ороьуоспа остуоруйата
материал
«Таал-таал эмээхсин»остуоруйанан инсценировка
Скачать:
| Вложение | Размер |
|---|---|
| 27.54 КБ |
Предварительный просмотр:
«Таал-таал эмээхсин».
(Г.У.Эргис бэлэмнээбит саха остуоруйата.)
Кыттааччылар:
Таал-таал эмээхсин- Иван Слепцов
Ала Мођус- Матвей Фомин
Таал-таал эмээхсин уолаттара:
Харах-харах- Дэниель Матвеев
Кулгаах-кулгаах- Сандал Романов
Мурун-мурун- Юлиан Матвеев
Ођус (ынах)- Настя Фелегонова
Бөрө-Раиса Стручкова
Муус-
Күн-
Былыт-
Тыал-
Таас хайа-
Кутуйах-
Куоска-
Ыт-
Киһи-
Атрибуттар:
Ыа5ас
Туос Ньукуола
Мас Байанай
Талах олоппос
Кэлии
Төгүрүк остуол
Долбуур
Сиппиир
Күрдьэх
Уот
Уот анньар
Уолаттар макеттара
Экраҥҥа «Таал-таал эмээхсин» остуоруйа
«Ытык Көлүйэ» түөлбэ туруоруута сурук көстөр.
Диктор саҥата: Ытык-Көлүйэ түөлбэ туруоруутугар саха былыргы остуоруйата «Таал-таал эмээхсин». Остуоруйа Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун 2-с Наахара нэһилиэгин олохтоођо, биллиилээх олоҥхоһут Абрамов Николай Петрович-Кынат тылыттан Константинов Христофор суруйуутун Эргис Константин Устинович «Саха остуоруйалара» кинигэтигэр киллэрбитэ.
Экраҥҥа кыһыҥҥы кэм, балађан көстөр.
Былыыр-былыр Таал-таал эмээхсин олорбута үһү. Кини 3 уоллаах: улахан уол аата-Харах-харах, орто уол аата-Кулгаах-кулгаах, кыра уол аата-Мурун-мурун. Ађалара суох. Таал-таал эмээхсин ынахтаах, Ала Мођус диэн ыаллаах, чугас чөкө көлүйэлээх эбит.
Экраҥҥа балађан иһэ көстөр.
Көмүлүөк оһох. Туос, мас иһиттэр.
Ыа5ас, Туос Ньукуола, Мас Байанай
Талах олоппос, Кэлии, Төгүрүк остуол, Долбуур, Сиппиир, Күрдьэх
Уот, Уот анньар
Уолаттар макеттара
Таал-таал сүөгэйин ылан иирдэр. Ођолоро оонньуу олороллор.
Таал-таал: Ођолоор, таһырдьа тахсан көрө-истэ сылдьыҥ. Ити ыалбыт Ала Мођус бэрт дьикти киһи. Бу Ороһуоспа сађана биһигини, бука, сүгүн олоппото буолуо.
Уолаттар кыһаллыбакка оонньуу олороллор.
Таал-таал: Нохоо, Харах-харах уол, тахсан көр эрэ. Аны туох эмит алдьархай иһэрэ буолаарай.
Харах-харах тахсан көрүтэлээн баран төттөрү киирэр.
Харах-харах: Ийэкээм, сылгы саађын сађа туох эрэ хара төкүнүйэн иһэргэ дылы ээ.
Таал-таал: Бар эрэ, Кулгаах-кулгаах уол, тахсан иһиллээ эрэ. Аны туох эмит тыаһыыра буолаарай.
Кулгаах-кулгаах тахсан иһиллээн баран төттөрү киирэр.
Кулгаах-кулгаах: Ийэкээм, тыал тыаһыгар дылы тыас сыыгыныыр буолбут ээ. Таал-таал: Бар эрэ, Харах-харах уол, тахсан көр эрэ. Били төкүнүйэриҥ улааппыт дуу, кыччаабыт дуу.
Харах-харах тахсан көрүтэлээн баран төттөрү киирэр.
Харах-харах: Ийэкээм, тыһађас сађа буолбут ээ.
Таал-таал: Чэ, турума эрэ, Кулгаах-кулгаах уол! Тахсан иһиллии ођус. Тыаһа улахан дуу кыра дуу?
Кулгаах-кулгаах тахсан иһиллээн баран төттөрү киирэр.
Кулгаах-кулгаах: Ийэкээм, сыарђа тыаһын сађа буолбут ээ.
Таал-таал: Мурун-мурун уол, тахсан сытырђалаа эрэ.
Мурун-мурун тахсан сытырђалаан баран төттөрү киирэр.
Мурун-мурун: Ийэкээм, сыт-сыт бэрдиэн!
Таал-таал: Хайдах сытый?
Мурун-мурун: Кэҥэрдии сыта кэлэр ээ онтон
Таал-таал: Бар эрэ, Харах-харах уол көр, төһө улааппытый?
Харах-харах тахсан көрүтэлээн баран төттөрү киирэр.
Харах-харах: Сыарђалаах от сађа буолбут ээ, ийэкээм. Эчи арахпын даа…
Таал-таал: Бар эрэ, Кулгаах-кулгаах уол тахсан иһиллии ођус эрэ.
Кулгаах-кулгаах тахсан иһиллээн баран төттөрү киирэр.
Кулгаах-кулгаах: Ийэкээм, сир ньирилиир тыаһа иһиллэр.
Таал-таал: Тыый, бар эрэ, Мурун-мурун уол тахсан сытырђалыы ођс.
Мурун-мурун тахсан сытырђалаан баран төттөрү киирэр.
Мурун-мурун: Ийэкээм, арах-арах, тыый-тыый! Сыт да сыт буолбут…
Ону истээт уолаттар саһан хаалаллар.
Таал-таал эмээхсин ыађаһын бүрүнэн баран эмиэ саһар.
Ала Мо5ус сыыьыгыраан киирэн кэлэр.
Ким да суо5ун керер уонна туос ньукуоланы туура тардан ылан ыйытар:
Ала-Мо5ус: Таал-таал эмээхсин ханна барда, кэпсии о5ус!
Диктор саната: Билбэппин, билбэппин.
Ала Мо5ус хайа тардан сиргэ быра5ар. Мас Байанайы ылан ыйытар.
Ала-Мо5ус: Дьэ эрэ эт эрэ, Таал-таал эмээхсин ханна барда!
Диктор: Ээ билбэппин, билбэппин. Олорбото5о ер буолла.
Ала Мо5ус сиргэ элитэр. Кэлиини ылар.
Ала Мо5ус: Таал-таал эмээхсин ханна барда? Эйигин ылан лигийэрэ буолуо дии, эт эрэ.
Диктор: Эчи-эчии билбэппииин.
Ала Мо5ус быра5ан кэбиьэр. Остуолтан ыйытар.
Ала Мо5ус: Уунан-хаарынан, хатыылаах күлбүһэ5инэн сирэйгин-хараххын дэлби дьуккурута анньара буорлуо дии. Дьэ эрэ Таал-таал эмээхсин ханна барда?
Диктор: Суох-суох билбэппин. Дьукку аспата5а ер буолла.
Ала Мо5ус остуолу охсор уонна сапсыйан кэбиьэн баран долбууру ылар
Ала Мо5ус: Долбуур, долбуур, сиһин кэдэйиэр дылы иьит уурара буолуо, эт эрэ Таал-таал эмээхсин ханна барда?
Диктор: Ээ сах, мин билиэм дуо ону
Алаа Мо5ус то5о тардан сиргэ элээрдэр. Сиппиири ылар.
Ала Мо5ус: Бу эрэйдээ5инэн сири сиппийэн эрдэ5э, сирэйгин-хараххын дьаабылаата5а. Дьэ эрэ эт эрэ, Таал-т аал ханна барда?
Диктор: Миигин туппата5а то5ус хонно. Ол тухары ханна сылдьара буолла, билбэтим ээ.
Ала Мо5ус элээрдэн кэбиьэр. Курдьэ5и ылар.
Ала Мо5ус: Хата бу курдьэх эрэйдээх этиэ5э. Муостаны ньы5аччы анньан муннугун-уоскун бараан эрдэ5э. Дьэ Таал-таал ханна барда?
Диктор: Олох билбэппин, дуостал билбэппин.
Ала Мо5ус хайа үктээн быра5ар. Уокка кэлэн ыйытар
Ала Мо5ус: Дьэ эрэ аал уот кэпсээ эрэ. Таал-таал эмээхсин ханна барада. Ама эн билэр инигин?
Диктор: Букатын билбэппин, киэр буол мантан.
Ала Мо5ус уоту ыьан кэбиьэр. Үөттүрэ5и ылар
Ала Мо5ус: Һии, бу эрэйдээ5и сиэбитин керун! Сирэйин-хара5ын уокка сиэтэн бутэрбит дии. Маннык буола-буола эн эмиэ билбэт, кэпсээбэт инигин Таал-таал ханна барбытын?
Диктор: Кырдьык-кырдьык миигин уокка кэрээн бутэрдэ. Тумсубун-уоспун икки еттубуттэн уокка анньар. Мин этиэм, билэбин Т аал-таал эмээхсин ханна баарын. Уолаттарынаан эйигиттэн саспыта. Харах-харах уол хаба5алга, Кулгаах-кулгаах уол сулгаахха, Мурун-мурун уол муннукка буолуохтара. Таал-таал эмээхсин бэйэтэ ыа5астаах суегэйин кэтэн баран бе5угэр сытара буолуо.
Ала Мо5ус тула керер, кердуур. Уолаттары биир-биир булан ыйыстан кэбиьэр. Таал-таал эмээхсин ыа5айатын Ала Мо5уска быра5аат куотар. Ала Мо5ус эккирэтэр.
Экранна кыьын, куел мууьа кестер.
Таал-таал эмээхсин куотар, Ала Мо5ус эккирэтэр, тула суурэллэр. Ала Мо5ус сыыьа -халты харбыыр, ол иьэн халтарыйан кэтэ5инэн баран туьэр, кэтэх тыаьа тас гынар. Тураары гынан истэ5инэ илиитэ-ата5а мууска хам сыстар. Таал-таал куотан ыраахтан саьан кере турар.
Ала Мо5ус:Айкабын даа, Таал-таалы тутаары бу буоллахпын. Мууска хам ыллардахпын кербеккует! Муус-муус бэккин дуо?
Муус бытааннык ааьан иьэр: муус-муус бэрдим ханна барыай?
АМ: Муус муус бэрт буолларгын кун-кун то5о уулларарый?
Муус: Кун-кун бэрт буолла5а эбээт.
АМ: Кун кун бэркин дуо?
Кун ааьар: кун кун бэрдим ханна барыай?
АМ: Кун кун бэрт буоллаххына былыт былыт то5о хаххалыыр?
Кун: Былыт былыт бэт буолла5а эбээт.
АМ: Былыт былыт бэркин дуо?
Былыт: Былыт былыт бэрдим ханна барыай?
АМ: Былыт былыт бэт буолларгын тыал-тыал то5о уурэрий?
Былыт: Тыал тыал бэрт буолла5а дии
АМ: Тыал тыал бэркин дуо?
Тыал: Тыал тыал бэрдим ханна барыай?
АМ: Тыал бэрт буолла5ына таас хайа то5о хаххалыыр?
Тыал: Таас хайа бэрт буолла5а дии.
АМ: Таас хайа бэккин дуо?
Таас хайа: Таас хайа бэрдим ханна барыай?
АМ: Таас хайа бэрт буолларгын кутуйах то5о супту суурэрий?
Таас хайа: Кутуйах-кутуйах бэт буолла5а.
АМ: Кутуйах-кутуйах бэкки н дуо?
Кутуйах: Кутуйах кутуйах бэрдим ханна барыай?
АМ: Кутуйах бэт буолларгын то5о куоска тутан сиирий?
Кутуйах: куоска куоска бэт буолла5а.
АМ: Куоска-куоска бэккин дуо?
Куоска: Куоска куоска бэрдим ханна барыай?
АМ: Куоска куоска бэт буолларгын то5о ыттан куттана5ыный?
Куоска: Ыт ыт бэт буолла5а.
АМ: Ыт ыт бэкиин дуо?
Ыт: Ыт ыт бэрдим ханна барыай?
АМ: Ыт ыт бэт буолларгын то5о киьи киьи тутан баайарый?
Ыт: Киьи киьи бэт буолла5а
АМ: Киьи киьи бэккин дуо?
Киьи: Киьи киьи бэрдим ханна барыай?
Ала Мо5ус мууска хам тонон елен хаалар. Таал таал кэлэн тэбиэлээн керер.
Таал: Хайыа, хам тонон елен хаалла дии. О5олорум, уолаттарым хайдах буолаллар?
Таал таал ытыы ытыы барар, бере киирэр.
Бере: Таал таал эмээхсин, то5о ытаатын?
Таал: Ээ ытаан буолла5а, киьи аатыттан ааьан иьэбин.
Бере: Ол туох буолла?
Таал: Ала Мо5ус 3 уолбун сиэн кэбистэ. Бэйэбин сиэри гыммытын келуйэбэр киирэн куотан истэхпинэ эккирэтэн иьэн мууска халтарыйан охтон елен хаалла. Аны мин уолаттарбын туох быыьыай? Ыыы-ыыый-ыыый. Туо субэлиирдээххин, субэлээ
Бере: Ээ чэ санаар5аама, тугу эмит тобулуохпут. Баран керуеххэ эрэ. Ми н кемелеьуем. Дьэ мин да Ала Мо5уьу ситиьиэм этэ. Кэлэр-барар с уолбар маныыр этэ.
Тиийэн кереллер. Бере тардыалаан керер, онтон аьыытынан Ала Мо5ус иьин хайа тардар. Уолаттар ойон тахсаллар, Таал таал эмээхсин уерэн дьиэрэнкэйдиир, уолаттарын кууьан сыллыыр, берену илиитин тутуьар, махтанар.
Уолаттарын ойбонно сууйан тараан кэбиьэр.