыата, өйүн-сүрэҕин бүппэт мөккүөнэ, сэһэнэ.  Литератураны үөрэтии, бастатан туран,  ити умсулҕаны, өй-сүрэх мөккүөрүн ырытан ылыныыга, дириҥ, улаҕалаах толкуйу арыйыыга туһуланыахтаах. Ол эрэ кэнниттэн, өй-сүрэх аһыллан, санаа сааһыланан, үөрэнээччи (ааҕааччы) ис киэлитэ сырдаан, суруйааччы хараҕынан олоҕу көрүү салаллан бардаҕына эрэ, уус-уран айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын, айымньы саха литературатыгар ылар миэстэтин эридьиэстэһии киэлитинэн  ыытыллара олохтоох.  Бүгүн уус-уран литература оҕону иитэр, сайыннарар суолтата ураты болҕомтоҕо ылыллыыта – кини тугунан да солбуллубат үрдүк аналын, ис дьиҥ айылгытын, тыл уйулҕатын эгэлгэ мындырын күүһүнэн киһи, дьон-сэргэ, олох дириҥ, ураты кэриҥнээх дьүһүлгэннэрин  кичимин өй-сүрэх күүһүнэн арыйыы, ылыныы суолунан ыытыллытын эрэйэр, онно дьулуһар,  ону өрө тутар. Ол аата – дьиҥ уус-уран тыл айылгытын айыллыытын  

        Онон, бу программа сүрүн тирэх методологическай төрүттэринэн:  

- барыта киһи туһугар (антропоцентризм), киһи сэһэнэ (философия), искусство уонна киһи сыһыанын үрдүк мээрэйинэн киһилии буолуу, киһититии, ол эбэтэр айымньы уонна киһи ис киэлилэрин алтыһыннарыы;

           - уус-уран айымньыны оҕо тус суолталаахтык (личностно значимое восприятие), эстетическэй кэриҥнэринэн ылыныытын түөрүйэтэ. Бу түөрүйэ уус-уран литератураны киһи бэйэтигэр тус суолталаахтык ылыныыта кини айымньы эстетическэй, духовнай кэриҥнэрин ырытан  өйдөөһүнэ, суруйааччылыы айар, айымньылаах таһымҥа киирдэҕинэ, ойууланар олоҕу, дьон уустук сыһыанын ырытан көрдөҕүнэ, кини курдук иэйии, уйулҕа хамсааһыныгар оҕустардаҕына ситиһэллэр;  

         - уус-уран литератураны ааҕыы, ырытыы – уустук өй-сүрэх үлэтэ (бу төрүт көрүү уус-уран литератураны үөрэтии – психологическай дьайымалга олоҕурарын тоһоҕолуур, ол эбэтэр айымньыны ааҕыыга киирии, ааҕыы, ырытыы, түмүктээһин – барыта киһи толкуйдуур, иэйэр, анаарар уустук психологическай дьайыыларын тиһигинэн ситиһиллэрин, учуутал, үөрэнээччи, суруйааччы, уус-уран уобарастар уустук өй-сүрэх, уйулҕа алтыһыытыгар киирэллэрин туоһулуур);  онон, учуутал психологияҕа билиитин сайыннарара, уруокка, үлэҕэ табыгастаахтык ту´анара эрэйиллэр, оччо±уна эрэ кини били²²и литература уруогун кыайа тутан, чахчы да µ³рэнээччилэрин ³йд³рµн-сµрэхтэрин, уйул±аларын сырдатар, чэбдигирдэр кыа±ы сити´иэн с³п.  

 К³ст³рµн курдук, тыл искусствотын эстетическэй кµµ´э ураты бол±омто±о ылыллар, айымньы эстетическэй сµрµнэ кини  биллэрэр, иитэр, сайыннарар кыахтарын - барытын тµмэр.

Онон, уус-уран литература µ³рэх предметин бы´ыытынан сµрµн сыала – о±ону сырдыкка, ырааска, кэскиллээххэ, µйэлээххэ киллэрии. Ол инниттэн о±о±о бэрт кыратыттан уус-уран литератураны тус бэйэтигэр суолталаахтык ылынар кыа±ын оло±урдар ньымаларынан µ³рэтии эрэйиллэр, сыыйа кылаастан кылааска, сµ´µ³хтэн сµ´µ³ххэ тахсан истэ±ин аайы айымньыны ылынар дьо±ура дири²ээн, эстетическэй та´ым²а тиийэн, µрдµк култууралаах аа±ааччы, айааччы буолан тахсар кэри²²э тиийэригэр тускуланыахтаахпыт. Оччо±уна эрэ µ³рэнээччи дири²ник ыатаран оло±у мындырдыыр, уобарастаан, айан, ырытан толкуйдуур, тµмµктэри о²орор кыахха тиийиэн с³п, ол эбэтэр тус оло±ун ки´илии суолунан тутар, дьонун-сэргэтин оло±ун кэскиллэ´эр кыахтаах ки´и буоларыгар уус-уран литература олук охсор кыа±а сити´иллэр.

Программа сүрүн сыала кини соруктарын быһаарар, олортон сүрүнэннэринэн манныктары бэлиэтиибит:

 - ааҕыы култууратыгар дьулу´уу, аа±ааччыны иитии;  

         - уус-уран айымньыны о±о тус суолталаахтык (личностно значимое восприятие), эстетическэй та´ымынан ылынар дьо±урун сайыннарыы;

- т³р³³бµт норуотун духовнай кµµ´µнэн ийэ тыынын иитийэхтээбит сахалыы са²наах, айыы тыыннаах ки´ини иитии;

- бииргэ олорор, аймах, уруу омуктар (эбээн, эбэ²ки, юкагир, долган о.д.а.), нуучча уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын µтµ³ тыынын и²эриммит, норуоттар µтµ³, до±ордуу сы´ыанна´ыыларын – олох сайдыытын тутулгутун курдук ³йдµµр (поликультурнай) лично´ы иитии.

К³ст³рµн курдук, программа соруктара биир сµрµннээхтэр – уус уран литератураны ки´ини иитэр, сайыннарар, айааччы, чинчийээччи кэскиллээх эркээйитигэр киллэрэр, дьо²²о барытыгар ураты дьайар духуобунай, сырдык кµµс бы´ыытынан к³рµллэр.

Программа биир суол бэлиэ ³рµтµнэн ийэ литература кµµ´µнэн о±о ³й-санаа, ис турук ³ттµнэн сайдыыта – ки´и тас эйгэни ылынар кыа±ын бары ³рµттэрин тэ²инэн, табыгастаахтык дьµ³рэлээ´ини эрэйэр уратытын бол±омто киинигэр тутуу буолар. Ол инниттэн “баччаны билэр, оччону сатыыр, ону кыайар буолуохтаах” диэн ирдэбиллэри туруорбакка, µ³рэнээччи кылаастан кылааска аа±ар, ырытар, суруйар, айар, чинчийэр кыахтарын арыйыы, сайыннарыы олуктарынан уратыларын, ти´игин, методическай сµрµнµн сырдатарга холоннубут. Бу кэри²нэри бы´аччы программа ис хо´оонугар бол±омто±о ыларга дьулустубут.

Бырагыраама тутула уонна ис хоһооно. Бырагыраама тутула уонна ис хоһооно кини сыалын уонна соруктарын ситиһии тосхолугар эппиэттиир буолуохтаах.

Ааҕыы ньымаларын, култууратын баһылаабыт киһини иитиигэ дьулуур оҕо бэрт кыра сааһыттан төрүттэннэҕинэ ситиһиилээх буолар. Тиһиктээх үлэ сыала, соруктара маҥнайгы кылаастан саҕалаан кэскиллээхтик, оҕо өй-санаа, эт-хаан өттүнэн улаатан иһиитигэр дьүөрэлээн, сайдыы “кирилиэһин өрө дабайыы” тускулунан толкуйдаахтык, үөрэтии-иитии бары өрүттэрин сатабыллаахтык ханыылаан таҥнахха эрэ түмүгэ кэскиллэниэ. Ол инниттэн программа биир кэлим тиһигинэн уус-уран литератураны 1 кылаастан 9 кылааска диэри (сүрүн үөрэх), онтон 10-11 кылаастарынан (идэҕэ туһаайыылаах) ситэриллэн оҥоһулунна.  

Бырагыраама тутула үс  олуктаах:

1. Айыы киһитэ олук (өй-санаа тыллар олуга) - 5-6 кылаастар. Манна улаатан эрэр оҕо ис турук баһылыыр суолталаах (доминантнай) өрүтүгэр – бэйэтин киһи быһыытынан билинэр, дьонтон уратытын болҕойор, олоҕор бэйэтин ис санаалара, иэйиилэрэ (переживания) улахан быһаарар, кини таска көстөр дьайыыларын араас өрүттээхтик (үтүө, мөкү) салайар кыахтаахтарын билэбит. Онон, бу олукка ордук киһи ис туругун, уйулҕатын  дьайыыларын  сиһилиир, сырдык, кэскиллээх өттүгэр тардар айымньыларынан сирдэтэн оҥоруу көдьүүстээх. Биһиги ити суолу туһумурдуурга дьулустубут.

        Ааҕыы педагогикатынан, психологиятынан дьарыктанар биллэр ученайдар (Рубакин Н.А., Выготский Л.С., Жабицкая Л.Г., Левидов В.А., Никифорова О.И., Семенов В.Е., Столович Л.Н., Полозова Т.Д., Полозова Т.А.) бу кэрдиис кэми  оҕо уус-уран литератураны бэйэтигэр тус суолталаахтык, айымньы эстетическэй ис номоҕор киирэн, дириҥник ылынар кыаҕын сайыннарыыга ураты тоҕоостоох кэминэн билинэллэр. Улаатан эрэр оҕо  литератураҕа, уус-уран тылынан айар дьарыкка ордук аһаҕас, ылынымтыа буолара биллэр. Ол түгэни мүччү туппакка, иитэр-үөрэтэр үлэни айымньылаахтык дьаһаныы эрэйиллэр. Онон, учуутал ураты болҕомтотун уус-уран айымньыны ылыныыны тэрийии педагогическай, психологическай өрүттэрин таба салайан, ааҕааччыны иитэн таһаарыыга ууруохтаах.

Программа±а уус-уран айымньылары киллэрии µс суолунан о²о´улунна: аа±ыы уонна ырытыы (сµрµн); аа±ыы уонна сэ´эргэ´ии;  бэйэ аа±ыыта.

Бастатан туран, аа±ыы уонна ырытыы – бу сµрµн (минимум) буолар, си´илии аа±ыллар, ырытыллар айымньылар. Манна уус-уран ³ттµнэн э²килэ суох, дьи² тыл искусствотын кэри²эр киирбит, норуот би´ирэбилин ылбыт, норуот духуобунай, култуурунай, историческай ³йµн, традициятын билиигэ, и²эриниигэ тускулаах  айымньыларынан та²ылынна;  

Икки´инэн, аа±ыы уонна сэ´эргэ´ии сµрµ²²э киирбит айымньыга жанр, тема, ис хо´оон, эстетическэй, духуобунай кэри² бы´ыытынан чугас, атылыы эбэтэр ураты к³рµµлэри куо´ар айымньыларынан та²ылынна. Бу айымньылары аа±ыы уруокка да, кылаа´ы та´ынан да ыытыллыан с³п, уратыта сµрµ²²э киирбит, си´илии ырытыллар айымньы кэрэ´элиир, кэскиллиир санааларын, иэйиилэрин кэ²этэр, дири²этэр аналлаахтар. “Сэ´эргэ´ии” диэнинэн анаан ырытыыны ыыппакка, сµрµ²²э киирбит айымньыны ырытыыга сы´ыаран, кэпсэти´ии сиэринэн ту´аныыны бэлиэтээтибит.

 ¥сµ´µнэн, бэйэ аа±ыыта – бу икки инники испии´эккэ киирбит айымньыларга эмиэ  жанр, тема, ис хо´оон, эстетическэй, духуобунай кэри² бы´ыытынан чугас, атылыы эбэтэр ураты к³рµµлэри куо´ар айымньыларынан та²ылынна.

¥´µс испии´эк  кылаа´ы та´ынан аа±ыыны тэрийиигэ, о±о бэйэтэ аа±ыытын уруогу кытта ситимниир, биир тыынныыр  сыаллаах бэрилиннэ. Бу толкуйу кылаа´ы та´ынан аа±ыыны хайаатар да бу айымньыларынан ыытыллыахтаах диэн бы´аччы ³йд³³б³кк³, айымньылаахтык, бэйэ кыа±ынан, библиотекаларга туох литература баарынан уларытан, о±о тус уратытын, ба±атын учуоттаан  ыытыллара ³йд³н³р.

Программа±а сорох тµгэннэргэ, холобур, мифтэри, оло²хону, о´уохайы о.д.а. µ³рэтиигэ “аа±ыы уонна сэ´эргэ´ии” уонна “бэйэ аа±ыыта” испии´эктэр ыйыллыбтылар, ол айымньы тус уус-уран уратытыттан, кээмэйиттэн тутулуктаах. Бу тµгэ²²э учуутал бэйэтэ тус аймньыны салгыы ситэрэн, талан аа±ыыны тэрийэрэ оруннаах буолуо.

Учуутал программа±à:

- бэйэтин к³рµµтµнэн биирдиилээн айымньылары (темалары) µ³рэтии ти´игин хамсатан, атаста´ыннаран биэриэн с³п;

- то±оо´унан к³р³н, сорох айымньылары олуктан атын тµ´µмэххэ к³´³рµ³н с³п;

- “аа±ыы уонна сэ´эргэ´ии”, “бэйэ аа±ыыта” салааларга киирбит били²²и литература айымньыларын, педагогическай, психологическай к³дьµµ´µнэн бы´ааран, атын айымньыларынан уларытыан с³п;

-  àéûìíüûëàðы µ³рэтиигэ анаммыт чааcòàðû бэйэтин к³рµµтµнэн уларытан биэриэн с³п.

Программаҕа уус-уран айымньыны талан киллэрии сүрүн сыалга, соруктарга эппиэттиир  ирдэбиллэргэ тирэҕирдэ:

- уус-уран өттүнэн эҥкилэ суох, дьиҥ тыл искусствотын кэриҥэр киирбит, норуот биһирэбилин ылбыт, норуот култуурунай, историческай өйүн, традициятын билиигэ, иҥэриниигэ тускулаах  айымньыларынан;  

- ис хоһоон өттүнэн киһини сырдыкка, кэскиллээххэ куоһар, өй-санаа арыллыытын, иэйии, уйулҕа чэбдигириитин тускулуур гуманистическай, духуобунай тыыннаах айымньыларынан;

- үөрэнээччилэр саастарынан сүрүннүүр уратыларыгар, уус-уран литератураны ылыныы психологическай кэриҥнэригэр эппиэттиир айымньыларынан;

- бииргэ олорор, аймах, уруу омуктар (эбээн, эбэҥки, юкагир, долган о.д.а.), россия норуоттарын  чулуу айымньыларын уонна Аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын үтүө тыынын кытта алтыһыннарыыга тускулаах айымньыларынан.  

        Литературнай билии, дьоҕур сайдыытын тускула. Программа хас биирдии олуга, темата хайаатар да литература теориятын кытта ситимнээх. Ол эрээри литература историятын, теориятын биллэрэргэ дьулуур,  уус-уран айымньыны о±о тус суолталаахтык, эстетическэй кэри²инэн ылыныытын  кµ³нтµ³ суохтаах. Айымньы уус-уран кэрэтин, дири² ис номо±ун µ³рэнээччилэр ылыныыларын сµрµннээн, сити´эн эрэ баран, маны суруйааччы ханнык ньымаларынан ча±ылхай уобарас о²орон ойуулаан би´иэхэ тиэрдибитин ырытыы о²о´уллара сиэрдээх, дидактическай ³ттµнэн олохтоох. Суруйааччы ³йµгэр-сµрэ±эр оргуйбут санаатын, иэйиитин, дуу´атын ыарыытын, ырыатын уус-уран айымньы о²орон уран тылынан ойуулаан аа±ааччыга тиэрдэр. Ону баара айааччы ол сµдµ  духуобунай кµµ´µн литература теориятын ырытыы, ону хайдах ту´аммытын бы´аарыы суолунан айымньыны ырытыыны систээн, умулларан, туора тардан кэби´эр µгэстээхпит. Онтон сэрэниэххэ наада.

        Саха литературатын үөрэтиигэ  Россия норуоттарын литератураларын кытта алтыһыннарыы суола тиһиктээхтик киириитэ ФГОС ирдэбилигэр эппиэтиир...

6  кылааска саха литературатын үөрэтии

түмүк ситиһиитэ.

1. Аа±ар дьо±уру сайыннарыы. Уус-уран айымньыны тус суолталаахтык ылыныы оло±уруута. 5 кылааска са±аламмыт уус-уран тыл ис номо±ун, уйул±атын о±о билгэлиир, бы´аарар, ырытар кыахтара сайдар, µ³рµйэх оло±урар та´ыма сити´иллэр. Уус-уран литератураны ылыныы эстетическэй кэри²э кµµ´µрэр.  Онон, 6 кылааска о±о:

- айымньылаах аà±ûû ньымаларын ба´ылыыр, ³йт³н хо´оонноохтук аа±ыынан дьарыктанар;

- уус-уран айымньыны аа±ыынан умсугуйар, аа±ыыга тардыстар, уус-уран айымньыны ырытыыга, кэпсэтиигэ ба±атыйан кыттар.

2. Са²арар са²аны сайыннарыы. О±о тылынан ситимнээх са²атын ти´иктээхтик сайыннарыы. 6 кылааска µ³рэнээччи 5 кылааска ылыммыт µ³рµйэхтэрин салгыы сайыннарыы сити´эллэр. О±о кэпсээ´ин араастарын барытын ба´ылыыр. ¥³рэннээччилэр уус-уран персонажтары ылыныылара чопчуланар, саба быра±ан туох, хайдах буолбутун кэпсээ´ининэн му²урдаммакка, герой майгытын, иэйиилэрин, дьайыыларын т³рµ³ттэрин бы´ааран, ырытан, ол эбэтэр т³рµ³т уонна к³стµµ, бы´ыы-майгы ситиминэн кэпсэтиигэ кыттыы дьо±урун ба´ылыыллар. Бу кэмтэн, проблемнай ырытыы, диалог, дискуссия, ол эбэтэр о±о са²атын дьону кытта алты´ыыга таба ту´анарыгар кыах биэрэр ньымалары и²эриллэр.  

3. Суруйар дьо±уру сайыннарыы. Айар, айымньылаах ньымаларынан сурук тылын салгыы сайыннарыы. Мэтириэт, герой характеристиката, уус-уран ньымалары бы´аарыы, бэйэ µлэтигэр ту´аныы, кыра кэри²нээх айар уонна ³йт³н суруйар дьо±урга сы´ыарыы сити´эллэр. Литература теориятыттан ылбыт билиитигэр тирэ±ирэн,  биирдиилээн о±о айымньы сюжетын, геройдарын ырытар, чинчийэр кыахха тиийэр.

4. Литературнай билиини, дьо±уру сайыннарыы.  Норуот тылынан уус-уран айымньытын, к³рµ²нэрин ту´унан ³йд³бµлµ дири²этии. Фольклор айымньытын к³рµ²нэринэн тылынан уобара´ы айыы ньымаларын били´иннэриини дири²этии: гипербола, уус-уран бытархай, историческай сюжет, номох, аллитерация, ассонанс, хатылаа´ын, ханарытыы, аллегория, уус-уран быһаарыы, тэ²нэбил, метафора.  

Норуот тылынан уус-уран айымньыта уонна уус-уран литература ситимэ. Автор (суруйааччы) ту´унан ³йд³бµлµ дири²этии. Уус-уран айымньы сюжета, сюжет олуктара (элеменнэрэ), айымньы композицията.

Герой, персонаж ту´унан бастаа²²ы ³йд³бµлµ дири²этии: ки´и - уус-уран литература сµрµнэ, мэтириэт, герой тыла-³´³, ис турук, уйул±а, дьайыы. уобарас, уобарастар ти´иктэрэ, диалог, монолог, олонхо геройа, остуоруйа геройа, легендарнай (историческай) герой, кэпсээнинэн айымньы геройа, драматическай герой, лирическэй герой.

 №

Тиэмэ аата

Чааһа

Уруок сүрүн ис хоһооно

(үөрэнээччи үлэтэ)

Бэлиэтээһиннэр

Күнэ-дьыла

(былаа

нынан)

Күнэ-дьыла

(үөрэтил

либитинэ)

1

Аа5ыы  - киһи сайдыытын сүрүнэ.

1

Кинигэ – саамай күндү кылааты, билиини биэрээччи. Кинигэ киһи оло5ор суолтатын туһунан кэпсэтии, санаа атастаһыыта.

02.09

I. Норуот өркөн өйө,

ытык тыла – олох укулаата

17 чаас

Номохтор, сэһэн, үһүйээн

4 чаас

2

Норуот тылынан уус-уран айымньыта.

Номохтор, сэһэн, үһүйээн.

1

Аа5ыы, ырытыһыы. Фольклор көрүңнэрин, сүрүн ис хоһоонун, тар5анар уратытын санатыһыы. Норуот сэһэнин өйдөбүлүн билии. Сэһэн арааһа: ист-й сэһэн, ураты дьо5урдаах дьон туһунан сэһэн, итэ5эл сэһэнэ.

06.09.

3

«Майа5атта Бэрт Хара» норуот сэһэнэ.

1

Аа5ыы. Авторы батыһа ырытыы.

09.09

4

«Майа5атта Бэрт Хара – ураты күүстээх, быһый боотур» (түмүктүүр уруок)

1

Майа5атта уобараһын оңоруу. Айымньы ис хоһоонун билиигэ тургутук. Хрестоматия 25 стр. сорудахтарыттан талан оңоруу.

13.09

5

Омо5ой баай уонна Эллэй Боотур

1

Аа5ыы. Авторы батыһа ырытыы.

16.09

Ытык тыл – алгыс тыл

2 чаас

6

Алгыс. Ыһыах алгыһа.

1

Алгыс өйдөбүлүн, уратытын кытта билсии. Уус-уран тылын күүһэ, иччилээ5э-илбистээ5э. Айыл5а сүдү күүһүгэр үңүү-сүктүү, итэ5эл көстүүтэ. Ыһыах алгыһын аа5ыы.

20.09

7

«Аал уот алгыһа», «Балыксыт алгыһа»

1

Алгыстары  аа5ыы. 39 стр. сорудахтары толоруу. Алгыс суруйан кэлии.

23.09

        Олоңхо

11 чаас

8

Олоңхо өйдөбүлэ. С.Васильев-олоңхоһут-суруйааччы.

1

Олоңхо өйдөбүлүн кытта уонна С.Васильевы олоңхоһут-суруйааччы быһыытынан билсии. Учуутал кэпсээниттэн сурунуу.

27.09.

9

С.Васильев «Эрчимэн Бэргэн» олоңхото.

1

Аа5ыы, авторы батыһа ырытыы. Олоңхо классическай  тутулун  кытта билсии.

30.09.

10

Эрчимэн Бэргэн Уот Урбалдьыны кытта охсуһуута.

 1

Олоңхо уобарастарын ырытыы.

04.10.

11

Олоңхо ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалара.

 1

«Эрчимэн Бэргэн» олоңхо ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар практическай үлэ. Олоңхо ойуулуур-дьүһүннүүр ньыматын арааһын кытта билсии: тэңнээһин, эпитет, детализация, гипербола.

07.10

12

«Эрчимэн Бэргэн» олоңхо5о айыы бухатыырын уобараһа. Өйтөн суруйуу.

1

Бииргэ оңоһуллубут былаанынан өйтөн суруйуу.

11.10

13

«Эрчимэн Бэргэн – уол о5о чулуута, киһи кэрэмэһэ» (түмүктүүр уруок)

1

Олоңхо ис хоһоонун билиигэ сорудахтары толоруу.

14.10

14-17

П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» олоңхото

4

Аа5ыы, авторы батыһа ырытыы. Сөбүлээбит түгэңңэ уруһуй. Дьырыбына Дьырылыатта уобараһын оңоруу.

18.10

21.10

25.10

28.10

18

«Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» олоңхо5о түмүктүүр уруок.

1

Олоңхо ис хоһоонун билиигэ сорудахтары толоруу.

08.11

II чиэп.

II. Уус-уран литература.

Олох туллар тутаахтара.

7 чаас

19

Уус-уран литература көрүңнэрэ.

1

Эпос, лирика, драма көрүңнэрин кытта билсии. Талбыт жанрга бэйэ айымньытын суруйуу.

11.11

20

Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа «А5а»

1

Айымньыны аа5ыы, авторы батыһа ырытыы. Дьөгүөрдээн уобараһын оңоруу. 115 стр. соруда5ын толоруу.

15.11

21-23

С.С.Маисов «Ийэм кэпсиир»

3

Айымньыны аа5ыы, авторы батыһа ырытыы. Хрестоматия сорудахтарыттан талан толоруу.

18.11

22.11

25.11

24

С.П.Данилов «Ийэ барахсан»

1

Айымньыны аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

29.11

25

«Эркин курдук эрэнэр дьоммут - төрөппүттэрбит» (түмүктүүр уруок)

1

Ийэ эбэтэр а5а туһунан өйтөн суруйуу.

02.12

Төрөөбүт сир ытык өйдөбүлэ

6 чаас

26

А.А.Иванов-Күндэ «Кии сыта» хоһоонугар төрөөбүт төрүт буорга таптал.

1

Хоһоонноохтук аа5ыы. Хоһоон этэр ис санаатын быһаарыы, суолталаах кэрчигин булуу. Өйгө үөрэтии.

06.12

27

Н.А.Лугинов «Нуоралдьыма чараңар» сэһэниттэн быһа тардыы.

1

Аа5ыы, ырытыһыы. Сэһэңңэ айыл5аны ойуулааһын, дьүһүйүү (пейзаж) уус-уран суолтата, ньымата. Ньургун уобараһын оңоруу.

09.12

28

«Нуоралдьыма чараңар» сэһэңңэ Ньургун эбэтин уобараһа.

1

Эбээ уобараһын оңоруу.

13.12

29

Н.А.Лугинов «Нуоралдьыма чараңар» сэһэнигэр төрөөбүт сиргэ таптал.

(түмүктүүр уруок)

1

Ыйытыыларга эппиэт. Айымньы ис хоһоонугар уруһуй. Айымньыга түмүк  суруйуу.

16.12

30

М.Д.Ефимов «Сахалыы» хоһооно.

1

Хоһоонноохтук аа5ыы. Хоһоон этэр ис санаатын быһаарыы, суолталаах кэрчигин булуу. Өйгө үөрэтии.

20.12

31

«Мин төрөөбүт дойдум» (түмүктүүр уруок)

1

Бэйэ оңорбут былаанынан өйтөн суруйуу.

23.12

Киһи үтүө майгыта, сиэрэ – олох сүнньэ

6 чаас

32

«Куоратчыт» кэпсээңңэ революция иннинээ5и саха киһитин оло5о-дьаһа5а, кыһал5ата.

1

Олох-дьаһах туһунан кэпсээн өйдөбүлэ. Авторы батыһа ырытыы.

27.12

33

«Куораччыт» кэпсээңңэ Уһун Ыстапаан уобараһа.

1

Уобараһы ырытыы. Айымньыга түмүк суруйуу.

10.01

III чиэп.

34

«Куһа5ан дьаллык – дьиэ кэргэн кыһал5атын төрдө» (түмүктүүр уруок)

1

Диспут урок. Проблемнай ырытыы.

13.01

35

С.А.Саввин - Күн Дьирибинэ «Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс» үгэтэ.

1

Үгэ өйдөбүлүн, бэлиэлэрин кытта билсии. Аллегория. Быһа тардыыны өйгө үөрэтии.

17.01

36

А.Е.Кулаковскай «Кэччэгэй баай» хоһооно.

1

Эргэрбит тыллары кытта үлэ. Хоһоон ойуулуур-дьүһүннүүр ньымаларыгар практическай үлэ.

20.01

37

«Түктэри майгы, тиэрэ быһыы» (түмүктүүр уруок)

1

Аахпыт айымньыларга көстөр түктэри майгылаах геройдары ырытыы, санаа атастаһыыта.

24.01

Өй, тулуур, дьулуур, таптал – киһи буолуу суола.

8 чаас

38

Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон «Чүөчээски» кэпсээнэ. (I чааһа)

1

Аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

27.01

39

«Чүөчээски» кэпсээн. (II чааһа)

1

Авторы батыһа ырытыы.

31.01

40

«Чүөчээски» кэпсээн. (III чааһа)

1

Авторы батыһа ырытыы.

03.02

41

«Чүөчээски» кэпсээн. (IV чааһа)

1

Чүөчээски уобараһын оңоруу.

07.02

42

«Чүөчээски» кэпсээңңэ а5а уонна о5о уустук сыһыаннара. (түмүктүүр уруок)

1

Дискуссия-уруок. Кэпсээн биһирэмнээх уонна омсолоох уобарастарын ырытыы. Талбыт тиэмэ5э өйтөн суруйуу.

10.02

43-44

С.И. Винокуров «Икки суол төрдүгэр»

2

14.02

17.02

45

«Төрөппүттэри кытары иирсээн» (түмүктүүр уруок)

1

Диспут уруок. Ырытыллар тиэмэлэр: Дьиэттэн бары төрүөттэрэ, уоруу, а5а уонна уол.

21.02

Айыл5а, киһи, истиң иэйии

6 чаас

46

В.М.Новиков- Күннүк Уурастыырап  

«Олох»  хоһоонно.

1

Хоһоону уус-ураннык аа5ыы, өйгө үөрэтии. Хоһоон олугун тутуһан хоһоон айарга холонуу.

24.02

47

Хоһоону ырытыы.

1

Хоһоону ырытыы оңкулун кытта билсии.

28.02

48

И.М.Гоголев-Кындыл «Махтанабын хоту кыраай»

1

Партитура көмөтүнэн хоһоонноохтук аа5ыы.

Лирика ойдөбүлэ.

03.03

49

П.А.Ойуунускай «Мимоза», «Татыйык ыллыыра» хоһоонноро

1

Хоһооннору аа5ыы, ырытыы.

07.03

50

В.Е.Васильев-Харысхал «Эһэм эһэтэ»

1

Аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

10.03

51

«Төрөөбүт айыл5ам кэрэ көстүүтэ» айар үлэ

1

Бэриллибит тиэмэ5э айар үлэ, хоһоон, кэпсээн, өйтөн суруйуу.

14.03

А5а дойду көмүскэлигэр

8 чаас

52

Т.Е.Сметанин «Егор Чээрин» сэһэнэ. «Булт».

1

Суруйааччы оло5ун кытта билсии. Сэһэн өйдөбүлэ, жанр уратыта, сюжета, тутула. Айымньыны аа5ыы, авторы батыһа ырытыы.

17.03

53

«Кимэн киирии»,  «Старшина Шагуров»

1

Авторы батыһа ырытыы.

07.04

IV чиэп.

54

«Өрүс уңуор», «Синиэлим, быраһаай!»

1

Авторы батыһа ырытыы.

04.04

55

«Снайпер саата», «Ыаллыы штабтар»

1

Авторы батыһа ырытыы.

07.04

56

Мин Чээриним.

1

Айымньы толору силигиттэн талбыт быһа тардыы ис хоһоонун кэпсээһин, ырытыы.

11.04

57

Т.Е.Сметанин «Егор Чээрин» сэһэнигэр саха саллаатын уобараһа.

1

Уобараһы оңоруу. «А5а дойду сэриитигэр – саха саллаатын уобараһа» өйтөн суруйуу.

14.04

58

И.Д.Винокуров-Ча5ыл5ан  «Герой туһунан ырыа» хоһооно.

1

Хоһоон форматын ырытыы.

18.04

59

И.И.Артамонов «Мин мантан сэриигэ барбытым»

1

Хоһоонноохтук аа5ыы, ыллыырга холонуу. «Саха саллаата» толкуй сурук.

21.04

Түөрт атахтаах до5отторбут

6 чаас

60-62

Н.А.Лугинов «Кустук»

3

Аа5ыы, ырытыы. Айымньы толору силигиттэн аа5ыы.

25.04

28.04

02.05

63-64

С.А.Попов-Тумат «Ымыылаах ыт»

2

Аа5ыы, ырытыы. Айымньы толору силигиттэн аа5ыы.

05.05

12.05

65

В.Е.Васильев-Харысхал «Тура5ааскы»

1

Аа5ыы.

16.05

Сыллаа5ы хатылааһын

3 чаас

66

Хатылааһын.

1

Айымньылар ис хоһооннорун, литература теориятын өйдөбүллэрин билиигэ тургутук ыйытыылар.

19.05

67

Хатылааһын.

1

Кылаас таһынан аа5ыы, айар дьо5уру сайыннарыы. Сыл устата ылбыт билиини тургутуу.

23.05

68

«Бу үөрэх дьылыгар сөбүлээбит айымньым» өйтөн суруйуу.

1

Быйылгы үөрэх дьылыгар ханнык айымньыны ордук сөбүлээн аахпытын туһунан өйтөн суруйар.

26.05

69

Түмүк уруок.

1

Сыллаа5ы түмүгү таһаарыы

30.05

1  уруок бырааһынньыкка түбэстэ. (Ыам ыйын 9 күнэ)


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Рабочая программа по родному языку и родной литературе 5 класс

Рабочая программа для родного русского языка...

Рабочая программа по родному русскому языку и родной русской литературе. 7 класс.

Программа по учебному предмету «Родной русский язык и родная русская литература» призвана научить детей рассматривать язык как материал словесности и произведения как явления искусства сло...

Рабочая программа по родному (татарскому) языку для учащихся 9 класса русской школы, изучающих татарский как родной

Рабочая программа по родному (татарскому) языку для учащихся 9 класса русской школы, изучающих татарский как родной...

Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы

Рабочие программы по родному языку и родной литературе, методические материалы...

Рабочая программа по родному русскому языку и родной русской литературе 5-9 кл.

Рабочая программа по родному русскому языку и родной русской литературе 5-9 кл. ФГОС...

Рабочая программа_Русский родной_5 класс

Рабочая программа_Русский родной_5 класс...

Рабочая программа по родной русской литературе 8,9,10 класс и родному русскому языку 7, 9 класс

Рабочая программа по родной русской литературе. Учебник: Александрова О.М. Аристова М.А. Беляева Н.В. Добротина И.Н. Критарова Ж.Н. Мухаметшина Р.Ф. Русская родная литература. 8 класс....